Августина Филиппова көстүүмнэрин аан дойду ыччата сэргиэҕэ

20.10.2017
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Сочи куоракка буола турар XIX аан дойдутааҕы ыччат уонна устудьуоннар бэстибээллэригэр Саха сирин делегацията Августина Филиппова көстүүмнэрин көрдөрүөҕэ. edersaas.ru

Алтынньы 21 күнүгэр бэстибээл сүрүн түһүлгэтигэр – Олимпийскай паарка “Медалс Плаза” сыанытыгар саха ыччата талааннаах модельер Августина Филиппова тикпит таҥастарын араас дойду ыччатыгар көрдөрүөҕэ. Үс дьахтар, биир эр киһи таҥаһын “Мисс Республика Саха (Якутия) — 2014” куонкурус кыайыылааҕаЛидия Гасанбалаева (Семенова), импровизатор-хомусчут, “Аэропорт Якутск” тэрилтэ үлэһитэ Анна Саввина, “Мисс ХИФУ — 2017” аат хаһаайката, ХИФУ пединститутун магистрана Екатерина Жиркова уонна быйылгы “Дыгын оонньууларын” кыттыылааҕа, мадьыны, ХИФУ юридическай факультетын устудьуона Иннокентий Миронов кэтэн тахсыахтара.

Сүүмэрдиир түһүмэххэ дьүүллүр сүбэ чилиэннэрэ сахалар таҥастарын көрөөт тута шоу-көрдөрүүгэ уонна дефиле бэлэмнэниитигэр ыҥырдылар.

Маны таһынан, бүгүн Саха сирин делегацията Арассыыйа норуоттарын үҥкүүлэрин былаһааккатын тэрийдэ. Манна сахалар оһуохайдаатылар, эбэҥкилэр һээдьэлээтилэр. Кинилэри сэргэ Курскай уонна Москва уобаластарын, Удмуртия ыччата бэйэлэрин үҥкүүлэрин көрдөрдүлэр. edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0