Дьокуускайга Саха сирин нэһилиэктэрин 2035 сылга диэри кэлимник сайыннарыыга аналлаах “Тыа сирин кэлэр кэскилэ” диэн инникини билгэлиир, былаанныыр мунньах (форсайт-сессия) буолла. Манна мустубут дьон 5 хамаандаҕа арахсан, мин төрөөбүт дойдум 2035 сылга диэри хайдах уларыйыай, төһө сайдыай, ханнык таһымҥа тиийиэхпитий, хайдах-туох олохтоох-дьаһахтаах буолуохпутуй диэн ыра санааларын, оҥорон көрүүлэрин холбуу тутан, бырайыактары оҥордулар.
Ыра санааттан тэбинэн
Иван Степанов, “Точка кипения-Якутск” кэлэктиибинэн үлэлээһин куйаара (КҮК) салайааччыта.
— Тыа сирин 2019-2024, 2025-2029, 2030-2034 уонна 2035 сылга диэри кэрчиктэринэн аттаран кэлимник сайыннарыыга туһуламмыт тэрээһин аан бастаан буолла. Чурапчыттан, Тааттаттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Сунтаартан, Тулагыттан, Дьокуускайтан барыта 80 киһи муһунна. Учуонайдар, нэһилиэк баһылыктара, урбаанньыттар, бааһынай хаһаайыстыбалар салайааччылара, устудьуоннар бииргэ үлэлээтилэр. Бырайыак Чурапчы улууһун Хоптоҕо нэһилиэгэр холобурданна.
Тэрээһини СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, Саха сиринээҕи бааһынай хаһаайыстыбалар уонна тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин түмсүүлэрэ (АККОР), “Амма кырдалын ыччата” түмсүү, Чурапчы улууһун Хоптоҕо нэһилиэгэ өйөөтүлэр.
Ыччаты — нэһилиэккэ
Борис Архипов, Чурапчы улууһун Хоптоҕо нэһилиэгин баһылыга:
— “Амма кырдалын ыччата” түмсүү чилиэнэ Сардаана Сыромятникованы кытары “Точка кипения-Якутск” КҮК (кэлэктиибинэн үлэлээһин куйаара) этиилээх тахсан, сонун халыыбынан үлэлээһин буолла.
Кэнчээри ыччат төрөөбүт сиригэр-уотугар тардыһыыта, интэриэһэ улааттын, дойдутун сайыннарсар, туһаны аҕалар баҕата күүһүрдүн, оннук өйгө-санааҕа кэллин диэн маннык ньыманан үлэлээһиҥҥэ аан бастаан холоннубут. Кырдьыга, дьон-сэргэ, ордук эдэр ыччат куоракка, киин сиргэ талаһыыта элбэх. Ону тохтотон, тыа сиригэр дьону-сэргэни олохсутуохпутун баҕарабыт.
Бу үлэ түмүгүнэн, тыа сирин кэлимник сайыннарарга араас интэриэһинэй этиилэр киллэрилиннилэр. Бу этиилэр чочулланнар, бырайыакпыт сылтан сыл сайдан, олоххо киирэн иһиэхтээх. Тыа сирин дьонун олоҕо тупсуутугар бэйэтин кылаатын киллэриэхтээх диэн эрэнэбин.
Суоппара суох массыына, лүөччүгэ суох көтөр аал
Гаврил Бурнашев, Мэҥэ Хаҥалас, Тараҕай нэһилиэгин баһылыга:
— Тыа сиригэр урукку өттүгэр хотоннору тутууга улахан болҕомтобутун уурбут буоллахпытына, билигин нэһилиэги бүтүннүү кэлимник сайыннарарга ылсыахтаахпыт диэн сорук күүскэ турар. Биһиги нэһилиэкпит итиннэ сөп түбэһэр. Оскуолабыт эргэ, оҕо уһуйаана тутуллубута 54-с сыла, кулууппут 1973 сылтан турар, хотон суох.
Улахан баҕа санаам, Арассыыйа куораттарыгар баар курдук, нэһилиэктэргэ барытыгар бассейннаах спорт саалалар, киэҥ-куоҥ киинэ тыйаатырдара, коворкинг-кииннэр, интэриниэт, сибээс барыта тэбис-тэҥник тутуллаллара буоллар диэн. Оччотугар үлэ баар буолуо этэ. Оччоҕо дьон-сэргэ тохтоон олохсуйуо.
Этэргэ дылы, 20 сыллааҕыта суотабай төлөпүөн туһунан билбэт этибит. Билигин суотабайа суох сатаммаппыт. Онон, баҕар, 20 сылынан, бэйэлэрэ айанныыр көлөлөр да баар буолуохтара.
“Өйдөөх нэһилиэктэр” дьэндэйиэхтэрэ
Дария Огоюкина, Октябрьскай нэһилиэк дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы, Таатта улууһа:
— Айылҕалыын чугастык алтыһан тыа сирин эргиччи тупсарарга, сайыннарарга анаммыт бырайыакка бөлөхпүтүгэр уонтан тахса буолан үлэлээтибит. “Өйдөөх нэһилиэккэ” тутууттан, суолтан-иистэн саҕалаан, култуура, социальнай эйгэ, оҥорон таһаарыы, сибээс, интэриниэт бүүс-бүтүннүү биир кэлимник сайдыахтаах.
Итиннэ тыа сирин айылҕатын харыстыырга, тулалыыр эйгэбитигэр эмсэҕэлээһини оҥорбокко туран, нэһилиэк социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар туһанарга толкуйбутун түмтүбүт. Ол курдук, тыа хаһаайыстыбатынан хайысхалаах (агротуризм) улахан төһүү буолуон сөп диэн толкуйга кэллибит. Онно нэһилиэнньэни тардан үлэлэтиэххэ сөп. Ол курдук, бастаан кэлбит ыалдьыттары, алгыһынан көрсүү, ураты турукка киллэрии киирэр. Салгыы, тастан кэлэр ыалдьыттарга холобур, отель-ферма диэни билиһиннэрии баар буолар. Онно ыраахтан кэлбит дьон күннээҕи үлэни чугастык билсэллэр, сэҥээрбиттэр үлэлээн да көрүөхтэрин сөп. Итини сэргэ, холобур, сир аһын, эмтээх үүнээйилэри туристарынан хомуйтаран ылыы уонна бэлэмнээн, астаан-үөллээн атыыга таһаарыы. Үргээбит дьоҥҥо бэйэлэрин баҕаларынан хайдах астанылларын, эмтээх үүнээйини туһаҕа таһаарыыны көрдөрөбүт.
Айылҕаны харыстыыр туһуттан виртуальнай киин тэриллэр. Ол эбэтэр, ыалдьыттары бу кииҥҥэ аҕалан, биир базаҕа түмүллүбүт нэһилиэк устуоруйатын, хас киһи олорорун, тугунан дьарыктаналларын, о.д.а. бүтүннүү билиһиннэрэбит. Маны көрөн баран, туристар ханна барыахтарын баҕаралларын талаллар. Итинник ньыманан үлэлээһиҥҥэ айылҕабытын мээнэ тэбистэрбэппит. Тыа сиригэр үлэ миэстэтэ тахсар, туризм сайдар.
«Земскэй архитекторы» туруорсабыт
Алексей Федоров, Мэҥэ Хаҥалас улууһун тутууга управлениетын исписэлииһэ:
— Бырайыакпытын «Кэскил – тупсаҕай олохтоох тыа сирэ» диэн ааттаатыбыт. Манна дьон-сэргэ олорор дьиэтин-уотун тупсаҕайдык тутууттан саҕалаан, аныгы үйэ ирдэбилигэр эппиэттиир социальнай эбийиэктэри тутууну былааннаатыбыт.
Бырайыакпытыгар тыа сирин дьоно дьарыктаах буолалларын, олохсуйалларыгар табыгастаах усулуобуйаланалларын учуоттуурга болҕомто уурулунна. Ол туһуттан үйэ ирдэбилигэр эппиэттиир толору хааччыллыылаах оскуола, оҕо саада, сынньалаҥ сирэ барыта баар буолалларын былааннаатыбыт. Доруобуйаҕа харыстабыллаах сыһыаны бөҕөргөтөр, онно үлэни күүһүрдэр, тупсарар сыалтан, аччыгый авиация баар буоларын, бөртөлүөттэр түһэр анал былаһааккалара нэһилиэктэргэ тэриллэрин суруйдубут.
Маны сэргэ, “Земскэй дуоктар” курдук, атын идэлэргэ эмиэ, холобур, “Земскэй архитектор” диэн баар буоларыгар баҕалаахпытын биллэрдибит. Онуоха ыччаты тус сыаллаах дуогабарынан үөрэттэрдэххэ, эдэр исписэлиистэр сайдыылаах нэһилиэккэ олохсуйуулара элбээн иһиэ этэ диэн санаабытын тиэртибит.
Оҥорон таһаарыыга ылсар кыахтаахпыт
Антон Ван-Чу-Лин, тыа хаһаайыстыбатын академиятын преподавателэ:
— Тыа хаһаайыстыбатын сайдыыта социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньаттан тутулуктаах. Биһиги, бастатан туран, оҥорон таһаарыыга болҕомтобутун ууруохпутун наада. Ол инниттэн, билигин цифровизация, интэриниэт үйэтигэр, сайдыылаах дойдуларга туттулла турар ньымалартан холобур ылан, ону Сахабыт сиригэр туһаныахпытын сөп.
Холобур, таас чохпут биһиэхэ элбэх. Итилэри олоххо наадалаах хайысхаҕа киэҥник туһанар кыах баар. Аҥаардас, таас чох да быылын, ирдэбили тутуһан, тутуу матырыйаалыгар туһаныахха сөп. Бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар оҥорон таһаарыыбыт, биллэн турар, ороскуота кыра, сыаната дьоҥҥо сөбүгэр буолан тахсар. Бу 1930 сыллааҕы ньыма. Ону табан туһаннахпытына, биһиэхэ туһата суох буолан быраҕыллан сытыы диэн суох буолуо этэ.
Дьиҥэр, кыах да баар. Кылаабынайа, толкуйдаан үлэлэтиэххэ наада. Онно анал үөрэхтээх дьоҥҥо наадыйарбыт биллэр. Ол иһин, ити боппуруоска эмиэ болҕомтобутун ууран, исписэлиистэри бэйэбит үөрэхпит кыһатыгар бэлэмнииргэ үлэ саҕаланара буоллар.
Чэгиэн доруобуйа наада
Надежда Попова, тыа хаһаайыстыбатын академиятын дассыана:
— Тулалыыр эйгэбитин алдьаппакка-кээһэппэккэ харыстаатахпытына эрэ, сиртэн ылар аспыт-үөлбүт үрдүк хаачыстыбалаах буоларын ситиһиэхпит. Итиннэ тыа хаһаайыстыбата, сүөһү-сылгы иитиитэ бүүс-бүтүннүү кэлимник көрүллэллэр.
Хаачыстыбалаах, киһи доруобуйатыгар иҥэмтиэлээх үрүҥ ас, эт ас, сирбит бэрсэр быйаҥа бүүс-бүтүннүүтэ барыта харыстабыллаах сыһыаны эрэйэллэрин сэргэ, күн-дьыл туругуттан эмиэ тутулуктаналлар. Билэргит курдук, биһиэхэ кыһыммыт уһун, тымныы. Оттон сайыммыт бэрт кылгас. Ол эрээри сирбит уохтаах буолан, бэрт иҥэмтиэлээх, битэмииннээх сир аһынан күндүлүүр.
Өскөтүн маннык иҥэмтиэлээх, үрдүк хаачыстыбалаах аһынан-үөлүнэн дьон-сэргэ аһаатаҕына, доруобуйата тупсар, үйэтэ уһуур. Маныаха биһиги саарбах соҕус аһы-үөлү атыылаһары тохтотор туһуттан, бэйэ аһын-үөлүн дэлэтэргэ үлэни күүһүрдэргэ этии киллэрдибит. Холобур, кыһын, саас үүнээйини бэйэ бүөбэйдээн үүннэрбэт буолуо дуо?
Бэйэ оҥорон таһаарыыта үрдүк хаачыстыбалаах буоларыгар хонтуруол күүһүрдүллүөхтээх.
Билииттэн — сайдыыга
Иван Троев, ХИФУ МИ регенеративнай мэдиссиинэҕэ лабораториятын сэбиэдиссэйэ:
— Үөрэх чааһыгар биир кэлим эксээмэн наада дуо диэн боппуруоска тохтоотубут. Кырдьыгынан эттэххэ, тыа сирин оскуолаларыттан үрдүк бааллаах оҕолор кэлэллэр эрээри, хомойуох иһин, үксүлэрин билиилэрин таһыма намыһах. Ол иһин, БКЭ-ни уларытарга диэн бырайыакка суруйдубут.
Эдэр үлэһиттэри тыа сиригэр хайдах угуйабыт? Мин санаабар, тус сыаллаах дуогабар итиннэ тирэх буолар кыахтаах.
Итини таһынан, дьон-сэргэ бэйэтин сайыннарарыгар кыахта биэриэххэ. Биисинэс кииннэри таһынан, араас идэлээх дьону түмэр кииннэри тэрийиэххэ, араас үөрэхтэри, сэминээрдэри, көрсүһүүлэри кэмиттэн-кэмигэр оҥоруохха. Элбэхтик араас куонкурустарга кытыннарар кыаҕы биэриэххэ.
Хардыыбыт кэҥээтин
Александр Артемьев, “Туймаада” хампаанньа генеральнай дириэктэрин солбуйааччы, Саха сиринээҕи бааһынай хаһаайыстыбалар уонна тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин түмсүүлэрин (АККОР) бэрэсидьиэнэ.
— Тыа сирин сайыннарар туһугар элбэх толкуйтан маннык ньымаҕа кэллибит. Бу мунньахха оҥоһуллубут бырайыак кумааҕыга эрэ хаалбакка, олоххо киирэн, тыа сиригэр сөптөөхтүк дьаһанан үлэлииргэ, куорат кииниттэн туох да итэҕэһэ суох сананан олорорго усулуобуйаны тэрийэргэ ананар. Манна кыттыбыт нэһилиэктэр баһылыктара, бааһынай хаһаайыстыбалар, урбаанньыттар үлэлэрин сайыннарарга элбэҕи биллилэр, ону инникитин туһаныахтара диэн эрэнэбин.
Бу этиилэри бырабыыталыстыба таһымыгар буолар өрөспүүбүлүкэ бааһынай хаһаайыстыбаларын, кэпэрэтииптэрин сүбэ мунньахтарыгар дьүүллэһиэхпит.
Кэлимник сайдыыга болҕомто улаатар
Татьяна Осипова, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы:
— Арассыыйа үрдүнэн 2014 сылтан тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын туһунан судаарыстыбаннай бырагыраама иһинэн тыа сирин кэлимник сайыннарыы хайысхата үлэлиир. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта үлэлэһэн, 2014-2019 сылларга уопсайа 3 354,3 мөлүйүөн солкуобай үбүлээһини ылла. Ааспыт сылларга (2014-2018 сылларга) уопсайа 2023 чааһынай дьиэ тыа сиригэр тутулунна, 7 комплекснай бырайыак олоххо киирдэ (Мэҥэ Хаҥаласка Хара, Ороссолуода нэһилиэктэригэр, Сунтаар сэлиэнньэтигэр, Ньурба улууһугар Антоновкаҕа, Бүлүүгэ Кыһыл Сыырга, Намҥа Аппааныга, Чурапчыга Мугудайга), 31 нэһилиэккэ уу ситимэ тардылынна, 440 миэстэлээх 2 оскуола тутулунна (Уус Алдаҥҥа Кэптэнигэ, Тааттаҕа Харбалаахха), 12 ФАП тутуллан олоххо киирдэ, 51 грант бэриллэн нэһилиэктэр тас көстүүлэрин тупсарарга үлэ-хамнас ыытылынна.
Быйыл Арассыыйаттан 647,5 мөлүйүөн солкуобай үбүлээһини ыллыбыт. Бу үпкэ эбии өрөспүүбүлүкэ үбүлээн, былаан быһыытынан тыа сиригэр 432 дьиэ үлэҕэ киириэхтээх, нэһилиэктэргэ 4 уу ситимэ тардыллыаҕа, 2 уу ситимин тутуу саҕаланна, 1 нэһилиэккэ гаас ситимэ үлэҕэ киириэ, 2 дьоҕус комплекснай тутуу саҕаланна (Хаҥаласка Улахан Ааҥҥа, уонна Нам Хатаһыгар). Ону таһынан, 10 нэһилиэккэ грант бэриллэн искибиэрдэр, өйдөбүнньүктэр тутуллуохтара.
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев ыам ыйын 31 күнүгэр 696 №-дээх уураахха илии баттаата. “Тыа сирин кэлимник сайыннарыы” туспа судаарыстыбаннай бырагыраама таһымын (статуһун) ылан бигэргэннэ. 2020-2025 сылларга хас даҕаны хайысханан олоххо киириэхтээх. Аҥаардас Арассыыйа бүддьүөтүттэн субъектарга алта сылга сөҕүмэр үп — 1 триллион солкуобай көрүллүөхтээх.
Бырагыраама үс сүрүн сыалы туруорар:
— тыа сирин нэһилиэнньэтин ахсаана 2025 сылга диэри аччыа суохтаах (25,3 % уопсай нэһилиэнньэ ахсааныгар, 2017 сыл көрдөрүүтэ – 25,7 %)
— олорор дьиэ толору хааччыллыылаах буоларын
50 % диэри тиэрдии (2017 сыл көрдөрүүтүнэн – 32,7 %);
— тыа сирин уонна куорат олохтоохторун дохуоттарын араастаһыытын кыччатыы,
67 % -тан 80 % диэри үрдэтии.
Бу бырагыраамаҕа сөптөөхтүк үлэлэһэн, өрөспүүбүлүкэ кэлэр сылларга тыа сиригэр олорор дьиэ-уот усулуобуйатын тупсарыахтаах, социальнай эбийиэктэр тутууларын ыытыахтаах, уу, гаас ситимин тардарга үлэлэһиэхтээх, нэһилиэктэр тас көрүҥнэрин тупсаҕай оҥорорго эбии үп ылыахтаах. Тыа сиригэр дьон-сэргэ олороругар, үлэлииригэр усулуобуйаны тупсарарга, үлэ миэстэтин таһаарарга үлэлиэхтээхпит.
Итинник сырдатан туран, аан бастаан ыытыллыбыт мунньахха тохтоотохпуна, тыа сиригэр олорор, үлэлиир дьон-сэргэ бэйэлэрин көрүүлэрин, былааннарын аһаҕастык этэллэригэр, инникини ырыҥалаан көрөллөрүгэр табыгастаах буолла. Биллэн турар, нэһилиэк ханнык хайысханы тутуһан сайдарын, туох итэҕэс баарын ордук олохтоохтор, үлэлии сылдьар салайааччылар билэллэр. Маннык ырытыылар аҥаардас министиэристибэлэр, уопсастыбаннай тэрилтэлэр көҕүлээһиннэринэн буолбакка, күннээҕи үлэ быһыытынан нэһилиэктэргэ, оройуон таһымнарыгар элбэхтик ыытыллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.
Сардаана Баснаева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru