Ыраах Бөрөлөөххө буолбут тэрээһин туһунан манна ааҕыҥ.
Бөрөлөөххө (Аллайыаха) оҕолорго уонна ыччаттарга аналлаах “Хорсун саха саллаата Федор Попов” диэн патриотическай чаас ыытылынна.
Сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов олоҕун уонна сэриигэ сылдьыбыт хорсун быһыытын кэпсиир хаартыскалары (слайдалары) туһанан кэпсээммитин Илья Винокуров-Чаҕылҕан хоһоонунан саҕалаатыбыт.
Днепр тымныы долгуннарын
Туоруур саха уола,
Тула ууга бырдааттанар
Ардах буулдьа суола…
Оҕолорбут Федор Попов төрөөбүт түөлбэтигэр, Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар, быйыл кини төрөөбүтэ 100 сылыгар дьоруой сыла биллэриллэн, киэн туттар биир дойдулаахтара араас элбэх тэрээһини тэрийбиттэрин, аатын үйэтиппиттэрин сэҥээрэ иһиттилэр.
Ити курдук, Федор Попов уостан уоска кэпсэнэр, өлбөт-сүппэт аата бар дьоҥҥо мэлдьитин тыыннаах буоллун, кэриэстэнэ турдун!
Сахабыт сириттэн Аҕа дойду сэриитигэр баран кыттыыны ылбыт бары буойуттарбытыгар махтанан, сүгүрүйэн, чуумпуруу мүнүүтэтинэн тэрээһиммитин түмүктээтибит.
Людмила Колесова, бибилэтиэкэр
Аллайыаха, Бөрөлөөх.
Хаартыска ааптар тиксэриитэ.