Федот Львов: «Драматическай уобараһы ордоробун»

04.11.2016
Бөлөххө киир:

Тыйаатырга ардыгар артыыһы эрэ көрөөрү кэлэрбит курдук, киинэҕэ эмиэ сөбүлүүр артыыскын саҥа уобараска арыйаары киинэ тахсарын долгуйа күүтэҕин. Биир оннук айар-тутар киһинэн СӨ Эдэр көрөөччү судаарыстыбаннай тыйаатырын артыыһа, «тыйаатыр уонна киинэ артыыһа» идэлээх Федот Львов буолар.

  • Федот, бастатан туран, Саха сиригэр тыйаатырдар сезоннара аһыллыытынан эҕэрдэлиибин! Эһиги тыйаатыргыт бу сезону туох сонуннаах көрсөр?
  • Эдэр көрөөччү тыйаатыра быйылгы сезоммутун Хаҥалас улууһун Улахан Аан с. элбэх оҕолоох Малгиннар дьиэ кэргэттэригэр анаммыт «Ытык ийэ» диэн испэктээкилбитинэн арыйдыбыт. Сэтинньи 4, 11, 12 күннэригэр Владислав Левочкин пьесатынан «Пути Господни» испэктээкил премьерата буолуоҕа. Саҥа үлэбитигэр Иннокентий Вениаминов олоҕун уонна миссионерскай үлэтин туһунан кэпсэнэр. Испэктээкили СӨ үтүөлээх артыыската Валентина Якимец туруорда. Манна мин Кошеваров оруолун, таҥараһыкка илии-атах буолар киһини оонньуубун. Онон, тыйаатырбытыгар үлэ күөстүү оргуйар. Онтон киинэ туһунан эттэххэ, быйыл саас «Сааскы кэмҥэ» Дьөгүөр Лэглээрини оонньоотум. Киинэни үксүн Амма Аччыгыйа төрөөбүт-үөскээбит сиригэр Таатта улууһун Харбалааҕар уһуллулар.
  • Арамааны урут аахпытыҥ дуо?
  • Оскуола бырагырааматыгар киирбитин эрэ аахпытым. Киинэҕэ уһулларбытыгар айымньы сценарийын биэрбиттэрэ. Онон чопчу сценарийынан оонньоотубут.
  • Оруолгун төһө арыйдыҥ быһыылаах?
  • Дьэ, ону көрөөччү быһаарыа турдаҕа. Уопсайынан, оруолларбын бэйэм кыайан сыаналаабаппын. Артыыс идэтигэр үөһээ көтүү да, намыраан ылыы да баар. Ордук саҥа сүрэхтэнэр оруолларга олус долгуйаҕын. Сэтинньи 3 күнүгэр Москваҕа көтүөхтээхпин. Костас Марсан режиссердаах, Марианна Скрыбыкина продюсердаах «Мой убийца» киинэ Арассыыйаҕа быракаакка тахсыытыгар ыҥырбыттара. Оруолум – күлүк курдук сылдьар «хара» киһи.

«Ильмень күөл» – улахан экраҥҥа бастакы хардыым

  • Тыйаатыргар да, киинэҕэ да элбэх оруоллардааххын. Мэһэйдэппэккин дуо?
  • Киһи мэһэйдэтиэн сөп эбитэ буолуо да, тыйаатырбыт салалтата Матрена Степановна уонна Алексей Прокопьевич Павловтар олус өйүүллэр. Киинэҕэ оруолга ыҥырдахтарына, салалтаҕын кытары кэпсэттэххинэ, көҥүллүүллэр. Инньэ гынан, киһи мэһэйдэппэт, улаханнык ыарырҕаппат. «Тыйаатыр уонна киинэ артыыһа» диэн идэлээх дьон буоллахпыт. Испэктээкиллэргэ оонньоон баран, төттөрү киинэҕэ уһулла барыаххын эмиэ сөп. Киинэ, тыйаатырга тэҥнээтэххэ, олох атын эйгэлээх. Тыйаатырга уобараскар элбэхтик бэлэмнэнэн эрэ баран сценаҕа тахсар буоллаххына, киинэҕэ камера, режиссер хараҕынан оруолгар киирэҕин. Хаһан сөп буолла диэхтэригэр диэри уһула тураллар. Дьэ, ол кэнниттэн киинэни таҥыыттан улахан тутулуктаах. Сорохтор: «Киинэҕэ уһун тиэкистэри ыарырҕаппаккын дуо?» диэн ыйытааччылар. Сахалыы киинэлэргэ оонньуурга бэйэҥ төрөөбүт тылыҥ буолан, киһи түргэнник ылынар. Нууччалыы саҥараары гыннахха, киһи сороҕор ыарырҕатар. Саҥаҕын кыайан сибээстээбэккэ хаалар көрүдьүөс да түгэннэр тахсааччылар.
  • «Ильмень күөлгэ туруйалар» киинэ көрөөччүнү улаханнык долгуппута уонна сахалар да улахан форматтаах киинэни устар кыахтаах эбиппит диэн санааны сахпыта. Ол артыыстар оонньуулларыттан эмиэ тутулуктаннаҕа.
  • Биллэрин курдук, Егор Неймохов сценарийынан уһуллубут байыаннай-историческай дыраамаҕа Старай Руссаны фашист халабырдьаттарыттан босхолооһуҥҥа Ильмень күөлгэ саамай күүстээхтэр, ол иһигэр 19-с хайыһар биригээдэтигэр киирбит 700-тэн тахса саха быраҕыллыбыта. Онно киһини харааһыннарар, аймыыр, көрөөччүнү долгутар көстүүлэр элбэх этилэр. Көрөөччүлэри уоскута таарыччы эттэххэ, өлбүт саллааттар барахсаттар ууга түһүүлэрин каскадердар оонньообуттара. Ити киинэҕэ оонньооһунум улахан экраҥҥа бастакы хардыыбынан буолбута уонна элбэх үөрүйэҕи биэрбитэ. Онон, режиссер Никита Аржаков Роман Нелибеев оруолугар миигин талбытыгар, киинэтинэн киэҥ эйгэҕэ таһаарбытыгар дьылҕабар махтанабын.

Аһара хайҕыыр куһан өрүттэниэн сөп

  • Сахабыт сиригэр киинэни устууга улахан сүүрээн таҕыста. Жанра да элбээтэ, биллэр-көстөр артыыстар, режиссердар баар буоллулар. Эн санаан?
  • Хамсааһыннар бардылар диэххэ сөп. Холобур, «Мой убийца» триллер Голливуд ассоциациятын көрүүтүгэр ылыллыбыт саха бастакы киинэтинэн буолла. Киһи онтон үөрэр эрэ. Элбэх киинэ уһуллуута артыыстарга эмиэ улахан суолталаах. Ханнык киинэҕэ, ханнык оруолга оонньуургун талыаххын да сөп курдук буолан эрэр ээ. Документальнай да, уус-уран киинэҕэ да буоллун, араас таһымнаах фестиваллартан син биир илии тутуурдаах, өттүк харалаах – бириистээх кэлэллэр. Киинэлэрбит туох ситиһиилэммиттэрин тута Интернетинэн билэ-көрө, кинилэри кытта тэҥҥэ үөрэ-көтө олоробут. Сахабыт сиригэр киинэ сайдара олус наадалаах. Норуот да быһыытынан тахсарбытыгар. Саха киинэлэрин көмөлөрүнэн Арассыыйаҕа маннык норуот баарын, Саха сиригэр киинэ усталларын биллилэр, сөҕөллөр-махтайаллар. Биһиги киинэлэрбитигэр Арассыыйа кириитиктэрин да сыанабыллара үрдээтэ. Үчүгэй өттүн бэлиэтииллэр. Ол эрээри, наһаа хайҕыыр куһаҕан өрүттээх эмиэ буолуон сөп.
  • Егор Неймохов «Сайсары күөлгэ түбэлтэ» диэн айымньыта «Мой убийца» диэн ааттанан хаалбытыгар бастаан соһуйбуппут уонна соччо сөбүлээбэтэхпит.
  • «Киинэ киэҥ экраҥҥа тахсарыгар көрөөччүнү соһутар, ыҥырар-угуйар уонна Арассыыйа көрөөччүлэригэр өйдөнөр ааттаах буолуохтаах», – диэн быһаарбыттара. Киинэ ситиһиитэ аатыттан эмиэ улахан тутулуктаах.
  • Аҥардастыы киинэҕэ оонньооһунунан эрэ үлүһүйүөм диэн куттаммаккын дуо? Холобур, талар кэм тирээн кэллэҕинэ?
  • Оннук талар кэм туруо дии санаабаппын. Киһи бэйэтэ сөбүлүүр үлэлээх буолуохтаах. Мэһэйдэр эрэ суох буоллаллар, киинэҕэ оруолга ыҥырдахтарына уһуллуохха сөп. Онтон тыйаатырбын олус сөбүлүүбүн, артыыс идэтэ – мин аналым.

Үлэ кэмигэр олоҕум аргыһын көрсүөм дии санаабатаҕым

  • Олоҕуҥ аргыһын Арассыыйа киинэтигэр уһулла сылдьан билсибит дииллэрэ кырдьык дуо?
  • Кэргэмминээн Настялыын «Орда» киинэҕэ уһулла сылдьан билсибиппит. Настя эмиэ тыйаатыр үлэһитэ, режиссер. Настя манна бастайааннай үлэтэ суох, онон үксүн Москваҕа баран киинэлэргэ үлэлиир. Саха киинэтигэр ыҥырдахтарына, үөрүүнү кытта көмөлөһөр. Манна сыһыаран эттэххэ, режиссер Андрей Прошкин «Орда» уус-уран киинэтигэр Тимер оруолун оонньообутум. Бу оруолбунан «НИКА» кинематография наукатын академиятын бириэмийэтигэр «Сыл арыллыыта» номинацияҕа түһэриллэ сылдьыбытым. Саха киинэтин историятыгар маннык аптарытыаттаах бириэмийэҕэ саха артыыһа аан бастаан түһэрилиннэ диэн үөрдүбүттэрэ. Уопсайынан, «Орда» киинэ 11 номинацияҕа киирсибитэ.
  • Кырдьык, улахан чиэс-бочуот эбит, өссө төгүл эҕэрдэ! Онтон эн ис туруккун, майгыгын-сигилигин уларыппыт оруол баар дуо?
  • Интэриэһинэй боппуруос буолла. Мин саныахпар, хас биирдии оруолга киһини долгутар, хос-хос толкуйдатар туох эрэ баар буолар. Бэйэҥ айыахтаах уобараскын ыраҥалыы, илдьиритэ сылдьаҕын. Омсолоох дьоруойу оонньуур буоллаххына, кини дьылҕата хайдах буолуон сөбүн оҥорон көрөҕүн. Ити барыта, бэйэҥ да билбэккинэн, эн сүрэххэр-дууһаҕар хаалар дии саныыбын. Омсолоох дьоруойбун оонньуурбар да киниэхэ наар үчүгэй өттүн эрэ көрө, була сатыыбын. Онтон мин майгыбын-сигилибин, олоххо көрүүбүн тосту уларыппыт оруол диэн суох быһыылаах. Арай, олохпун тосту уларыппыт киинэ буолар. Ол эбэтэр киинэҕэ уһулла сылдьан, олоҕум аҥарын көрүстэҕим, кинини таптаатаҕым дии. Сааамай улахан уларыйыым ол буолуо.
  • Бырастыы гын, нуучча кэрэ кыыһыгар тапталга билинии туһунан хорсун быһыы курдук дуу? Эбэтэр дьылҕа хаан ыйааҕа диибит дуу?
  • Оннук курдук. Тапталбын үлэлии сылдьан көрсүөм диэн түһээн да баттаппат этим буоллаҕа. Билсиһиигэ бастакы хардыыны бэйэм оҥорбутум уонна биир сылынан ыал буолбуппут. Дьылҕа хаан ыйааҕа, ол иһигэр артыыстарга, баар быһыылаах. Чопчулаан эттэххэ, оруол бэриллиитэ эмиэ үөһэттэн ыйыллан кэлэр курдук эбэтэр наадалаах кэмҥэ эн бэйэҥ баар буолан хаалаҕын. Биир интэриэһинэй түгэни кэпсиим. Сергей Потапов «Предчувствие» испэктээкилигэр оруолга соһуччу киирэн турабын. Саҥа дьыл кэнниттэн артыыстар дойдубутугар сынньана сылдьар кэммит этэ. Сынньана сырыттахпытына, С.Потапов биһиги тыйаатырбытыгар испэктээкил туруорарын, түргэнник кэлэ охсуохтаахпытын туһунан эттилэр. «Ким туох былыргы тэриллээҕинэн илдьэ кэлиҥ, саа наада» – диэн илдьит тигинээн кэллэ. Мин, хата, былыргы сааны булан тиийэн кэллим. Кэлбитим Сергей соҕотох олорор. Миигин көрөөт: «Кылаабынай оруолга эн оонньуур эбиккин!» – диэтэ. Онон бүттүбүт. Инньэ гынан сүрүн оруолланан хаалан, бэл, 2003 с. Египэккэ тиийэн оонньоон кэлбиппит. Онно Чалбан саллаат оруолбун «Эр киһи бастыҥ оруола» номинацияҕа киллэрбиттэрэ. Онон, киһиэхэ итинник соһуччу уонна олоххун байытар түбэлтэлэр син баар буолаллар. Бастакы кэлэммин, сүрүн оруолга тигистэҕим дии.

Кэмиэдийэни ыарырҕатабын

  • «Эдэр көрөөччү тыйаатыра» диэн аата этэринэн, репертуарга хааччахтааһыннар баар буолаллар дуо?
  • Суох, оннук буолбатах. Биллэн туран, сүрүн хайысхабыт – эдэр ыччаты кытары үлэлээһин. Эдэр ыччат классиканы көрүөхтээх, оскуолаҕа баар бырагырааманы билиэхтээх. Онон хайысхабыт өссө кэҥээн таҕыста диэхпин сөп. Уһуйаан оҕотуттан саҕалаан, улахан дьоҥҥо аналлаах испэктээкиллэри туруорабыт. Инньэ гынан, оруолларбыт даҕаны элбээтилэр, араас уобарастар баар буоллулар, үлэлииргэ олус интэриэһинэй.
  • Ыччаты иитэр-үөрэтэр соругу туруорунан, наар үчүгэйи эрэ көрдөрүллүөхтээх дуу, куһаҕан өрүттэри эмиэ аһаҕастык көрдөрүллэр дуу?
  • Эдэр драматург Алена Афонина, режиссер Александр Титигиров туруорбут «По краю» диэн испэктээкилбит аһаҕас кэпсэтиилээх көрдөрүллүбүтэ. Онно киһи бары араас өйдөбүллээҕин өссө төгүл итэҕэйбиппит. «Бу испэктээкили көрөн баран, киһи бэйэтин өлөрүнүөн баҕарар» диэбит көрөөччүлэр эмиэ бааллара. Мин саныахпар, оннук буолбатах. Оҕо, обургу оҕо олох мөкү өрүттэрин көрөн, куһаҕан дьаллыктар содулларын билэн, куһаҕаны-үчүгэйи араара үөрэниэхтээх. Итинник «ыарахан тыыннаах» испэктээкиллэргэ син биир үчүгэй өттө баһыйар. Уопсайынан, тыйаатыр көрөөччүнү үчүгэйгэ эрэ үөрэтэр дии саныыбын. Киһи тыйаатырга кэлэн, күннээҕи түбүгүттэн сынньаныахтаах, элбэҕи толкуйдаан барыахтаах.Куһаҕан оруоллар миэхэ аҕыйахтар да курдук. Холобур, Семен Ермолаев «Көмүөл уонна таптал» к
    иинэтигэр хара санаалаах сиэхсити оонньообутум. С.Потапов «Пластилин» испэктээкилигэр оччо бэрдэ суох милиционер баара. «Ордаҕа» Тимер оруолун бастаан эмиэ куһаҕан уобарас курдук ылыммытым. Мусульманин Тимер наар сэриилэһэ үөрэммит, сэриитэ суох сатаммат. Биир өттүнэн ыллахха, аҕабыт Алексийы кытары көрсүһүүтэ киниэхэ туһаны аҕалар. Тимер наар кинини кэтии-маныы сылдьар, үөрэтэр. Мин санаабар, кини христианствоны ылыныан сөп этэ.
  • Тыйаатыр артыыстарыгар амплуа диэн аны баар дуо? Наар биир амплуаҕа сылдьар артыыс сайдыбакка хаалыан сөп курдук.
  • Биһиэхэ оннук суох. Араас уобарастары арыйдым диэххэ сөп. Ол гынан баран, драматическай оруоллары быдан ордоробун. Кэмиэдийэни оонньуур олус ыарахан. Кэмиэдийэ – саамай уустук жанр. Хас биирдии киһи ис-иһиттэн көрдөөх-күлүүлээх буолбат. Син биир туспа айылҕалаах, органикалаах буоллаҕына эрэ табыллар.
  • Кэргэҥҥинээн биир эйгэлээх буолаҥҥыт, үөрэтэрэ-такайара элбэх буолуо?
  • Кини наһаа оннук кириитикэлии сатаабат, сүбэтэ-амата элбэх. Ону ылынар өттүн ылынабын.
  • Артыыс киһи сынньалаҥҥын хайдах атаараҕын?
  • Сынньалаҥҥа киһи үчүгэйдик сынньаныахтаах дии саныыбын. Дойдубар Уус Алдаҥҥа тахсарбын сөбүлүүбүн. Саас аайы бултуубун. Дьиэ үлэтэ хаһан да куоппат, дойдубар таҕыстахпына күүтэн турар буолар. Дьиҥэр, ону улахан үлэнэн да аахпаппын. Ийэм баар, аҕам суох буолбута иккис сылыгар барда.

Надежда ЕГОРОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0