ТХА Өктөмнөөҕү филиалын устудьуоннара аҕыйах сылынан таас уопсай дьиэлэниэхтэрэ

19.12.2017
Бөлөххө киир:

Москваҕа Саха сирин күннэрэ ыытыллар кэмигэр өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын салайааччылара кэккэ кэскиллээх кэпсэтиилэри ыыттылар. Ити иһигэр РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр тэриллибит “төгүрүк остуолга” уһун сылларга соһуллан кэлбит боппуруоска чопчу быһаарыы ылыллыбытын бэлиэтээбэт буолар сатаммат. edersaas.ru

Быйыл саас Дьокуускайга ыытыллыбыт Россия табаһыттарын сийиэһин быһаарыытыгар олоҕуран, Саха сиринээҕи судаарыстыбаннай тыа хаһаайыстыбатын академията хотугу төрүт салааҕа исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин тирэх тэрилтэтин статуһун ылбыта. СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы-тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Петр Алексеев онон сиэттэрэн академия Өктөмнөөҕү филиалын эргэ үөрэнэр куорпуһун устудьуоннар олорор уопсай дьиэлэригэр  анаан саҥалыы сөргүтэн  тутууну федеральнай аадырыстаах инвестбырайыакка киллэрэргэ туруорсалларын өйүүрүгэр көрдөспүтүн миниистири бастакы солбуйааччы Джамбулат Хатуов ылынна.

Академия ректора Иван Слепцов реконструкцияланыахтаах эбийиэк бырайыагын оҥорторбуттарын, бырайыак экспертизаны ааспытын, үүнэр сылга РФ Экономическай сайдыыга министиэристибэтин кытта үбүлээһиҥҥэ үлэлэһэн, тутуу үлэтин РФ ТХМ-тин өйөбүлүнэн 2019 сылга саҕалыыр буолбуттарын иһитиннэрдэ. “Өктөмнөөҕү филиал базатын кэҥэтии кыһалҕата уруккуттан турар, — диир Иван Иванович. – Онно билигин устудьуоннар икки этээстээх мас уопсай дьиэҕэ олороллор. Элбэх оҕо ыаллар дьиэлэрин куортамнаһарга күһэллэр. Ити ОПТУ-тан хаалан быраҕыллан турбут таас дьиэни 100-чэ устудьуон олорор гына оҥотторуохпут, симиэтэнэн 50 мөл. солкуобай кээмэйдээх үлэ ыытыллыаҕа”.

Ыспыраапка

СССТХА-гар быйылгы үөрэх дьылыгар күнүскүлүүн-кэтэхтиин 3352, ону сэргэ орто анал идэҕэ 436 устудьуон дьарыктанарыттан Өктөмнөөҕү филиалга 557 устудьуон үөрэнэр, ол иһигэр күнүскүгэ – 319.  

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0