Феодосия Габышева Үөһээ Бүлүү библиотекатыгар кинигэ бэлэхтиир үгэстээх
Бэчээккэ уонна маассабай тэрээһиннэргэ Федеральнай ааҕыныстыба өйөбүлүнэн Арассыыйатааҕы кинигэ сойууһа сыллата ыытыллар “Саамай ааҕар эрэгийиэн” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруһу көҕүлүүр. 2019 сылтан Ил Түмэҥҥэ маныаха маарыҥныыр аахсыйаны ыытан саҕалаабыттара.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа «Саҥа оскуола» диэн бырайыагын координатора Феодосия Габышева ааҕыыны уруккуттан көҕүлээн, Үөһээ Бүлүү улууһун Куду учаастагар номнуо хаһыс да сылын кинигэ бэлэхтиир үгэстээх.
Феодосия Васильевна кыра сэлиэнньэлэргэ хайаан даҕаны оскуола уонна оҕо саада баар буолуохтаах диэн этэр. Онон Үөдүгэй нэһилиэгин Кудутааҕы учаастагын оскуола-саадыгар уонтан тахса сыл устата араас кинигэлэри бэлэхтиир. Маны таһынан өссө кини миэбэл, араас тиэхиньикэни, килиэп астыыр бэкээринэни ыытан турар.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата