Россия «АЛРОСА», «ВТБ», «РЖД» курдук улахан хампаанньаларыттан бэйэтин өлүүтүн атыылаары гынар. «АЛРОСА»-ттан 8 % акция атыыланыа үһү.
Федерация баайын-дуолун приватизациялааһын былаанынан, 2019 с. диэри РФ бырабыыталыстыбата барыта 509 акционернай уопсастыбаттан, 316 федеральнай судаарыстыбаннай унитарнай тэрилтэттэн, ону сэргэ 11 ХЭУо, судаарыстыба суотугар сылдьар 1049 эбийиэктэн акцияларын атыыга таһаарыахтаах. Холобур, эһиил «ВТБ» баантан 10,9 % акцияны атыылаан, 95,5 млрд солк. киллэриниэхтээх. Уопсайа бу баантан 2019 с. диэри судаарыстыба 36 % акциятын атыыга таһаарыахтаах. «Совкомфлоттан» 25 % -1 акцияны атыылаан, 24 млрд солк. эбиниэхтээх. Маны таһынан кэлэр үс сылга «Транснефть», «Зарубежнефть», «РЖД», «РусГидро», тырааныспар судаарыстыбаннай лизинговай хампаанньатын, «Ростелеком», о.д.а. тэрилтэлэр акциялара атыыга тахсыахтаахтар. Ол оннугар «Аэрофлот» авиахампаанньа, «Внуково» уонна «Шереметьево» аэропортар былаантан сотуллубуттар. Ол эбэтэр кэлэр үс сылга бу хампаанньалар акциялара тыытыллыбат.
Манна даҕатан эттэххэ, РФ экономикатын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, 2019 с. диэри приватизацияттан хааһынаҕа 200-300 млрд солк. киириэхтээҕэ. Холобур, эһиилги сылга бүддьүөккэ 138 млрд солк. киирэр диэн былааннаан олороллор.
Оттон «АЛРОСА» туһунан эттэххэ, бу сайын федерация хампаанньаттан 10,9 бырыһыан акциятын атыыга таһааран, хааһынаҕа 52,18 млрд солк. киллэриммитэ. Эрдэ 2013 с. Россия уонна Саха сирэ иккиэн сэттэлии бырыһыан акцияларын атыылааннар, оччолорго федерация — 43,9 %, Саха сирэ — 25 % +1 акцияны, алмаас хостонор аҕыс улууһа биирдии акцияны илдьэ хаалбыттара, ону сэргэ 23 % акция атын бас билиигэ баара. Оттон быйыл федерация бэйэтин өлүүтүттэн акциятын атыылаан, 33 % акциялаах хаалбыта. Өскөтүн бу үс сыл иһигэр эбии 8 % атыылаатаҕына, федерация хонтуруолунай бакыатыгар диэри түһэн 25 % акциялаах хаалан бэйэтин актыыбын намтатар.
Саха сирэ бас билэр акцияларын туһунан эттэххэ (билигин биһиги холбоон, 33 % (өрөспүүбүлүкэ 25 % + 1 акция, улуустар – 8 %), приватизация иккис түһүмэҕин кэмигэр Саха сирин салалтата федерацияны кытары дуогабар түһэрсибитэ. Ону сэргэ «Саха сирэ «АЛРОСА» хампаанньаҕа баар акцияларын салайыы уонна дьаһайыы туһунан» сокуоннаахпыт. Онон билигин акциялар сокуонунан харыстанан тураллар, тыытыллыбаттар.
Аграфена КУЗЬМИНА