Федеральнай айан суолугар – суотабай сибээс

Бөлөххө киир:

2020 сылга  «Лена», «Бүлүү», «Халыма» федеральнай айан суолун кыйа суотабай сибээс киирэригэр үлэ саҕаланыа. Онон ыраах айанныырга эрэллээх буолуо.

Маннык үөрүүлээх сонуну СӨ Инновация, цифровой сайдыы уонна инфокоммуникационнай технология министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Санатан эттэххэ, 2019 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 1000 км уһуннаах оптика (ВОЛС) эбии тардылынна. 30 нэһилиэккэ түргэн интэриниэт киирэн, күн бүгүн нэһилиэнньэ 82,5% аан дойду ситимигэр холбонно.

«Мегафон» суотабай сибээс оператора быйыл 99 тирэх ыстаансыйаны тутан, 141 ыстаансыйаны саҥардан, 28 нэһилиэккэ LTE/4G киллэрдэ.

«МТС» түргэн интэриниэттээх төрдүс көлүөнэ сибээһинэн 8 нэһилиэги хааччыйда.

«Билайн» 200 тахса нэһилиэккэ тирэх ыстаансыйалары саҥардар үлэтин түмүктээн эрэр. Хампаанньа 2019 сылга 30 тирэх ыстаансыйалары туруоран, нэһилиэнньэ улахан аҥаарын интэриниэккэ холбоото.

«Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0