Феодосия Габышева: «Түмүктээх үлэҕэ –уопсай сүбэнэн»

Ааптар: 
03.04.2021
Бөлөххө киир:

Киһи барыта уһуйааҥҥа сылдьар, оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоох, сиэннээх, аймахтаах, онон үөрэххэ сыһыаннаах. Оттон төрөөбүт тыл үгүс саха тыллааҕы долгутар. Бу икки тутаах боппуруос тула СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышеваны кытта сэһэргэһэбит.  

edersaas.ru

 

Бүлүүтээҕи үөрэх пуорума

 

— Феодосия Васильевна, сотору кэминэн үөрэххэ сүҥкэн суолталаах Бүлүүтээҕи үөрэх пуорума ыытыллаары турар. Туох соруктааҕый?

— Биллэрин курдук, 2016 сыллаахха СӨ бырабыыталыстыбата, ЮНЕСКО дьылаларыгар РФ хамыыһыйата, Информационнай технологияларга ЮНЕСКО института уонна Үөрэх администратордарын эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы ассоциацията тэрийиилэринэн үөрэх инновационнай сайдыытыгар болҕомто тардар, үөрэх систиэмэтин кэскиллээх былааннарын быһаарар, эрэгийиэннэр, норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлэһиини кэҥэтэр соруктаах “Открытая школа: человек – институт образования” диэн Өлүөнэтээҕи үөрэх пуорумун ыыппыппыт. Бу пуорум сүрүнүн салҕаан иллэрээ сыл балаҕан ыйыгар Үөһээ Бүлүүгэ Михаил Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээккэ Ил Дархан Айсен Николаев кыттыылаах Бүлүүтээҕи үөрэх пуорумун (Вилюйский образовательный форум) тэрийбиппит, быйыл иккис тэрээһини былаанныыбыт.

Горнайтан саҕалаан Сунтаарга тиийэ Бүлүү бөлөх улуустар бары кыттыбыттара. Болҕомтобутун ССРС норуодунай учуутала М.А.Алексеев, РСФСР үтүөлээх учуутала Борис Андреев, Социалистическай Үлэ Дьоруойа, РФ үтүөлээх учуутала Георгий Бессонов о.д.а. биллэр-көстөр суолу-ииһи хаалларбыт улуу педагогтар үтүө үгэстэригэр, кинилэр киллэрбит кылааттарын үйэтитиигэ анаабыппыт. Кистэл буолбатах, үөрэх таһыма оннооҕор улуустарынан уратылаһар. Киин уонна бырамыысыланнай улуустары хоту уонна Бүлүү бөлөх улуустарын кытта тэҥнээтэххэ, үөрэх хаачыстыбата араас.

Билигин Арктика тиэмэтинэн элбэх саҥа бырайыак олоххо киирэр. Бу күннэргэ дойду бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин “Арктика оҕолоро” диэн бырайыагы РФ Арктическай зонатын социальнай-экэнэмиичэскэй сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагырааматыгар киллэрэр туһунан быһаарыы ылынан, тустаах федеральнай уорганнарга чопчу соруктары туруорда. Биһиги, дьокутааттар, өрөспүүбүлүкэ салалтата РФ таһымыгар икки сыл устата туруорсубут, атын арктическай эрэгийиэннэргэ эмиэ улахан суолталаах боппуруоспут оннуттан хамсаабытыттан санаабыт улаханнык көтөҕүлүннэ. Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенко тус болҕомтотун тардаммыт, ситиһии баар буолла диэххэ сөп.

Бүлүү бөлөх улуустарын өрө тардар инниттэн, Урутаан сайдар сир-уот (ТОР) курдук балаҕан ыйыгар диэри чопчу үөрэх эйгэтин хабар, үөрэх систиэмэтигэр туһаайыллар кэнсиэпсийэ оҥоһуллуохтаах. Дьон пуорум диэн тылы иһиттэ да, кэмиттэн-кэмигэр ыытыллар тэрээһин диэн өйдүүр. Ол эрээри, бу биир тэрээһининэн түмүктэммэт, биэс сыл устата күннэтэ үлэлиэхтээх бырайыак буолар. Туһааннаах улуустар баһылыктарын кытта кэпсэтии барбыта, аны хайысхалары чопчу чуолкайдыахтаахпыт. Холобур, эбии үөрэхтээһиҥҥэ күүстээх үлэни ыытар Сунтаар улууһа бу хайысхаҕа Бүлүү бөлөххө киининэн ананыахтаах. Кэмпэндээйи санаторийа былырыыҥҥыттан судаарыстыбаннай таһымнаах оҕо сынньанар киинэ буолбутунан, сүрүн бааза манна тэриллиэ.

Былырыын Ньурбаҕа федеральнай бырагырааманан АйТи-куб аһыллыбыта. Ньурбалар бу хайысхаҕа күүскэ үлэлэһэллэр, онон бу салаанан чугастааҕы улуустары хабыахтара.

Үөһээ Бүлүүгэ М.А. Алексеев өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт баар. Онон Үөһээ Бүлүү улууһа политиэхиньиичэскэй үөрэхтээһини күүскэ сайыннарыаҕа.

Бүлүү улууһугар биир кырдьаҕас үөрэх кыһата – Бүлүүтээҕи педагогическай кэллиэс алын кылаас учууталларын, иитээччилэри бэлэмнээн таһаарар. Онон бу хайысхаҕа салгыы күүскэ үлэлэһиэҕэ.

Билигин Горнай улууһа, кэккэ ситиһиилэрдээх, ситимнээх үлэни тэрийэр уопуттаах улуус, ханнык хайысхаҕа операторынан ананарын быһаарса сылдьабыт. Болҕомто уһуйаан саастаах уонна кыра кылаас оҕолоругар тэҥинэн ууруллуохтаах. Үчүгэй олуктаах дьиэ бөҕө-таҕа буоларын кэриэтэ, кыратыттан сайдыбыт, билиитэ-көрүүтэ киэҥ оҕо ханнык баҕарар үөрэҕи ылынар кыахтаах.

Бу сүҥкэн бырайыак иитинэн тыа оскуолаларын сайыннарар инниттэн соторутааҕыта Москваҕа РФ Үөрэҕин министиэристибэтин, Педагогическай кэтээн көрүүлэр федеральнай институттарын (ФИПИ), ЮНЕСКО таһымыгар Информационнай технология институтун салалтатын кытта көрсүһэн Бүлүүтээҕи пуорум кэнсиэпсийэтин, бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэһии түһэрсиитин о.д.а. боппуруостары кэпсэтэн кэллибит. Онон үөрэх систиэмэтин киэҥник хабан, сайдыы туһугар үлэлэһэбит.

Төрөөбүт тыл сайдыыта

— Дьокутааттаабытыҥ үһүс сылыгар барда. Саха дьонун долгутар тыл боппуруоһугар туох ситиһии баарый?

— Бастатан туран, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр тыл туһунан бырагырааманы үһүстээн эргиттибит. Тус бэйэм көҕүлээһимминэн 2005 сыллаахха үөрэх миниистиринэн, 2011 сыллаахха бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан олорон дьарыктаммытым уонна дьокутаатынан кэлэн баран, бу бырагырааманы 2020 сылтан хаттаан тилиннэрдибит. “СӨ 2020-2024 сылларга судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллары харыстааһын уонна сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагыраама бигэргэннэ уонна ханнык даҕаны сыллардааҕар СӨ Бырабыыталыстыбатын кытта күүскэ үлэлээбит буоламмыт, үгүөрү үп көрүлүннэ. Анал бырагыраама ылыныллыбыта улахан суолталаах күүс дии саныыбын.

Бырагыраама үс хайысханан үлэлиэхтээх: 1) судаарыстыбаннай (нуучча, саха) уонна официальнай тыллар (6 аҕыйах ахсааннаах омук тыла) сайдыылара; 2) судаарыстыбаннай уонна СӨ официальнай тылларынан үөрэҕи тэрийии; 3) судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллары туттууну кэҥэтии.

Судаарыстыбаннай тыллары ылан көрдөххө, билигин СӨ Төрүт Сокуонун 22-с ыстатыйатыгар олоҕуран, саха тылынан үөрэтии мэктиэлэнэр. Оттон төрөөбүт тылынан үөрэтиигэ “РФ Үөрэхтээһин туһунан” сокуонугар уларытыы киирбитэ. Төрөөбүт тылынан үөрэтии хайдах тэриллиэхтээҕэр үгүс мөккүөр кэнниттэн 14-с ыстатыйаны бэйэбит кэҥэтэн, уларытыылары кииллэрбиппит. Аны сокуон уларыйыыта салгыы олоххо киирэригэр сөптөөх нуорма-быраап аахталара ылыныллыахтаахтар. Ыстандаарка, үөрэх былааныгар барытыгар уларыйыы буолуохтаах, үөрэтэр усулуобуйа тэриллиэхтээх, учуутал, кэбиниэт, үөрэх кинигэтэ барыта баар буолуохтаах.

Судаарыстыбаннай тыллары туттууга салалтаҕа да, көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэргэ да сир-дойду аатыттан саҕалаан икки тылынан суруйуу хааччыллыахтаах.

Наука уонна үөрэх туһунан салаатын ыллахха, уустук балаһыанньаҕа киирдибит. Үйэ аҥаарыттан ордук кэм устата үлэлээн кэлбит федеральнай таһымнаах Саха сиринээҕи Төрүт оскуолалар институттара билигин РФ норуоттарын төрөөбүт тылларын институттарын филиала дэнэн, научнай туруга (статуһа) суох буолла. Оччотугар уопсай педагогика, этнопедагогика, литература, тылы үөрэтии, чинчийии балаһыанньата уустугуруон сөп. ХИФУ үөрэтиэҕэ диибит эрээри, кинилэр үксүн каадыры бэлэмнээһининэн дьарыктаналлар. Саха тылын, литератураны, нуучча тылын омук тылын курдук үөрэтиигэ урукку мэтэдиис-­учуонайдарбыт Сэбиэскэй Сойууска тиийэ киэҥник сураҕыраллара. Ол иһин СӨ Наукаларын академиятын таһымыгар туспа хайысханы аһыахха диэн этиилээхпин. Бу боппуруоһунан күүскэ дьарыктаныахпытын наада. Холобур, Татарстан, Башкортостан, Чечня Наука национальнай академияларыгар чинчийиини тохтоппокко илдьэ сылдьаллар. Эппитим курдук, билигин научнай оскуоланы салгыы сайыннарыыга уонна Төрүт Сокуоҥҥа уларытыылары киллэртэриигэ үлэлэһэбит.

Төрүт култуура

— Эһиилгиттэн төрүт култуура уруога суох буолар үһү диэн иһиллибитэ. Үбүлээһинтэн тутулуктаах буолуо дуу?

— Араас кэпсээн олус элбэх. Чопчу үлэлэһэ сылдьар исписэлиистэри мунньан Сэбиэт тэрийэргэ уолдьаста дии саныыбын. Төрүт култуура учуутала чааһым тиийбэт диир, физкултуура учуутала миэхэ түөрт чааста көрүҥ диир, нуучча тылын учуутала иккис тыл быһыытынан үөрэтэрбэр өссө чаас эрэйиллэр диир, математика учуутала эмиэ эбии чаас көрдүүр… Ол иһин оскуолаҕа чаас былдьасыһыытын кыһалҕата турар. Маҥнай эксээмэннээх сүрүн биридимиэттэри (математика, нуучча тыла), салгыы талар биридимиэттэри, онтон эрэ атын биридимиэттэри көрөллөр.

Саха тыла эрэгийиэҥҥэ ордук суолталаах, манна ХИФУ-га эрэ туттарсааччылар саха тылыгар эксээмэни туттараллар. Инньэ гынан, көйгөтүллэр. Ол иһин сөпкө аттаран туруоруохтаахпыт, сорох табыллар биридимиэттэри холбоон ыытыахтаахпыт (интеграция).

Үөрэтии ис хоһоонугар сүрүн суолталаах “Тугу уонна тоҕо үөрэтиэхтээхпитий? Тугу үөрэтиэхтээхпитий?” диэн хоруйдарга эппиэттииргэ мэтэдиическэй сулууспа үлэтэ көстүөхтээх. “Оҕобутун халтай ноҕуруускалаары, саха тылын үөрэттэриэхпит дуо?” диир төрөппүттэр бааллар. Ол иһин өрөспүүбүлүкэбит уратыларын көрөн үөрэтэр педагогика науката баар буолуохтаах диэн этэбин.

Саха тыла уонна эбии баал

 

— Саха тылыгар биир кэлим эксээмэни туттарбат буоллаҕына, оҕо бу биридимиэти үөрэтэрэ ирдэммэт диэн аһаҕастык этэллэр. Ол иһин уопсастыбаннас саха тылыгар эксээмэни туттарбыт оҕолор үрдүк үөрэххэ киирэллэригэр, холобур, ГТО-ҕа курдук, баал эптэриэн баҕарар. Итиннэ сокуонунан хааччах суох дуо?

— Тустаах боппуруоһу университет бэйэтэ быһаарыан сөп. ГТО туттарбыттарга эбии баалы көрүү – бүтүн дойду үрдүнэн бигэргэммит докумуон. Университет федеральнай үрдүк үөрэх кыһата эрээри, эрэгийиэн сиригэр-уотугар баарын быһыытынан эбии баалы киллэриэн сөп. Билигин портфолиоҕа (олимпиада, куонкурус, успуорт…) араас хайысхаҕа ситиһии аахсыллар дии. Ол курдук эмиэ бары хайысхаларга да буолбатар, төрөөбүт тылын билэрин, эксээмэни туттарбытын иһин баалы эбиэн сөп. Сокуон ону утарбат. Үрдүк үөрэх кыһата бэйэтэ быһаарыы ылынар кыахтаах.

Ыраахтан олорон үөрэнии

 

— Ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэнии олохпутугар киирдэ. Аны, бука, тохтообото буолуо. Тымныы, дьаҥ күннэригэр син биир маннык үөрэниэхтэрэ. Тыа сирин оскуолалара көрүллэр үп тиийбэт дииллэр, элбэх оҕолоох дьон төлөпүөн интэриниэтигэр баһаам харчыны куталлар…

— Этэн ааспытым курдук, 2016 сыллаахха Өлүөнэтээҕи пуорумҥа “Образовательная инициатива на период до 2030 года” диэн докумуону ылыммыппыт. Дистанционнай технологияны туһаныыга үлэни эрдэттэн ыыппыт буолан, маассабай көһүүнү кэм бэлэмнээх көрүстүбүт.

Холобур, инбэлиит оҕолору ыраахтан үөрэтии Саха сиригэр 2007 сылтан киирбитэ. Оттон күргүөмнүк көһүү дойду да үрдүнэн, биһиэхэ даҕаны уустуктардааҕа өйдөнөр. Бастатан туран, тыа оскуолаларыгар түргэн интэриниэт үбэ тиийбэт. Бу боппуруоһу өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы мунньахтарыгар эмиэ бэлиэтээн турабын. Оскуола интэриниэти туһанарыгар 2007 сыллаахха бигэргэммит 9 тыһыынча солкуобай көрүллэр, ол хайдах да тиийбэт. Суоттаан көрдөххө, ыйга 18-20 тыһыынча солкуобай ирдэнэр. Арктика улуустарыгар маннааҕар элбэх үп эрэйиллэр. “Ону ким толунар?” диэн ыйытыыга күн бүгүн эппиэт суох. Интэриниэтинэн хааччыйар тэрилтэлэр: “Элбэх туочука холбонноҕуна, тарыып сыаната түһүө, кыамтатын үрдэтиэхпитин сөп”, – дииллэр эрээри, бэйэлэрин сыаналарын улаханнык түһэрбэттэр. СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Владимирович Тарасенкоҕа Атырдьах ыйынааҕы мунньах кэнниттэн ити боппуруоһу туруорсубуппар: “Ростелекому кытта кэпсэтиини ыытабыт”, – диэн иһитиннэрбитэ. Биллэн турар, бу түргэнник быһаарыллыбат дьыала, нормативтар хос көрүллүөхтээхтэр. Итиэннэ атын ньымалары (модель) эмиэ үөрэтиэххэ дииллэр. Холобур, үөрэх матырыйаалын баазаҕа эрдэ угуу эбэтэр үөрэх матырыйааллара барыта киллэриллибит планшеттарынан хааччыйыы.

Үөрэҕи сыыппараҕа көһөрүү боппуруостарын көрөрбүтүгэр оскуолалары интэриниэтинэн хааччыйыахха, үбүлээһинин өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүөххэ уонна анал тэрилинэн хааччыйыахха диэн этиилэри киллэрбиппит.

Үөрэх тэрилинэн хааччыйыы сытыытык турар

— Ыраахтан үөрэххэ көһүүгэ элбэх оҕолоох уонна кыра дохуоттаах сорох ыал оҕолоро анал тэрилинэн кыайан хааччыллыбатахтара. Ол иһин Дьокуускай куорат үөрэҕин салалтата 500 планшеты атыылаһан биэрбитэ. Үөрэнэр бырагыраамаларын (портал төлөбүрэ) үбүлээһинин эмиэ учуоттаабыттара. Бу уустук боппуруоска салгыы үлэлэһиэххэ наада. Улуустааҕы үөрэх начаалынньыктарын, агро-оскуолалар холбоһуктарын, Арктика оскуолаларын балаһыанньаларын, инновационнай оскуолалары билэбин, быһаччы сибээстэһэ олоробун. Биир кэлим (ЕГЭ) уонна сүрүн судаарыстыбаннай (ОГЭ) эксээмэннэргэ интэриниэтинэн хааччыйыы күүскэ ирдэнэринэн, ол кэмҥэ атыттар интэриниэккэ холбонууларын хааччахтыахтарын сөп.

“Кыһыл зона” миэдиктэрин оҕолоро

 

— Эксээмэннэри таарыйбычча биир ыйытыылаахпын. Коронавируска үлэлиир миэдиктэр оҕолорун эксээмэҥҥэ босхо бэлэмнииллэр. Бу федеральнай бырагыраама дуо?

— Биһиги этиибитинэн “Кыһыл зона” миэдиктэрин оҕолоругар “БКЭ-2021” диэн аахсыйа чэрчитинэн кулун тутартан ыам ыйыгар ыраахтан олорон (дистанционно) босхо консультациялар ыытыллаллар. Сайаапкалары 12 улуустан уонна Дьокуускай куораттан биэрдилэр. Уопсастыбаннай көҕүлээһини Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет өйөөн, 33 билим хандьыдаата сайаапкаҕа киирбит оҕолору уон биридимиэккэ дьарыктыыр. Ыччат арыый сыстаҕас диэн толкуйтан информатикаҕа биэс магистрант үлэлииргэ сөбүлэстэ.

— Нэһилиэнньэ маны өйдөөбөт. “Коронавируска үлэлиир быраастар хамнастара онто да суох үрдүк, тоҕо кинилэр оҕолоругар эрэ босхо консультация көрүллэрий?” – дииллэр. Итини быһааран биэрэриҥ буоллар.

— Коронавируска үлэлиир миэдиктэр оҕолорун күннэтэ көрбөккө, ыйы-ыйынан нэһилиэнньэ доруобуйатын туһугар охсуһаллар. Кинилэр оҕолорун уһун кэм устата хонтуруоллаабаттарын иһин тустаах аахсыйаны тэрийдибит.

Эксээмэннээх кылаастарга консультацияны оскуола хайдах ыытарыттан тутулуктаах. Ким эрэ эрэпэтиитэрдэнэр, ким эрэ оскуола учууталлара биэрэр консультацияларыгар сылдьар. Мин санаабар, бу боппуруоска улахан болҕомто ууруллуохтаах. 2024 сылга Арассыыйа үөрэх хаачыстыбатынан 10 дойду, Саха сирэ 15 субъект ахсааныгар киириэхтээх диэн дойду, өрөспүүбүлүкэ салалталара сорук туруорбуттара. Эксээмэннэр – үөрэх хаачыстыбатын биир эрэ көрдөрүүтэ.

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет аахсыйаны бастакынан өйөөбүтүгэр махталбыт улахан. Ылыстахха, кыаллар кыахтаах. Бырайыак уопсастыбаннай, онон салгыы кимнээх баҕарар аахсыйаны өйүөхтэрин сөп. Маннык көмөҕө ордук тыа сирин кытыы оскуолалара наадыйаллар.

Тестирование киинин арыйыы

 

— Билигин тестирование киинин тэрийэри көҕүлүүбүн. Оҕо тест аастаҕына ханна, туохха хаалыылааҕа, көтүтүүлээҕэ ырылхайдык көстүө этэ. Билигин хайдаҕый? Оҕо 2-с кылааска төгүллээһин табылыыссатын үөрэппэтэҕэ 5-с кылааска тиийэн биирдэ көстөр. Табылыыссаны билбэт буолан, хааллар-хаалан иһэр. Аны нуучча тылыгар төһөлөөх көтүтүү баарый? Маннык киин арыллара буоллар, төрөппүт оҕотун билиитин хаһан баҕарар (нэдиэлэ, ый аайы, ханнык эрэ тиэмэни барбыттарын кэннэ) санаата да бэрэбиэркэлэтиэ этэ. Маннык холобур Москваҕа, Санкт-Петербурга, өрөспүүбүлүкэбитигэр Хаҥаласка Покровскай куорат 4-с нүөмэрдээх оскуолатыгар баар. Бэйэм анаан билсибитим, бэркэ үлэлии олороллор. Саха сирин үөрэнээччитин барытын хабар бүгүҥҥүтэ кыалла илик.

Былырыын Ньурбаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан эбии үөрэхтээһиҥҥэ арыллыбыт “АйТи-кубка” эбии тестирование киинин үлэлэтэллэригэр этии киллэрдим. Сөптөөх анал тэрил, учууталлар, мэтэдиистэр бааллар. Маннык киин Дьокуускайга тэриллэрэ буоллар, өрөспүүбүлүкэни барытын даҕаны хабыахтарын сөп этэ.

ФИПИ-га 1-11-с кылаастар үөрэнээччилэригэр аналлаах тест баар. Командировкаҕа институт салалтатын кытта көрсөн, тестэри босхо биэрэллэригэр кэпсэтэн кэллим. Онно СӨ Бырабыыталыстыбата институту кытта сөбүлэҥ түһэрсэрэ ирдэнэр. Оттон федеральнай бырагыраамаҕа киирбэтэх саха тылыгар, литературатыгар, устуоруйатыгар, географиятыгар сыһыаннаах эрэгийиэннээҕи компонены бэйэбит оҥоруохпутун сөп.

Үөрэх хаачыстыбатын туһугар

— Аны тест ааспыт оҕо туохха хаалыылааҕын туоратар үлэ барыан наада дии.

— Тест диэн диагноһы быһаарыы, быраас ыарыһаҕы бастаан көрөн-истэн эрэ баран эмтиирин кэриэтэ. Үөрэххэ эмчит оруолун мэтэдиис уонна учуутал толоруохтаахтар. Оҕо чопчу ханна көтүтүүлээҕин быһааран баран, мэтэдиис учууталга оҕону кытта маннык үлэлэниллиэхтээх, төрөппүттэн бу курдук сүбэ эрэйиллэр диэн ыйан-кэрдэн биэриэхтээх. Оҕо орто сүһүөх кылаастарга таҕыстаҕына, ханнык биридимиэттэри ордук сэҥээрэрин көрөн, идэҕэ туһаайар үлэни (профориентация) күүһүрдэн, идэтин таларыгар көмө оҥоһуллуохтаах.

— Учууталлар хос үлэ диэхтэрин сөп.

— Ноҕуруускабыт улахан диэхтэрин сөп. Учуутал оҕо көрдөрүүтүн тупсарарга, кини киэҥ билиилээх-көрүүлээх үөрэнэн тахсарыгар интэриэстээх. Биллэн турар, оҕо араас – ким эрэ түргэнник ылынар, ким эрэ бытааннык толкуйдуур.

— Билигин түмүгү үөрэх хаачыстыбатынан буолбакка, олимпиаданан, куонкуруһунан сыаналыыллар быһыылаах дии.

— Хомойуох иһин, бу уруккуттан олохсуйбут көстүү. Олимпиадаҕа, куонкуруска кытыннараары 25 оҕоттон учуутал биэс бастыҥы эрэ кытта дьарыктанар буолуон сөп. Билигин оҕону барытын кытта дьарыктанарга ирдэбил туруохтаах. Оччоҕо эрэ дьиҥнээх түмүк, хаачыстыба көстөр кыахтаах. Үчүгэйдик үлэлиир оскуола элбэх эбээт. Онон атыттар бастыҥ уопуттарын туһанан, Саха сирин оҕолоро үүнэллэригэр-сайдалларыгар туох баар кыаллар усулуобуйаны барытын тэрийиэхтээхпит.

Үөрэх хас биирдии киһиэхэ быһаччы сыһыаннаах. Онон ким эрэ салайыахтаах диэн санаанан салайтарбакка, уопсастыба барыта ылыстаҕына, ааһан да иһэр киһи оҕоҕо бэйэтинэн холобур буоллаҕына даҕаны, көдьүүһэ улахан. Салалта уонна уопсастыба хардарыта санаабытын истиһэн, бары бииргэ ылсан үлэлэстэхпитинэ, өйөстөхпүтүнэ эрэ улахан сыал-сорук олоххо киирэр, хамсааһын тахсар.

— Феодосия Васильевна, сэһэргэһииҥ иһин махтал.

 

 

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0