Филологическай наука кандидата, СО РАН үтүөлээх бэтэрээнэ, эбэҥки тылын исписэлииһэ Т.Е. Андреева 70 сааһа

01.01.2017
Бөлөххө киир:

Тамара Егоровна Андреева 1947 сыллаахха Амурскай уобаласка Стойба сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Омугунан эбэҥки. 1969 сыллаахха Магаданнааҕы судаарыстыбаннай педагогическай институту бүтэрбитэ. Фонетист-экспериментатор квалификациялаах. 1986 сыллаахха «Звуковой строй томмотского говора эвенкийского языка (экспериментально-фонетическое исследование)» диэн тиэмэҕэ кандидатскай диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. «Эвенкийский язык», «Практический курс по эвенкийскому языку», «Пособие для абитуриентов», «Курс лекций по эвенкийскому языку» уонна да атын пособиелары бэлэмнээн таһаарбыта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0