Бүлүү куоратыгар 7 уонна 11 саастаах аҕас-балыс Анна-Нарыйа уонна Виктория Федоровалар мааска тигэн, волонтердарга тиэрдэр дьоһун үлэни оҥороллор.
Кыргыттар кыра саастарыттан иискэ сыстан дойду үрдүнэн биллэриллибит суһал эрэсиими тутуһарга уонна коронавируһу утары охсуһарга сэмэй кылааттарын киллэрэллэрин туһунан ийэлэрэ Надежда маннык кэпсээтэ:
— Оҕону кыра сааһыттан үлэҕэ сыһыаран, барытыгар тэҥҥэ илдьэ сырыттахха улахан көмөлөөх буола улааталлара чахчы. Анна-Нарыйа иистэнэрин таһынан «Сонор» диэн остуол оонньуутунан үлүһүйэр, үҥкүүлүүрүн сөбүлүүр. Кини биэс сааһыттан иискэ ылсан туран дьарыктаммыта. Коронавирус дьаҥа туран аптекаларга мааска суох буолбутугар, кини тута тигиэххэ диэн тыл көтөхпүтэ. Онон, мааска тигэн волонтердарга тиксэрбиппит.
Мин улахан кыыспын Виканы уонна аҕабытын көрөн үлэлээбэппин. Иккиэн инбэлииттэр. Анна-Нарыйам баҕа санаата диэн эдьиийэ Вика үтүөрүөн баҕарар.
Кырачаан Анна-Нарыйа үтүө санаа мааскаларын тигэн тарҕатара үтүөнэн эргиллиэҕэ диэн эрэниэҕиҥ.
Ульяна Захарова, edersaas.ru