Үгүлээт сиригэр аракыата тобохторо хас да сиринэн түстүлэр (видео)
28.11.2017
Аракыата тобохторо Алдан уонна Бүлүү улуустарыгар хас да сиринэн түстүлэр.
edersaas.ru
Былырыын Бүлүү улууһун Үгүлээт сиригэр түспүт тобохтор тулалыыр эйгэҕэ буортута суохтара быһаарыллыбыта. Бу сырыыга олохтоохтор эмиэ аракыата көтүүтүн сэҥээрэн, 14 чаас 40 мүнүүтэҕэ халлааны одууластылар.
Тобохтору көрдөөһүн сарсыҥҥыттан саҕаланыахтаах. Билигин Үгүлээккэ «Роскосмос», СӨ Доруобуйа харыстабылын, Айылҕа харыстабылын министиэристибэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ, быыһааччылар үлэлииллэр.
«Эдэр саас» сайтка нэһилиэк олохтоохторо аракыата көтүүтүн видеоҕа устан ыыттылар.
Хаартысканы СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ ыытта.
Анивера Акимова, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1