Снайпер Кульбертинов ньиэмэстэр муннуларын анныгар түүнү быһа хамсаабакка сытыан уонна эмискэ суох буолан хаалыан сөп. Ол курдук сэрэхтээх, толкуйдаах киһи. Байыас куттал туһунан эмиэ умнубат этэ, онон араас быһыыга-майгыга түбэһиэхтээҕин эмиэ билэрэ. Кини санаатын хаһан да түһэрбэт, суҥхара сылдьыбат буолара. Саар-тэгил уҥуохтаах, киппэ киһини бииргэ сулууспалыыр табаарыстара ытыктыыллара уонна сөбүлүүллэрэ.
Мин фроннааҕы эпизодтарыттан биирдэстэрин туһунан кэпсиэхпин баҕарабын, оттон итинник эпизодтар күн ахсын кэриэтэ буолаллара.
Халлаан саҥа сырдаан аппайан эрэрэ. Кырыстан ууруллубут брустверга күөх уонна саһархай сэбирдэхтэринэн ойууламмыт маскировочнай халааттаах икки снайпер сыстыахтарынан сыстан сыталлар. Таһыттан көрдөххө, сиртэн араарбаккын. Ити курдук хас да чаас устата сытан, өстөөх оборонатын инники кирбиитин кэтииллэр. Ол эрээри онно туох да суоҕун курдук. Сөп буола-буола ити кураанах сиртэн уот уһуурар. Үрдүлэринэн буулдьалар, миналар, снарядтар ыйылаан ааһаллар. Иван Николаевиһы кытта сэргэ, оптическай прицеллаах бинтиэпкэтин ыга туппутунан, кини бастыҥ доҕоро уонна үөрэнээччитэ снайпер, гвардия сержана Андрей Побережнай сытар.
-Үс нүөмэрдээх ориентир таһыгар от-мас чөмөҕө баар буолбут, ити бэҕэһээ суох этэ, — диир кини сибигинэйэн.
Иван Николаевич биноклынан кэтээн көрөр. Үүнэн турар оттон-мастан туох да атына суох. Кини итини кыҥаан баран, винтовкатын чыыбыһын бытааннык тардар. Снайпердар бэрт түргэнник саппаас позицияларыгар сыылаллар. Ол эрээри ити от-мас быыһыгар туох да баара биллибэт.
«Сэрэхтээх эбит», — сибигинэйэр Иван Николаевич. Андрей Побережнай маһынан кааскатын аа-дьуо үөһэ быктарар. Ньиэмэс каасканы дьөлө ытан кэбиһэр, ити кини тиһэх ытыыта этэ. өстөөх саатын тыаһа уҕарыы да илигинэ, Иван Николаевич ытан саайда…
Нөҥүө сарсыардатыгар снайпердар нейтральнай балаһаҕа окуопа хастан сыталлар, кинилэр өстөөх позициятын кэтээн көрөр сорудахтаахтара…
Сарсыарда халлаан сырдаан, өстөөх позицията улам үчүгэйдик көстөр буолбута. Ити сыттахтарына, аттыларыгар кыргыһыы саҕаламмыта, снарядтар, буулдьалар ыйылаан ааһаллара. Снайпердар оптическай прибордарынан өстөөх инники кирбиитин кэтээн көрөллөр. Өстөөх блиндаһын аана аһыллар. Фриц тахсан траншея устун тыыл диэки хаамар. Иван Николаевич ытар, гитлеровец илиитин сараппытынан траншеяҕа умса баран түһэр. Блиндаж аана эмиэ аһыллар. Бу сырыыга Андрей Побережнай бэргэнник ытта…
-Ити ытыы кэнниттэн тута позициябытын уларытан, тыыннаах хааллыбыт, — диэн ахтар Иван Николаевич, — аҕыйах мүнүүтэ буолаат, фашистскай артиллерия нейтральнай зонаны, биһиги сыппыт сирбитин ытыалаабыта…
Иван Николаевич фашистары ити курдук кыдыйталаабыта. Сэриигэ эмиэ сатабыл, киитэрэй өй наада. Кини бойобуой ахсааныгар сүүһүнэн ааҕыллар фрицтэр бааллар. Аатырбыт снайпер бойобуой уордьаннарынан уонна мэтэллэринэн наҕараадаламмыта. Кини 1947 сыллаахха Сэбиэскэй Армия кэккэтиттэн демобилизацияламмыта.
Н.Соломонов, 2-с гвардейскай салгыннааҕы десантнай дивизия артдивизионун разведкатын урукку начаалынньыга.
* * *
Бу ахтыы «Аатырбыт снайпер Уйбаан Кульбертинов” диэн кинигэттэн ылылынна. Кинигэни Светлана Васильева хомуйан оҥордо. «Бичик» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста.
Манна номоххо киирбит эбэҥки чулуута, аатырбыт снайпер Иван Кульбертинов бойобуой суолун туоһулуур архыып докумуоннарын, буорах сыттаах фроннааҕы хаһыаттары, бииргэ сэриилэспит доҕотторун, чугас дьонун ахтыыларын көрүөххүт, ааҕыаххыт. Сэҥээрбиттэр, сэргээбиттэр кинигэни «Бичик» кинигэ кыһатын маҕаһыыннарыттан атыылаһыаххытын сөп.