Федор Борисов Хаҥалас улууһугар «Биир ньыгыл Арассыыйа» барыллаан куоластааһыныгар кыайда

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Хаҥалас улууһун баһылыгар «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа хандьыдааттарынан барыллаан куоластааһыҥҥа Федор Борисов бастаата. Улуус бары нэһилиэктэрин баһылыктара  Федор Борисовы өйөөтүлэр. Бу туһунан СИА иһитиннэрэр.

Маны таһынан, 2-с Малдьаҕар нэһилиэгэр баһылык быыбарыгар барыллаан куоластааһыҥҥа нэһилиэк баһылыгын э.т. Александр Алексеев инники күөҥҥэ таҕыста.

Бэлиэтээн суруйдахха, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Хаҥаластааҕы политсэбиэтэ  быһаарыытынан, хандьыдаакка турааччыларга барыллаан куоластааһыны ыытар. Манна улуус нэһилиэктэрин билиһиннэрэр баартыйа чилиэннэрэ эрэ кытыннылар. Маннык быһаарыныыны Хаҥаласка уонна өрөспүүбүлүкэҕэ эпидемиологиескай быһыы-майгы буолбутунан ыллылар.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0