«Бабочкалаах уол» Прокопий Федоров киинэ уһулла

22.11.2017
Бөлөххө киир:

Аҕыйах хонугунан “Аартыктар” диэн ыччат туһунан киинэ сүрэхтэниэҕэ. Олох очурдарын туһунан ураты ис хоһоонноох киинэни “DOLGUNfilm” киинэ устуудьуйата оҥорон таһаарыаҕа. edersaas.ru

Киинэҕэ Дуолан диэн эдэр уол соҕуруу куораттан үөрэҕин бүтэрэн дойдутугар кэлэрин туһунан көстүөҕэ. Киниэхэ олох киэҥ аартыктара арыллаллар, ол кэлэн оҕо сааһыттан бииргэ сылдьыбыт доҕотторо бөрүкүтэ суох дьыаланан дьарыгыра сылдьалларыгар кыттыһар. Сүрүн дьоруой олох араас суолларыгар мунарын, бэйэтин көрдөнөрүн туһунан саҥа киинэни устубут режиссер Прокопий Федоровтыын кэпсэттибит:


— Киинэ устуом диэн санаалаах сылдьаммын, “Хопто хаһыыта”, “Муммуттар” киинэҕэ сүрүн оруоллары толорбут Данил Осиповы көрсүбүтүм. Мин киинэм туһунан кылгастык кэпсээтим уонна онно сүрүн оруолу толор диэтим. Киһим кэпсээбиппиттэн салынна быһыылаах уонна “маннык оҥоруохха сөп” диэн бэйэтин санаатын эттэ. Дьэ, ол санааны сайыннаран, сценарий суруйан, “Аартыктар” диэн ааттаах киинэ оҥорон таһаардыбыт. 2016 сыл сайыныттан устан, бу күһүн таҥан бүтэрдибит. Илин эҥээрдэр тэбэр сүрэхпитигэр — Аллараа Бэстээххэ, Майаҕа уонна Дьокуускайга устубуппут. Устар бөлөххө туруорааччы операторынан Дьулустаан Толстяков, операторынан, салгыҥҥа устуунан Ион Иванов, дьүһүнү талыынан Павел Адамов, киинэни таҥыынан BOPPUO, тыас-уус режиссерунан, композиторынан Сергей Ярмонов, режиссер көмөлөһөөччүтүнэн Елена Варламова үлэлээтилэр.


Оруоллар

—Данилы саха көрөөччүтэ ити икки киинэнэн билэр. Оттон киниттэн ураты өссө кимнээх оонньоотулар?
—Данил киинэҕэ оруолун доҕотторун Үөһээ Бүлүү Быракаан нэһилиэгин кулуубун дириэктэрэ Вячеслав Константинов, Аллараа Бэстээххэ ыччат бэлиитикэтигэр баһылыгы солбуйааччы Лука Апросимов, типография үлэһитэ Петр Соловьев, былырыыҥҥы “Саҥа ырыа” күрэхтэһии кыттыылааҕа Зинаида Петрова-Арчылаана оонньоотулар. Кинилэр бары киинэҕэ уһуллууга бастакы уопуттара буолар. Лукалаах Петр киинэбитигэр ырыа суруйан толордулар. Артыыстарбыт майгыларыттан, тутта-хапта сылдьалларыттан көрөн уобарастарын таҥмыппыт. Оттон быстах оруолларга урукку киинэлэрбэр уһуллубут уонна чугастык билэр дьоммутун оонньоттубут.

— Киинэ кимнээххэ ананарый? Туох санааттан уһуллугут?
— “Аартыктар” киинэ, чуолаан, олох киэҥ аартыгар саҥа үктэммит эдэр дьоҥҥо уонна оскуола үрдүкү кылааһын оҕолоругар ананар. Бэйэм ыччат сааспыттан айар үлэбин саҕалаабыт буоламмын, ыччаты иитиигэ дьоҕурбун туһанан үлэлэһэн эрэбин. Билиҥҥи тэтимнээх, сайдыылаах үйэҕэ ыччат санаата ыһыллара, уларыйара, куһаҕан дьаллыкка ылларара даҕаны түргэн. Онон, киинэбитин көрбүт сүүс киһиттэн уон киһитэ толкуйданнаҕына, санаатын сааһылаатаҕына, биһиги тугу эмит ситистибит диэн сананыа этибит.

Киинэбит табылынна

— Уопсайынан, оҥоһуллубут үлэҕитин бэйэҕит астынныгыт дуо? Туох сиппэтэ, тугу сатаатыбыт диэн санаатыгыт?
— Бырайыакпытыттан астынныбыт, табыллан үлэлээтибит. Биллэн турар, үчүгэй киинэни устарга улахан бүддьүөт ирдэнэр. Биһиги курдук кыра устуудьуйаҕа хас эмит мөлүйүөнүнэн харчыны булуу — кыаллыбат суол. Онон, киинэ искусствотыгар бэриниилээх дьон түмсэн, кыахпытын холбоон, сыралаах үлэни оҥороммут, си­тэрэн-хоторон киинэбитин сүрэхтээри сылдьарбытыттан астынабыт.

— Кырдьык, билигин хаачыстыбалаах толору кээмэйдээх киинэни устуу үгүс үбү-харчыны эрэйэр. Кистэлэҥ буолбатах буоллаҕана, киинэ бүддьүөтүн хайдах уйуннугут?
— Үгүс өттүн бэйэм устуудьуйам уйунна. Ону таһынан, киинэ устуутугар көмөлөспүт Мэҥэ Хаҥаластааҕы култуура салалтатыгар, Аллараа Бэстээххэ баар “BEST repair” кииҥҥэ, урбаанньыт Руслан Федотовка уонна “РИМ” хампаанньаҕа махталбытын тиэрдэбит.

— Киинэ хайдах тарҕаныай? Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бары көрөр кыахтаахтар дуо?
— Киинэбит ахсынньы 7 күнүттэн Саха сирин бары киинэ тыйаатырдарыгар көстүөҕэ. Билигин тыа кулууптарыгар сэбиэскэй кэм курдук киинэ көрдөрөөччү даҕаны, тэрил даҕаны суох. 2000 сылларга DVD-диискэнэн тахсан атыыланара, билигин ол хамсааһын тохтообута. Онон, “Аартыктар” киинэ кылгас болдьох иһигэр киинэ тыйаатырдарыгар эрэ көстүөҕэ.

Ырыаһыттан – режиссерга

— Прокопий, киинэни устууга бастакы уопутуҥ буолбатах. Атын жанрга үлэлэһэр хайдаҕый?
— 2010 сыллаахха “DOLGUNfilm” диэн киинэ устуудьуйата тэриммитим. Онно куруук кэмиэдьийэ жанрыгар үлэлэспитим: “Атаах”, “Давлят” түөрт чааһын устубуппут. Оттон маннык хабааннаах киинэҕэ, саҥа жанрга ылсыахпын баҕарбытым ыраатта. Дьиҥэ, кэмиэдьийэ жанрыгар киинэ устар олус ыарахан, ону сатаабыт киһи атын жанрга ылсыан сөп эбит дии санаатым. Киинэни ыллыҥ даҕаны устубаккын, саамай сүрүнэ – бэлэмэ. Хайдах бэлэмнээх ылсаҕын да киинэҥ оннук табыллар.

— Мин саныахпар, үгүс киһи эйигин ырыаһыт быһыытынан билэрэ буолуо. Киинэ устуутугар кэлбитиҥ туһунан кэпсээ.
— Быйыл “Бабочкалаах уолаттар” ансаамбылтан саҕалаан Саха эстрадатыгар ыллаабытым номнуо 22-с сыла ааста. Төрүкү оҕо сааспыттан киинэ эйгэтин олус интэриэһиргиирим. Доҕотторбор сценарий айан кэпсиирбин өйдүүбүн. Ол курдук, 90-с сылларга тэттик киинэлэри устан боруобалаабытым. Онтон кэлин, 2010 сыллаахха, “Майа-ТВ” үлэһитэ, билигин “Саха” НКИХ оператора Семен Афанасьевтыын “Атаах” диэн киинэни устубуппут. Анаан киинэ устар үөрэҕэ суох киһиэхэ ыарахан этэ, ол эрээри интэриэһим баһыйан, үлэлэһэн барбытым. “Давляты” саха киинэтэ сайдарыгар үгүһү оҥорбут Аркадий Новиковтыын устан олус уопутурбутум, кинини кытта үлэлэспит дьоллоохпун. Билигин син буһан-хатан, ымпыгы-чымпыгы биллим диэхпин сөп.

Ыччат сылыгар ыччакка бэртээхэй бэлэх – сыалай киинэ уһуллубутуттан олус үөрдүбүт. Киинэни көрө, сыаналыы кэлэргитигэр ыҥырабыт!

Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: дьоруой архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0