Үгүлээккэ “Бураанынан” параадтаатылар

Бөлөххө киир:

Арассыыйа уонна Украина сыһыаннаһыыларыгар  биир дойдулаахтарбыт бииргэ түмсүөҕүҥ диэн ыҥыраллар, араас аахсыйалары тэрийэллэр.

Бүгүн, муус устар 6 күнүгэр, Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгин олохтоохторо «Биһиги Арассыыйа туһугар!” диэн ураты, бэртээхэй аахсыйаны тэрийдилэр.

Уратыта диэн олохтоох эр дьон “Бурааннарыгар” Арассыыйа былааҕын иилинэн баран, нэһилиэк  киин уулуссатынан параадтаатылар.

Санатар буоллахха, Үгүлээт Бүлүү улууһун кииниттэн 200-тэн тахса км ыраах сытар, Үөһээ Бүлүү, Өлөөн уонна  Эдьигээн улуустарын кытары кыраныыссалаһар.

Нэһилиэк баһылыга Октябрь Лукин: “Бу тэрээһини бары түмсүүлээх буолуохтаахпыт диэн санаанан салайтаран тэрийдибит. Арассыыйа уонна Украина сыһыаннаһыыларыттан арҕаа дойдулар араас хабааннаах сааҥсыйалары киллэрэллэриттэн уонна сымыйа сураҕы тарҕаталларыттан биһиги адьас куттаныа суохтаахпыт. Бүгүҥҥү тустаах тэрээһиҥҥэ “Бураан” көлөлөөх  40-тан тахса эр дьон кытыннылар. Түгэнинэн туһанан, биир дойдулаахтарбар махталбын тиэрдэбин.  Саха сирин ытык-мааны олохтоохторо, бу уустук кэмҥэ  уолуйбакка, ыгылыйбакка, бары түмсүүлээх буолуоҕуҥ диэн  нэһилиэгим олохтоохторун ааттарыттан ыҥырабын. Биһиги күүспүт — түмсүүгэ!”, — диэн санаатын үллэһиннэ.

edersaas.ru

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0