Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин Москваҕа 2017 сылга федеральнай бүддьүөттэн өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыыны өйөөһүҥҥэ көрүллүөхтээх үп кээмэйин көмүскээн кэллэ. Николай Ильич саҥа сылтан биир «сомоҕо» субсидия («единая» субсидия) диэн киллэриллэр буолбутун маннык быһааран кэпсээтэ:
– Бу субсидия регионнардааҕы бырагыраамалар тус сыаллаах көрдөрүүлэрин ситиһэллэрин хааччыйар туһуттан түөрт хайысханан бэриллэр. Бастатан, сир үлэтин, сүөһү иитиитин, астыыр-үөллүүр салаа бородууксуйаларын оҥорон таһаарыыга. Иккиһэ – тыа хаһаайыстыбатын кыылын-сүөлүн ахсааныгар. Үсүһүнэн, ыһыы иэнигэр. Төрдүһэ – дьоҕус киэптээх хаһаайыстыбалары сайыннарыыга.
Бу төрдүс хайысха бэйэтин иһигэр түөрт көрүҥнээх. Бииринэн, саҥа үлэлээн эрэр фермердэри өйөөһүн. Быйылга диэри биир бааһынайга 1,5 мөл. солк. суумалаах грант бэриллибит буоллаҕына, эһиилгиттэн икки төгүл улаатыннарыллан, 3 мөлүйүөҥҥэ тиийэр буолла. Маны тэҥэ ирдэбилэ сымнаата: урут 3 киһини үлэнэн хааччыйыахтаах буоллаххына, өйөбүл суумата икки бүк үрдээбитин да иһин, оннунан хаалла. Бу көмө үптэн 2750 солкуобайа хаһаайыстыба тэринэргэ, сайыннарарга анаан бэриллэр, онтон ордубут 250 тыһ. солкуобайа дьиэни-уоту оҥосторго ороскуоттаныахтаах (урукку оннунан хаалла).
Санатан эттэххэ, быйыл 234 «саҥа саҕалааччы» федеральнай бүддьүөттэн 306 мөл. 385 тыһ., өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 45 мөл., барыта 351 мөл. солк. суумалаах көмөнү ылла. Үүнэр 2017 сылга төһө буоларын этэргэ билигин эрдэ. Ол гынан баран, биири чуолкай этэбин: ити 3 мөлүйүөннээх көмө ынах сүөһүнү иитэн, үүт-эт хайысхаларыгар үлэлиир эрэ фермердэргэ бэриллиэ.
Иккиһинэн, дьиэ кэргэн ферматын сайыннарыыга көрүллэр үп кээмэйэ эмиэ улаатта. Эрдэ 21 мөл. 600 тыһ. солк. эбит буоллаҕына, 30 мөлүйүөҥҥэ тиэрдилиннэ. Куонкурус кыайыылааҕар бырайыагын (бизнес-былаанын) 60 бырыһыанын судаарыстыба угар, 40 бырыһыанын бэйэтэ уйунар. Ол аата сиэпкэр (счеккар) 20 мөл. солк. харчылаах буолуохтааххын. Биһиги дьоммут үптэрэ татым буолан, муҥутаабыта 8-10 мөл. солк. көмөнү ылаллар.
Таарыйа эттэххэ, быйыл маннык көмөҕө 51 бааһынай хаһаайыстыба федеральнайтан 186 мөл. солк., өрөспүүбүлүкэттэн 35 мөл. 846 тыһ. солк. суумалаах граны ылбыта.
Үһүс көрүҥ: тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтииптэрин өйөөһүн. Россия үрдүнэн 2016-2017 сс. 1,5 тыһ. потребительскай кэпэрэтиип тэриллиэхтээх. Холобур, биһиэхэ агрокластердар хааччыйар (оттоон биэрэр) кэпэрэтииптэри тэриниэхтэрин сөп. Гранын кээмэйэ 70 мөл. солк. диэри, ол эбэтэр 40 бырыһыаныгар 47 мөл. солк. үптээх буолуохтааххын. Биһиги холбутугар эмиэ олус улахан суума. Итинтэн төһө баҕарар кыра суумаҕа киирсиэххэ син.
Ирдэбиллэрэ чэпчэтиллибитин, сымнатыллыбытын тоһоҕолоон бэлиэтиэм этэ. Урут 10 мөл. солк. 6 үлэ миэстэтин таһаарыллыахтаах буоллаҕына, кэлэр сылтан 3 мөл. солкуобайга 1 үлэ миэстэтин тэрийиэхтээххин. Бу харчы хамнаска буолбакка, технологическай тэрили атыылаһыыга ороскуоттанар. Холобур, буойунаны эбэтэр кэнсиэрбэлиир сыаҕы атыылаһыыга. 15 мөлүйүөнү ыллаххына, 5 киһини үлэнэн хааччыйыахтааххын. Граҥҥа киирсэр кэпэрэтиип 1 сылтан итэҕэһэ суох үлэлээбит буолуохтаах итиэннэ өскөтүн эрдэ грант ылбыт буоллаҕына, онтун отчуоттаабыта сылтан ордубут (грант 2017 сылга үсүһүн бэриллэр) буолуохтаах. Бүтэһик ирдэбил: грант ылбыт хаһаайыстыба 5 сыл булгуччу үлэлиэхтээх.
Төрдүс бүтэһик көрүҥ: дьоҕус киэптээх хаһаайыстыбалар ылбыт кирэдьииттэрин бырыһыанын ставкатын толуйуу.
«Сомоҕо» дэнэр субсидия үчүгэй өрүтэ – тустаах регион хайа хайысханы уһулуччу тутан өйүүрүн бэйэтэ быһаарар. Ол гынан баран, биһиги ынах сүөһүбүт ахсаана аҕыйах уонна ыһыыбыт иэнэ кыра буолан, оҕустарабыт. Ол иһин «дьоҕус киэптээх хаһаайыстыбалары сайыннарыы» диэн 4-с пууну биир кэлим субсидияттан таһаарарга туруорсабыт. Биһиги курдук маны элбэх субъект утарарын биллэрдэ.
Василий НИКИФОРОВ.