«Сүрдээх уустук саас иһэр диэн дьискинэ саныыбыт. Хаар саппааһа элбэҕин таһынан, өрүстэр муустара халыҥаата», – диэн Уу ресурсаларын федеральнай агентствотын Өлүөнэ сүнньүнээҕи ууга управлениетын салайааччы Иннокентий Андросов иһитиннэрдэ.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Аны икки ыйынан өрөспүүбүлүкэ өрүстэрэ муус болгуоларыттан босхолонон барыахтара. Күнү-дьылы билгэлээччилэр сорох учаастактарынан муус харыыта үөскүөҕүн билгэлииллэр. «Кулун тутар саҥатыгар саас маннык буолуо диэн этэр уустук. Гидрометеосулууспа официальнай билгэлээһинин муус устар 15 күнүгэр биэрэр. Ол эрээри, уу тэрилтэтэ буоларбыт быһыытынан, биһиги бэйэбит сабаҕалааһыннарбытын оҥоробут. Дьыл хайдах буолара эрдэттэн биллэр. Өлүөнэ өрүс туһунан этэр буоллахха, биэс нэһилиэнньэлээх пууннар анныларынан муус хаһааҥҥытааҕар даҕаны халыҥаата. Ол иһигэр Дьокуускай, Хаҥалас, Нам улуустарын аннынан. Былырыын 1 миэтэрэ буоллаҕына, быйыл миэтэрэттэн таҕыста», – диэн Иннокентий Михайлович бэлиэтээтэ.
Былырыын өрөспүүбүлүкэ өрүстэригэр мууһу хараардыы, эрбээһин үлэлэрэ күүскэ ыытыллан, Уу ресурсаларын федеральнай агентствотын Өлүөнэ сүнньүнээҕи ууга управлениетын чахчыларынан, Өлүөнэ уонна Халыма өрүстэргэ харыы тахсыан сөптөөх сирдэринэн 50-тан тахса учаастакка мууһу кэбирэппиттэрэ. Мууһу кэбирэтиигэ Россия Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин института бигэргэппит ньымаларын туһанан үлэлииллэр. Бу саас эмиэ кутталлаах учаастактарынан мууһу хараардыы, эрбээһин үлэлэрэ муус устартан ыытыллан барыахтаах.
Ордук хоту улуустарыгар хаар саппааһа элбээн, ыксаллаах быһыы-майгы үөскүү сырытта. Аны мантан саас хаар ууллан, өрүстэри толордоҕуна, хоту сир олохтоохторугар балаһыанньа кытаатыан сөп.
Бүгүҥҥү туругунан халаан уута ылыан сөптөөх нэһилиэнньэлээх пууннарыгар сүүһүнэн тыһыынча кэриҥэ киһи олорор.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/