Фёдор Толстоевскай сэдэх дьарыга

Ааптар: 
11.04.2021
Бөлөххө киир:
Closeup of woman's hand writing on paper over wooden table

Эһиил төрөөбүтэ 120 сыла туолар суруйааччы Евгений Петров үбүлүөйүн көрсө.

Сорох кинигэлэргэ “Евгений Петров 1903 сыллаахха Одессаҕа төрөөбүтэ” диэн суруллар. Кини, дьиҥэ, оҕо буолан орто дойдуга оройунан түспүт даатата 1902 сылга сэтинньи 30 күнэ. Ол эрэн, докумуоннарыгар 1903 сыл сурулла сылдьара. Ити манныктан этэ.

Убайа Валентин Катаев ыраахтааҕы аармыйатын эпписиэрэ буоларын быһыытынан, сэбиэскэйи утары саагыбарга уорбаланан, 1920 сыллаахха тутуллубута. Евгенийи, быраата буоларынан, “баҕар, кыттыгастаах буолуо” диэннэр, Одесса чэкиистэрэ эмиэ туппуттара.

Валентин быраатыгар: “Сааһыҥ кыра диэн буруйгун чэпчэтиэхтэрэ”, — диэн, биир сылы көҕүрэттэригэр сүбэлээбитэ. Онон доппуруоска Евгений: “1903 сыллаах төрүөхпүн”, — диэн эппитэ.

Сотору ини-биилэр, буруйдара суоҕун быһыытынан, босхоломмуттара. Ол эрэн, Евгений Катаев итинтэн ыла бэйэтин биир сылынан эдэр курдук суруйар буолбута. Хаайылла сылдьыбытын хаһан да ахтыбат этэ. Хата, ол оннугар милииссийэҕэ үлэҕэ киирбитэ.

Биирдэ, үлэтин чэрчитинэн, аты уорар дьарыктаах киһини туппута. Ол Александр Козачинскай – гимназияҕа Евгений бииргэ үөрэммит доҕоро – этэ. Александр уонна Евгений, оҕо сылдьан, бэрт иллээх этилэр. өрүү доҕордуу буоларга андаҕайсыбыттара. Оттон улаатан баран, опер Евгений баанда баһылыга буолбут Сашаны туппута.

Козачинскайы суут ытарга уурбута. Онуоха үрдүкү суукка Александр Козачинскай бириигэбэрин сымнатарга көрдөһүү суруйан баран, Евгений милииссийэттэн уурайбыта.

Дьыала хаттаан көрүллэн, Козачинскай бириигэбэрэ лаппа сымнаабыта. Кэлин Александр Козачинскай көнөн, буруйун боруостаан, биллиилээх сэбиэскэй суруйааччы буолбута. Кини “От күөх фургон” диэн киэҥник биллэр сэһэнигэр Красавчик диэн бөрөстүүпүнньүгү Володя Патрикеев диэн угрозыск отделын начаалынньыга тутара кэпсэнэр. Таайдыгыт ини, кимнээҕи суруйбутун? Кириитиктэр бэйэтин уонна Евгений Петрову ойуулаабыт дииллэр.

Милииссийэттэн уурайан баран, Евгений Одессаттан Москубаҕа биллэр суруйааччы буолбут убайыгар Валентин Катаевка барбыта.

Валентин Петрович быраатыгар суруйар идэҕэ сыстарыгар сүбэлээбитэ. Евгений Катаев «Красный перец» сурунаалга үлэлээн саҕалаабыта.

“Саҥа саҕалаан эрэр үлэһиттэн (Петров) олус түргэнник эрэдээксийэ тутаах үлэһитигэр кубулуйбута. Бэчээттиир тиэхиньикэни, эрэдээксийэлиир ымпыгы-чымпыгы, сурунаал олоҕун укулаатын олус түргэнник баһылыы охсубута (онто кэлин “Огонёк” сурунаал эрэдээктэрэ буолбутугар киниэхэ туһалаабыта). Хайдах эрэ тута, сурунаал (эрэдээксийэ) кини дьиэтин курдук буолбута”, — диэн Виктор Ардов кэлин суруйбута.

Убайа бөдөҥ суруйааччы буоларын быһыытынан, Катаев диэн араспаанньаны киниэхэ хаалларан, Евгений бэйэтигэр псевдоним толкуйдаммыта. 1924 сыллаахха Евгений Петров диэн ааттаммыта. Аҕатын аатын саҥа араспаанньа оҥостубута. Итинэн сибээстээн, саха биллиилээх суруйааччыта, тылбаасчыта Степан Феоктистович Софронов аҕатын аатын псевдоним гынан, Феоктист Софронов дэммитин санаан кэлиэххэ сөп.

Эдэр юморист Е. Петров “Гудок” сурунаалга бэчээттэммит “Гусь и украденные доски” диэн көрдөөх кэпсээнин ааҕааччылар тута сөбүлээбиттэрэ. Итинтэн ыла Евгений Петров фельетоннары, юмордаах, сатиралаах кэпсээннэри суруйан барбыта.

Эһэтин Василий Катаев аатын уларытан, эмиэ псевдоним гынан, Дон Бузильо диэн ардыгар илии баттыыра.

Евгений Петров элбэх псевдонимнана сылдьыбыта. Ол курдук, Собакевич,

Иностранец Фёдоров Е.П.,

А. Старосольскай,

Е. Петрович,

Ф. Толстоевскай,

Виталий Пселдонимов,

Франц Бакен-Бардов,

Коперник диэн кистэлэҥ ааттарынан суруйара.

Илья Ильф уонна Евгений Петров, ардыгар, Холодный философ диэн илии баттаан, кыттыһан сатираны суруйаллара.

Аан дойдуга аатырбыт, хас эмэ уонунан омук тылыгар тылбаастаммыт “12» стульев”, “Золотой телёнок” диэн Илья Ильфи кытта суруйбут  сэһэннэриттэн ураты, Евгений Петров драмалары, киинэ сценарийдарын суруйара. Холобур, Любовь Орлова оонньуур, сэбиэскэй киинэ классиката буолбут “Цирк” киинэни билбэт орто уонна аҕа саастаах киһи биһиги дойдубутугар суоҕа буолуо. Ити киинэ сценарийа Петров уруучукатыттан кырылаан тахсыбыта.

1938 сыллаахха Евгений Петров “Огонёк” сурунаал кылаабынай эрэдээктэринэн анаммыта. Сурунаал ааҕааччы киэҥ араҥатыгар тиийэригэр Евгений Петров элбэх сыратын уурбута.

Оҕо сылдьан, кыратыгар, Женя Катаев чугас доҕордооҕун туһунан дьонноругар кэпсиирэ. Ол доҕорун дьиэлээхтэрэ көрбөт этилэр, тоҕо диэтэххэ, кинини кырачаан уол өйүттэн айбыта. Женя ол атаһынаан кэпсэтэрэ, бииргэ оонньуура. Сахалар былыр итинник “көстүбэт табаарыһын” кытта оонньуур оҕону “чөчүөккэни кытта бодоруһар” диэччилэр. Оттон нууччалар “барабашканы, домовёногы кытта оонньуур” дииллэр.

Женя аҕата, Петр Васильевич Катаев юнкердар училищеларын преподавателэ, уолаттарын Валентины уонна Евгенийи кыраларыгар ааҕа, суруйа үөрэппитэ. Уолаттар ийэлэрэ, Екатерина Ивановна Катаева, талааннаах пианистка, Женя биирдээҕэр суорума суолламмыта.

Ийэлэрин балта Елизавета Ивановна уолаттарга ийэлэрин солбуйан, Валялааях Женяны бэйэтин оҕолорун курдук улаатыннартаабыта, тус олоҕун оҥостубатаҕа. Аҕалара эмиэ олоҕун уолаттарын иитиигэ анаабыта, хаттаан кэргэннэммэтэҕэ.

Алта саастааҕар Женя: “Табаарыһым атын сиргэ барда. Киниэхэ сурук суруйуом этэ”, — диэбитэ уонна өйүттэн айбыт доҕоругар сурук суруйан, кэмбиэрдээн ыытан кэбиспитэ. Уонча хонон баран суруга төннөн кэлбитэ. Адресат булуллубатаҕын туһунан бэчээттээх, штемпеллэрдээх, атын мааркалар сыһыарыллыбыт бэйэтин суругун кэмбиэрин Женя сөҕө-махтайа көрбүтэ. Итинтэн ыла Евгений ураты хоббиламмыта: ханнык эмэ судаарыстыбаҕа куорат аатын, уулуссатын, дьиэтин нүөмэрин толкуйдуура, суруйуохтаах киһитигэр аат булара уонна сурук суруйан ыытара. Биллэн турар, суругун бакыата, өтөр буолаат, «аадырыстаммыт куорат (киһи) булуллубата» диэн бэлиэлээх төннөн кэлэрэ. Ол суруктарын кэмбиэрин мунньан, коллекциялыыра.

Петров эриэккэс хоббитын кэргэнэ Валентина Грюнзайд эмиэ кэрэхсиирэ. Ардыгар, хайа дойдуга, ханнык куоракка, ким диэн адресакка суруйарга сүбэ-ама биэрэрэ.

Олус дьикти сөп түбэһиилэр тахсаллара: сорох суругар харда кэлэрэ. Онно өйүттэн айбыт уулуссатыгар, ыйбыт дьиэтигэр олорор ыал: “Эн аадырыстаабыт киһиҥ манна олорбот. Баҕар, урут олорон баран, атын сиргэ көспүтэ буолуо”, — диэн суруйаллара.

Ити дьикти сөп түбэһиилэртэн сиэттэрэн, “Комсомольская правда” суруналыыһа Валерий Чумаков кэпсээн суруйбута. Ол онно маннык кэпсэнэр.

Евгений Петров биирдэ, 1939 сыл муус устарыгар суруйан көрө илик материгар — Австралияҕа – суруйарга былааннаммыта. Онтон атын материктартан барыларыттан суруктара төннөн кэлэн, кэмбиэрдэрин коллекцията сүрдээх дьоһун этэ.

Саҥа суругун Саҥа Зеландияҕа ыытарга былааннаабыта. Хайдбервилл диэн куорат аатын толкуйдаабыта. Уулуссатын Райтбич диэбитин истэн, кэргэнэ күлбүтэ. Буолумуна, нууччалыы ити “богатая сука (стерва)” диэн тылбаастанар ээ. Дьиэ нүөмэрин 7-с диэбитэ. Сурук аадырыстаммыт киһитин Мерилл Оджин Уэйзли диэн “сүрэхтээбитэ”. Суругун аангылыйалыы суруйбута.

“Күндү Мерилл!

Дьээдьэҕит Пит олохтон туораабытынан дириҥ кутурҕаммын биллэрэбин. Тулуй, кырдьаҕас. Өр суруйбакка сылдьыбыппын бырастыы гын. Ингрид этэҥҥэ ини диэн эрэнэбин. Мин ааппыттан кыыскын уураан ылаар. Кини, бука, улааттаҕа.

Эһиги Евгенийгит”.

Урут кэмбиэрдэрэ биир-икки нэдиэлэнэн эргиллэр эбит буоллахтарына, бу сырыыга хоруй мэлийбит. Арай, икки ыйтан ордук буолан баран, Евгений умнан-тэмнэн эрдэҕинэ, сурук кэлбит.

Ол эрэн, суруйааччы сөҕүөн иһин, бэйэтин кэмбиэрэ буолбакка, харда сурук буолан биэрэр. Хантан кэлбитин көрөн баран, Евгений тиэрэ кэлэн түһэ сыһар: Саҥа Зеландия, Хайдбервилл куорат, Райтбич уул. 7. Мерилл Оджин Уэйзли.

Кэмбиэр таһыгар Саҥа Зеландия, Хайдбервилл диэн хараҥа халлаан күөх штемпеллээх этэ.

“Күндү Евгений!

Кутурҕаҥҥын биллэрбиккэр махтал. Пит суорума суоламмытыттан биһиги сыл аҥаара оннубутун булбакка сырыттыбыт. Хойутаан хоруйдаабыппын бырастыы гыныаҥ диэн эрэнэбин. Эн биһиэхэ икки хоммуккун Ингриди кытта мэлдьи ахта-саныы сылдьабыт. Глория улаатта, сотору иккис кылааска барыаҕа. Кини эн Россияттан кэһиилэнэн аҕалбыт эһэ миискэ оонньуургун уура сылдьар” диэн суруйбут этэ Мерилл.

Дьиктитэ диэн, Евгений Петров Саҥа Зеландияҕа хаһан да сылдьа илик этэ.

Кэмбиэргэ суругу кытта хаартыска баара. Онно биир киппэ киһи… Евгенийи кууһан турара! Хаартыска кэннигэр “Алтынньы 9 күнэ 1938 сыл” диэн суруктааҕа. Суруйааччы итини көрөн, мэйиитэ эргийбитэ.

Ити күн кини икки өттүнэн сэбиргэхтэтэн, өйө суох сыттаҕына, балыыһаҕа киллэрбиттэрэ эбээт! Кини балыыһаҕа хас да хонук олус ыарахан туруктаах сыппыта…

Сиэрэ суох сөп түбэһииттэн ороһуйбут суруйааччы Уэйзлига саҥа суругу суруйбута. Ол эрэн харда кэлбэтэҕэ: иккис аан дойду сэриитэ саҕаламмыта.

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии буолбутугар, Петров байыаннай кэрэспэдьиэнинэн ананан, сэриигэ барбыта.

1942 сыллаахха военкор Петров уочараттаах сорудахтан Севастопольтан Москваҕа көтөн испит сөмөлүөтүн Ростов уобалаһыгар  ньиэмэс зениитчиктэрэ суулларбыттара.

Петров олорсон  испит көтөр аала сүппүтүн туһунан сураҕы туппут күннэригэр, суруйааччы дьиэтигэр Мерил Уэйзлиттэн сурук кэлбитэ. Мерил сэбиэскэй саллааттар хорсуннук сэриилэһэллэриттэн сөҕөрүн биллэрэн суруйбут этэ. Петров туһугар долгуйарын биллэрбит этэ. Онно маннык устуруокалар бааллара:

“Өйдүүр инигин, Евгений, эн күөлгэ сөтүөлүүр кэмҥэр мин долгуйбуппун? Уу олус тымныы этэ эбээт! Онно эн ууттан букатын куттаммаккын, сөмөлүөт саахалыгар дэҥнэнэр дьылҕалааххын эппитиҥ.

Көрдөһөбүн, төһө кыалларынан аҕыйахтык көтө сатаа”.

Биллэн турар, ити кэпсээни үгүстэр дьиҥнээх түбэлтэ курдук ылыммыттара.

Алексей Нужнай диэн суруйааччы кэпсээн канватыгар олоҕуран киинэ сценарийын суруйбута.

Ол сценарийынан 2012 сыллаахха “Конверт” диэн киинэни “Триггер Стрит Продакшн” хампаанньа Лос-Анджелеска устубута.

Петров оруолун биллиилээх артыыс Кевин Спейси оонньообута. Сэрии иннинээҕи уонна сэрии сылларын устарга декорацияҕа, артыыстар таҥастарыгар-саптарыгар элбэх үп эрэйиллэрэ. Киинэ бүддьүөтэ кыра буолан, көстөр сабыытыйа 1985 сыллаахха буоларын курдук уларытан устубуттара. Көстөр кэмиттэн  атына барыта В. Чумаков кэпсээнин сюжетынан барар.

Билигин даҕанаы, ити кэпсээн интернет киэҥ муоратын устун көҥүл уста сылдьар, ааҕааччылар болҕомтолорун тардар.

Эһиил, 2022 сылга аатырбыт суруйааччы Евгений Петров төрөөбүтэ 120 сыла буолар.

Тапталлаах суруйааччыбыт, юморист, сатирик, киносценарист, драматург, сытыы бөрүөлээх суруналыыс, үгүс сурунааллары тэрийсээччи, улахан дьоҕурдаах эрэдээктэр, Ийэ дойдутун төлөннөөх дойдунаата Евгений Петрович Катаев – Евгений Петров дьикти, кэрэ, ураты тыллаах-өстөөх  айымньылара ааҕааччылары литература кэрэ эйгэтигэр мэлдьи угуйа туруохтара.

Максим Ксенофонтов

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0