Федеральнай суһал ыстаап: уоту нэһилиэнньэлээх пууннарга ыыппат туһугар үлэ барар

Бөлөххө киир:

Арассыыйа айылҕатын ресурсатын уонна экологиятын миниистирэ Александр Козлов ойуур баһаарын умуруорууга тэриллибит суһал федеральнай ыстаап атырдьах ыйын 10 күнүнээҕи мунньаҕар бэлиэтээбитинэн, билигин нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суоһаабатын хааччыйыы күүскэ барыахтаах.

“Кэнники үс күн иһигэр Саха сиригэр үлэлии сылдьар дьоммутугар Ханты-Мансийскайтан, Тюменьтан, Архангельскайтан, Мурманскайтан, Карелияттан хомуйан өссө 100 киһини ыыттыбыт. Саха сиригэр уопсайа 800 исписэлиис араас эрэгийиэнтэн хомуллан кэлбитэ,” – диэн бэлиэтиир миниистир мунньах кэмигэр.

Билиҥҥи дааннайынан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 13 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа уот чугаһыыр кутталлаах. Ойуур баһаарыгар Саха сиригэр 4299 киһи, 655 тиэхиньикэ үлэлии сылдьар.

Александр Козлов мунньахха ойуур баһаарыгар көрүллэр үбүлээһин ханна улахан уот баар да онно туһуланыахтааҕын ыйда. Ону сэргэ эрэгийиэннэр атырдьах ыйын 31 күнүгэр диэри ойуур хаһаайыстыбатыгар көрүллэр үбүлээһин нуорматын, ороскуотун көрөллөрүгэр эттэ.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0