Феодосия Габышева: «Төрүт Сокуоҥҥа уларытыыны киллэрии барылыгар социальнай хайысхаҕа улахан болҕомто ууруллубут»
От ыйын 1 күнүгэр буолуохтаах, Конституцияҕа уларытыылары киллэрэр куоластааһын туһунан дьон-сэргэ бэйэтин санаатын үллэстэр.
Феодосия Габышева, Ил Түмэн наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
— Арассыыйа Федерациятын Төрүт Сокуонугар кэккэ уларытыылары киллэрии – билиҥҥи кэм-кэрдии ирдэбилэ. Биһиэхэ 90-с сыллартан саҕалаан федеральнай сокуоннарга киирбит уларыйыыларга олоҕуран, Ил Түмэн өрөспүүбүлүкэ таһымыгар сокуоннары таһааран оччоттон-баччаҕа диэри кэллэ. Ити уопукка тирэҕирэн, уларыйыыларга биһиги эрэгийиэннээҕи уратыбыт мэлдьи учуоттанар.
Төрүт Сокуоҥҥа уларытыыны киллэрии барылыгар социальнай хайысхаҕа улахан болҕомто ууруллубут. Чуолаан үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ (МРОТ) тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн (прожиточный минимум) кыра буолбатыгар; биэнсийэ, көмөлтө харчы уонна да атын социальнай төлөбүрдэр сыллата булгуччу индексацияланалларын туһугар судаарыстыба социальнай эппиэтинэһи, эбэһээтэлистибэни сүгэр.
Иккиһинэн, Арассыыйа Федерацията бары субъектарга олорор норуоттар төрөөбүт тылларын харыстаан илдьэ сылдьар бырааптарын мэктиэлиир, тылы үөрэтиигэ, тыл сайдыытыгар туох баар усулуобуйаны тэрийэр. Биһиги омук быһыытынан бырааппыт тыытыллыбат. Төрүт Сокуон 68-с уонна 69-с ыстатыйаларын анал балаһыанньалара кэҥээбитэ олус суолталаах. Маныаха көрүллэринэн, култуура – Арассыыйа Федерациятын элбэх национальностаах норуотун нэһилиэстибэтэ буолар, ити барыта судаарыстыбанан өйөнөр уонна көмүскэнэр, омук тылын-өһүн, төрүт үгэһин харыстаан илдьэ сылдьыыны өрө тутар.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — СИА.