Францияттан сылдьар велосипедист Ив Чалоин бэйэтин тургутан көрөр айанын салҕыыр. Кини бэлэсипиэтинэн Амуртан ыйы кыайбат кэминэн айаннаан кэлэн, Дьокуускайга хонон-өрөөн баран, Тымныы полюһугар – Өймөкөөҥҥө аттаммыта. Кэргэнэ Оливия Чалоин анаан-минээн Дьокуускайга көтөн кэлэн, кинини көрсүбүтэ.
Саҥа дьылы кэргэнин кытта кыл-мүлчү ылаат, Ив тохсунньу 1 күнүгэр ыраах айаҥҥа туруммута. Ол гынан, бастакы күннэргэ күүтүллүбэтэх өттүттэн кыһалҕалары көрсүбүт. Кини суолугар биир да суоллааҕы кафе үлэлээбэт буолан биэрбит. Тоҥон-хатан, сылайан, аччыктаан иһэр киһиэхэ итии киллэрэр, иттэр, сылаас аһы аһыыр баҕалаах буолбата кэлиэ дуо?
Хорсун веллер санаатын түһэрбэккэ, иннин хоту айанныыр. Чурапчыны ааһан, Томпо улууһугар тиийдэ. Айанньыттар кини таҥаһа чарааһын сөҕөллөр, төһө кыалларынан көмөлөһөллөр. Француз дьолугар, күммүт-дьылбыт сылыйан биэрдэ. Ол да буоллар, бэлэсипиэт көлүөһэтин хаамырата тымныыны тулуйбакка, алдьаныан сөп.
Оттон Оливия Чалоин Дьокуускайга тохсунньу бастакы күннэригэр тэрилтэлэр бары сабыылаахтарын, олох бытааран хааларын бэлиэтиир. Кини сотору кэминэн “Never, Never” диэн документальнай киинэни уста Дьокуускайга оператор кэлиэхтээҕин туһунан иһитиннэрэр.
61 саастаах Ив Чалоин урут Лапландияҕа, Швецияҕа айанныы сылдьыбыта. Кини киһи тымныыны тулуйар кыаҕын тургутар. Өймөкөөҥҥө айанын саамай ыарахан тургутуу быһыытынан ылынар. Күҥҥэ 40 км барар, 40 кыраадыс тымныыга балааккаҕа утуйар. Кини айаннарын туһунан режиссер Жан-Франсуа Кастелла «Путешествие к сердцу мира» диэн киинэ устубута, бэйэтэ хас да кинигэни суруйбута.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru