Экс-Марсель университетын (Франция) профессора, ХИФУ-га ыҥырыллан кэлбит Себастьен Гадаль коронавирус эпидемиятын хаптатыыга бөлөҕү кытта үлэлэһэр чинчийээччилэр иһитиннэриилэрин биһиэхэ тириэртэ.
edersaas.ru
Вирус сыһыннаҕына, мурун уута сүүрбэт эбэтэр кураанаҕынан сөтөллүбэккин. Кураанах сөтөл – бу вируһу билэргэ саамай чэпчэки ньыма. Вирус 26-27 С температураҕа өлөр, ол иһин күн устата элбэхтик итии утахтары – чэйи, от чэйи эбэтэр миини иһиэххэ. Итии утахтар вируһу суох оҥороллор.
1. Вирус кээмэйэ балачча улахан (400-500 кэриҥэ нано-миэтэрэ диаметрдаах), онон мааска ханнык баҕарар көрүҥэ харыстыан сөп. Күннээҕи олоххо анал мааскалар наадата суохтар, судургулар барсаллар. Ол эрээри быраастарга уонна мэдиссиинэ үлэһиттэригэр балаһыанньа чыҥха атын. Кинилэр вируска сыстар улахан кутталлаахтар уонна анал көмүскүүр маасканы кэтэргэ күһэллэллэр.
2. Тимир үрдүгэр сыстыбыт вирус 12 чаас устата дьайар. Ол иһин аан тутааҕын, дьиэҕэ туттуллар тиэхиньикэни таарыйдаххытына, илиигитин кичэйэн сууйуҥ уонна дезинфекциялааҥ.
3. Вирус таҥаска уонна матырыйаалга 6-15 чаас кэриҥэ олорор кыахтаах: көннөрү сууйар сириэстибэлэр кыайбат буолуохтарын сөп.
Covid 19 хайдах биллэрий:
1. Бастаан вирус күөмэйи кытардан уонна куурбут курдук оҥорон, күөмэйгэ хаалар: маннык сибики 3-4 күн буолуон сөп.
2. Ол кэнниттэн вирус тыынар уорганнарга киирэр, тыынар хабарҕанан аллараа диэки түһэн, тыҥаҕа киирэр, ити уорганнары эмиэ сүһүрдэн. Маннык быһыы 5-6 күн салҕанар.
3. Онтон үрдүк температуралаах уонна тыынарга ыарахан турукка тиэрдиллэн, пневмония үөскүүр, ол эрээри тоҥ да тоҥ буолбаккын. Өскөтүн тыыҥҥыт хаайтардаҕына, бырааһы ыҥыра охсу4.
Ыарыыга сыстартан хайдах харыстаныахха?
1. Вирус сүрүннээн быһаччы аалсыыга (контакт), вирустаах таҥаһы уонна матырыйаалы таарыйдахха сыстар, онон илиигин чаастатык суун. Вирус биһиги илиибитигэр уон мүнүүтэ кэриҥэ тыыннаах сылдьар, ити кэм устата араас буолуон сөп: холобур, хараҕы аалыы эбэтэр муннуну тарбаныы, ити вирус күөмэйгэ киирэригэр кыаҕы үөскэтэр. Ол иһин бэйэҥ уонна атын дьон тустарыгар илиигин чаастатык суун уонна дезинфекциялаа!
2. Күөмэйгин дезинфекциялыыр убаҕаһынан сайҕаныаххын сөп. Бу убаҕас суурадаһын күөмэйгэр киириэн сөптөөх вирус ахсаанын аччатыаҕа. Оччоҕуна тыынар уоргаҥҥытыгар, онтон салгыы тыҥаҕытыгар түһүөн иннинэ вирустан босхолонуоххут.
3. Компьютердар уонна мобильнай төлөпүөннэр клавиатураларын дезинфекциялаа.
Маны сэргэ Covid 19 хас да күн устата инфекция баарын биллэримиэн сөп, инкубациятын кэмигэр киһи ыалдьыбытын дуу, суоҕун дуу быһаарарга уустук. Этиҥ умайар эбэтэр сөтөллөр буоллаххына, эйиэхэ хайыы-үйэ тыҥа фиброһа 50 бырыһыан баар буолбут буолуон сөп. Ол иһин эспиэрдэр судургу бэрэбиэркэни хас сарсыарда аайы ыытаргар сүбэлииллэр:
Дириҥник тыыныҥ, тыыҥҥытын 10 сөкүүндэттэн ордук тутуҥ. Маны оҥороргор сөтөллүбэтэххинэ, тыынаргын ыкпат уо.д.а буоллаҕына, оччоҕуна тыҥаҕар фиброз суох, ити, ис дьиҥэр, инфекция суоҕун көрдөрөр. Маннык ыксаллаах балаһыанньаҕа маннык бэрэбиэркэлэниини хас сарсыарда аайы ыраас салгыҥҥа оҥоруҥ. Бу Covid 19 ыарыныы эмтиир быраастар иһитиннэриилэрэ уонна сүбэлэрэ.
Өссө биир судургу сүбэ – күөмэйгит төһө кыалларынан сииктээх буоларын ситиһиҥ, төһө кыалларынан. 15-20 мүнүүтэ буола-буола хастыы да омурдуу уута иһиҥ. Тоҕо? Өскөтүн вирус айаххытыгар да киирдэҕинэ, уу эбэтэр атын убаҕастар итини куолайынан куртахха түһэриэхтэрэ. Куттахха киирдэҕинэ, куттах аһыыта вируһу өлөрүөҕэ. Өскөтүн эн ууну куруук истэххинэ, вирус тыҥаҕар киириэ суоҕа. Бу иһитиннэриини дьиэ кэргэҥҥитигэр, доҕотторгутугар уонна билэр дьоҥҥутугар тириэрдиҥ, гражданскай позицияҕытын көрдөрүҥ.
Хаартыска интэриниэттэн.
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова, edersaas.ru