Фрукта атыылыыр саха уола

Ааптар: 
09.04.2019
Бөлөххө киир:

Социальнай ситимнэринэн: “Сахалар фрукта, оҕуруот аһын атыылыыллар, кэлэн ылыҥ”, — диэн ис хоһоонноох биллэриилэр тарҕаннылар. Бука, ааҕааччылар, бары истэн эрдэххит. Хас даҕаны бөлөххө кэлбитин иһин итиэннэ сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук дииллэринии, илэ харахпынан баран көрөргө сананным.

edersaas.ru

Бириэмэбитин эрдэттэн болдьоһон, бэнидиэнньик күн эбиэт кэнниттэн маҕаһыыҥҥа, Крупская уулуссатын 21 нүөмэрдээх дьиэтигэр көрсүөх буоллубут. Тиийбитим — суох. Төлөпүөннээн  туоһуласпыппар: “Холодильник тиэйэ сылдьабын, сотору тиийиэм”, — диэтэ. Бириэмэни халтай ыытан тугу таах туруомуй –  атыыһыты кытта кэпсэтэ түһээт, кэтэһэ таарыйа аттынааҕы маҕаһыыҥҥа тахсан сыананы “үөрэттим”. Итиэннэ “Саха фрукт” сыаната 5 солкуобайтан 25 солкуобайга диэри чэпчэки эбит диэн түмүк оҥоһуннум. Ол икки ардыгар хаһаайын Афанасий Гоголев кэллэ. Кэпсэтиибитин хайдах баарынан бэчээккэ таһаарабын.

— Афанасий, хаһааҥҥыттан үлэлээн эрэҕин?

— Фрукта, оҕуруот аһын атыылаабыппыт икки нэдиэлэ курдук буолла. Сахалар тоҕо бэйэбит хамсаммаппытый, маҕаһыыннары арыммаппытый диэн улахан толкуйга түспүтүм. Итиэннэ барытын биир күн иһигэр былааннаан баран арынан, бу үлэлээн эрэбин.

— Биллэн турар, маҥнай эргитэргэ угар үп эҥин ирдэнэрэ буолуо дии.

— Улахан үбү ирдээбэт. Биһиги олох кыраттан саҕалаабыппыт. Саамай улахан ороскуот куортамҥа барар.

— Дьон үксэ фруктаҕытын, оҕуруот аһын хантан ыларгытын туоһулаһар.

— Соторутааҕыта Аллараа Бэстээххэ сахалар “Бестяхоптторг” кууһунан атыылааһыны тэрийбиттэрэ, билиҥҥитэ онтон ылабыт. Сыыйа Благовещенскайтан эбэтэр Владивостоктан бэйэбит сакаастыыр санаалаахпыт.

Билигин ыскылааппытын бэлэмнии, кэпсэтэ сылдьабыт. Бэйэбит быһа сакаастыырбытыгар 1-4 кыраадыс сылаастаах ыскылаат наада. Оннук суох түгэнигэр, фрукта аҕыйах күнүнэн туһаттан тахсар.

Сыыйа атыылаһааччыбыт үксээн, эргиирбит улаатан иһэр. Саҥардыы үлэлээн эрэр буолан, сүүрэрбит-көтөрбүт элбэх. Билбэппит-көрбөппүт да ханна барыай, ону үлэ хаамыытын быһыытынан тэҥҥэ үөрэтэбит.

— Сыанаҕын төһө үрдэтэҕиний?

— Кыра. Холобура, апельсиммыт 160, мандариммыт 170, оҕурсубут (Новосибирскай) 250, кытай гиэнэ 165 солкуобай. Сыалбыт-сорукпут —кууһунан атыылааһын. Инникитин бэйэбит быһа сакаастыыр түгэммитигэр, сыаната өссө түһүөҕэ.

— Атыыһыккын хайдах булбуккунуй? Билэр киһиҥ дуо?

— Суох. Биллэриинэн ылбытым. Билэр киһини ылар уустуктардаах. Араас төрүөтүнэн үлэтигэр тахсымыан, хойутуон даҕаны сөп. Ол иһин үксүн билбэт дьоммун уонна сахалары ылабын.

— Туох үөрэхтээххиний? Бу иннинэ эргиэҥҥэ үлэлиир уопуттаах этиҥ дуу?

— Хабаровскайга тимир суол үөрэҕэр үөрэнэ сылдьыбытым да, бүтэрбэтэҕим.

Бу — фруктаны, оҕуруот аһын  таһынан өссө икки маҕаһыыннаахпын. Үһүс сылбын клубникалаах букет маҕаһыынын аһан үлэлэтэбин. Уонна ый анараа өттүгэр шаурма атыылыыр кыра сир арыйбытым.

— Инникитин кэҥэттинэр эҥин былааннааххын дуу?

— Билиҥҥитэ суох. Мантыбытын олохтоох маҕаһыыннар биһигиттэн кэлэн ылалларын курдук кууһунан атыылыыр база гынар былааннаахпыт. Сайынын оҕуруот аһын олохтоох дьонтон тутар санаалаахпыт. Атыылаһааччы үксэ олохтоох оҕуруот аһын ыйыталаһар.

— Маҕаһыын арыныахтарын баҕарар дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй? Холобура, саха бу эйгэҕэ сыстаҕаһа суох диэн өйдөбүл баар дии.

— Ким баҕарар арыныан сөп. Саамай сүрүнэ, турар миэстэтэ табыгастаах буолуон наада. Иккиһинэн, туох маҕаһыынын арынартан тутулуктаах. Эппитим курдук, биһиги кууһунан атыылыыр толкуйдаахпыт. Онно, биллэн турар, улахан дьиэ-уот (помещение) ирдэнэр. Холобура, маҕаһыыммыт куорат киинигэр турар, массыына турар миэстэтэ киэҥ-куоҥ. Үсүһүнэн, чопчу фруктаны, оҕуруот аһын атыылыырга харайыыта, көрүүтэ-истиитэ ордук уустук. Ол кыаллыбатаҕына, туһаттан тахсарыгар тиийэр, ороскуокка тэбэр. Сайынын холодильник, кондиционер ирдэнэр. Итиннэ эмиэ эбии үп-харчы тыырыллар.

— Атыылаһааччылар санаалара хайдаҕый?

— Үгүстэр салгыы этэҥҥэ үлэлээҥ диэн баҕа санааларын этэллэр. Куоракка биһиги олорор оройуоммутугар эбии киоска арыйаргыт буоллар дэһэллэр эрээри, билиҥҥитэ кыралаан тарҕаммакка, биир сиргэ атыылыыр былааннаахпыт. Кыралаан киоскалары арыйар туһунан доҕотторбут толкуйдуу сылдьаллар. Уонна дьон дьиэҕэ тиэрдэн биэриини ыйыталаһар да, эмиэ билиҥҥитэ оннук өҥөбүт суох.

Дьиҥнээх патриоттар “Саха фруктаттан” атыылаһаллар диир оруннаах. Тоҕо диэтэххэ, маҕаһыын хаһаайынын чаас аҥаарын кэриҥэ кэтэһэр кэммэр сүүрбэччэ киһи кэлэн атыылаһан барда. Аҥаардара массыыналаахтар. Туоһулаһан көрдөхпүнэ, үгүстэрэ маҥнай атыылаһар дьон. Аттынааҕы дьиэлэргэ олорооччулар эрэ икки нэдиэлэттэн бэттэх өрүү “Саха фруктаттан” ылаллар эбит. Сорохтор атыттарга сүбэлииллэр. Быһатын, атыылааччыны биэс мүнүүтэ иллэҥ олорпоттор. Оттон тус бэйэм, олохтоох эдэр дьон бу эйгэҕэ сыстан эрэриттэн сэмээр үөрэбин. Илэ харахпынан баран көрө иликпин эрээри, ДСК оройуонугар, Короленко уулуссаҕа аһыллан үлэлээн эрэллэр үһү.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0