Фармацевт идэлээх эдэр худуоһунньук — Наталья Петрова

02.11.2020
Бөлөххө киир:

Ааспыт саас эдэр худуоһунньук Наталья Петрова «Инстаграмҥа» таһаарар уруһуйдарын көрөн олус сэҥээрбитим. Субу хамсаан кэлиэх курдук сур бөрө, хагдаҥ эһэ уонна кылыгыраһан тыаһаан кэлиэх айылаах сарбынньахтаах ытарҕалар…

Бүгүн билиһиннэрэр эдэр худуоһунньугум Наталья Петрова Таатта улууһун Ытык Күөлүттэн төрүттээх, Дьокуускайга «Сахафармация» тэрилтэҕэ фармацебынан үлэлиир эбит. Арай, омос көрдөххө, бэйэ-бэйэлэригэр дьүөрэлэспэт икки идэни баһылаабыт эдэр ийэ Наталья бүгүн уруһуй, дьиэ-кэргэн, талаан уонна олох тула санааларын үллэһиннэ.

— Наталья, бэйэҥ тускунан билиһиннэр, ханна үөрэммиккиний, хаһааҥҥыттан уруһуйдуур буолбуккунуй?

— Мин Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр төрөөбүтүм, худуоһунньук анал үөрэҕим суох. Ол эрээри, киһини өйдүүр буолуохпуттан уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн. Альбомнарга, тэтэрээттэргэ иллэҥ буоллум да дьарыктанарым. Ордук сөбүлээн кыыллары, айылҕаны оҥорорум. Оскуоланы бүтэрэн баран мэдиссиинэ кэллиэһигэр туттарсан киирбитим. 2010 сыллаахха бу үөрэхпин бүтэрэн баран, мэдиссиинэ институтугар киирбитим. Бу үөрэнэ сылдьан уруһуйдуохпун баҕарар буоламмын, Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа туттарсар сыалтан, үөрэхпин бырахпытым. Кэлэр күһүнүгэр училищеҕа туттарсан киирбитим. Икки-үс ый үөрэнэн баран, үөскээбит уустуктартан сылтаан, салгыы үөрэммэтэҕим. Онон уруһуйдуурбун сөбүлүүр дьарык оҥостубутум. Ыал буолан, оҕолонон баран, үлэбин, дьиэ кэргэммин уонна уруһуйбун тэҥҥэ дьүөрэлии тутабын.

— Дьиэҕэр уруһуйдуугун дуо? Үлэлээн кэлбит киһиэхэ уруһуйдуур сэниэ хайдах киирэрий?

— Сөбүлүүр дьарык сэниэ эбэр эрэ кыахтаах. Үлэбин эмиэ наһаа сөбүлүүбүн, дьиэм үлэтин үмүрүтээт, оҕобун, кэргэммин аһатан баран уруһуйдуубун. Биһиги айар дьиэ кэргэн буолабыт. Кэргэним эмиэ худуоһунньук. Онон биир эйгэлээх, идэлээх дьон буолан, өйдөһөргө, олох олорорго судургу.

Ордук сөбүлээн айылҕаны, кыыллары уонна, ити эн сэргээн ыйыппыт сахалыы ытарҕалары, натюрмортары оҥоробун. Билигин дьиэбэр уруһуйдуурбун астынабын. Мастарыскыайга наадыйбаппын. Баҕар, кэлин ол кэм кэлиэҕэ. Бириэмэбин аттарынарым сөп курдук. Таптыыр дьоммор, сөбүлүүр дьарыкпар барытыгар быыс буларга дьулуһабын.

— Уруһуйдарыҥ тыыннаах курдуктар. Дьыл ханнык кэмин сөбүлүүгүн.

— Хас биирдии айар куттаах киһи сөбүлүүр дьыл кэмнээх.Мин дьыл кэмиттэн күһүнү ордоробун, тоҕо эрэ миэхэ күһүн саҥа саҕалааһыны кытта ситимнээх. Күһүҥҥү уоскулаҥ, уу-чуумпу кэрэтэ ураты. Мин олохпор уруһуй саамай сүрүн миэстэни ылар диэхпин сөп. Уруһуйа суох сатаммаппын. Ордук киэһэ холкутук олорон дьүһүйэрбин астынабын. Бэйэм тугу баҕарбыппын уруһуйдуубун, эбэтэр дьон сакааһынан. Былырыыҥҥыттан сахалыы киэргэллэри уруһуйдуур буолбутум. Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр мусуойга сылдьаммын, сахалыы ытарҕалары көрөн наһаа сэргээбитим. Ону арааһа, муза уһуктуута диэххэ сөбө буолуо. Ол ытарҕалары хартыынаҕа үйэтитиэх санаа киирбитэ. Оруобуна гиперреализм диэн хайысханан барыахпын баҕара сылдьарым. Онуоха сахалыы ытарҕа сөп түбэһэр этэ. Хараҥаҕа үрүҥ көмүс сахалыы ытарҕа көстүүтүн төһө кыалларынан дьиҥнээх курдук көрдөрө сатаабытым. Инстаграмҥа таһаарбыппын, дьон астыммыта. Дьон-сэргэ төрүт култуураны наһаа чугастык ылынар. Сахалыы киэргэл хас биирдии саха киһитигэр туох эрэ санааны үөскэтэр, интэриэһиргэтэр. Илин кэбиһэри, ытарҕалары оһуордаан, «глитч эффект» дьиэн ньыманы туттан, уларытан, ис хоһоонноон уруһуйдуубун.

— Хас биирдии уруһуйдуур, тугу эрэ оҥорор киһи быыстапкаларга кыттыан баҕарар. Эн кыттыбытыҥ дуо?

— Устудьуоннуу сылдьан быыстапкаларга кыттар этим. Тус бэйэм киэнэ буола илик. “Арт молодость” диэн худуоһунньуктар сойуустара тэрийэр быыстапкатыгар кыттыахтаахпын. “Бириэмэ уонна култуура” диэҥҥэ — сахалыы ытарҕа хартыынабынан. Оттон бэйэм тус быыстапка тэрийиэхпин баҕарабын. Баҕар, быйыл оҥоруом дии санаабытым, oнтум коронавирус дьаҥа туран табыллыбата.

— Саамай сөбүлүүр, астынар үлэҥ?

— Миэхэ оннук суох курдук, бары үлэлэрим чугастар. Туспа устуоруйалаахтар, туспа олохтоохтор. Хас биирдии үлэбин уруккубунааҕар быдан үчүгэйдик уруһуйдуу сатыыбын. Онон уруһуйдарбын ситиһиилэр курдук көрөбүн. Кыра эрдэхпиттэн харандааһынан уруһуйдаан саҕалаабытым. Онтон акварельга, гуашка көспүтүм. Билигин маслянай кыраасканан холустаҕа уруһуйдуубун. Бастаан саҕалыырбар маслянай кыраасканан уруһуйдуур үөрүйэҕим суох буолан, кинигэлэри көрөн, ааҕан, улуу худуоһунньуктар үлэлэрин көрөн үөрэммитим. Бастакы киистэлэрбин, кырааскаларбын атыыласпыт күммүн олох умнубаппын. Ити уруһуйдуу сылдьан, 2014 сыллаахха кэргэммин Алексейы көрсүбүтүм. Иккиэн олорон эрэ уруһуйдуур этибит. Маслянай кыраасканан үлэлииргэ кини үөрэппитэ. Биир оҕолоохпут, биэс саастаах. Бииргэ алтыһар киһиҥ эн курдук өйдөөх-санаалаах буоллаҕына, айарга-тутарга чэпчэки. Айар үлэлээх киһиэхэ өйдөөһүн сүрүн оруолу ылар. Мин төһө да фармацебынан үлэлээтэрбин, уруһуйу иккис үлэ курдук ылынабын. Дьиҥэр, бүтүннүү уруһуй эйгэтигэр эмиэ барыахпын санаталыыр этим, ол эрээри билигин арыый эрдэ. Баҕар, кэлин, оннук кыаллыаҕа.

— Сүгүрүйэр худуоһунньуктарыҥ. Уруһуйдуур санааны ким биэрэрий?

— Уруһуйдуур, хартыына оҥорор, санааны көрдүүр ыарахаттардаах. Саха сиригэр уруһуйдуур киһи элбэх. Биллэр-көстөр уруһуйдьут элбэх. Саха норуота наһаа талааннаах дии саныыбын. Көмүс илиилээх дьон элбэх. Сүгүрүйэр, сөбүлүүр худуоһунньуктарым — Густав Климт, Илья Репин, Исаак Левитан. Оттон аныгы худуоһунньуктары инстаграмҥа көрөбүн.

Уруһуйдуурбар саамай сүрүн сыалым — тыыннаах курдук уруһуйдааһын буолар. Көрдөххө, хаартыска курдук, ол эрээри айыллыбыт курдук буолуохтаах. Дьоҥҥо анал уруһуйдуур үөрэҕим суоҕун кэпсээтэхпинэ, итэҕэйээччилэрэ суох. Ийэм, аҕам уруһуйдаабаттар. Арай ийэм бииргэ төрөөбүт быраата Афанасий художественнай үөрэхтээх. Баҕар айылҕа бэлэҕэ эбитэ дуу… Уруһуйга оҕо эрдэхпиттэн интэриэс баар. Тоҕо эрэ ол олох сүппэт. Устудьуоннуу сылдьан уруһуйбун быраҕа сатаабыт кэмнээх этим. Тоҕо эрэ кыаллыбатаҕа. Уруһуйдааһын испиттэн тахсар, олох тугум эрэ тиийбэт курдук буолар. Сылдьан эрэ тулалыыр эйгэбин көрөн, тугу уруһуйдуохха сөбүй дии саныыбын.

— Хартыына туспа олохтоох дииллэр. Тус санааҥ.

— Хартыына киһини толкуйдатыахтаах, туох эрэ иэйиини үөскэтиэхтээх. Билигин бириэмэ күлүм гынан ааһар. Саҥа билии, хайысха барыта түргэн баҕайытык кэлэр. Ол эрээри, саха култууратыгар олохтоох үгэс диэн баар. Онно саамай сүрүн оруолу ийэ тылбыт ылар. Ол эбэтэр олоҥхону бэлиэтиэхпин баҕарабын. Саха киһитэ төрөөбүт тылын билиэх- тээх, иһигэр илдьэ сылдьыахтаах. Сахалыы таҥас, киэргэл, иһит-хомуос барыта култуурабытын, эйгэбитин көрдөрөр. Саха култуурата уларыйа сылдьар. Култуурабытын уустугурда, уларыта сылдьаллар диэн тус санаалаахпын. Мин хартыыналарбар аныгы уларыйбыт киириилэри буолбакка, дьиҥ олохтоох төрүт өйдөбүлү көрдөрөр сыалтан былыр-гылыы дьахтар ытарҕатын, илин кэбиһэри уруһуйдуубун. Бүтэһик уруһуйдаабыт ытарҕам дьиҥ сахалыы оһуору илдьэ сылдьар. Иккиһэ арыый уларыйыылаах этэ. Бириэмэ ааһан, уларыйыылаах диэн көрдөрбүтүм. Уустугурдуу эмиэ олох хамсааһынын көрдөрөр буоллаҕа. Туох барыта хамсыы турар. Биир сиргэ туох да тохтоон турбат.

— Төрөппүттэриҥ туһунан сырдат эрэ. Музаҥ туохханый?

— Аҕам Никифоров Назар Семенович Ытык Күөлгэ төрөөбүт, улааппыт киһи, ийэм Никифорова Марфа Егоровна Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх. Бииргэ төрөөбүттэр үһүөбүт. Эдьиийим Анастасия, балтым Александра диэн. Кинилэр билигин Ытык Күөлгэ бааллар. Муза туһунан айар дьонтон куруук ыйыталларын ааҕааччыбын да, истээччибин да. Оттон мин музам — олох. Олох уларыйыыта, олоххо сыһыан. Аан дойду уонна саха дьоно. Үөрүүлээх уонна ардыгар хомолтолоох кэмнэр. Тус санааларым.

— Инники былааннарыҥ.

— Мин быйыл отут сааспын туолбутум. Үлэлиир үгэним дии саныыбын. Олоҕу өйдөөһүн, ылынааһын кэмэ. Инникигэ саҥа саҕахтар. Саамай сыалы ситиһэр бириэмэ. Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ хартыыналарым баар буолуохтарын баҕарабын. Аан дойду килбиэннээх куораттарыгар, аатыр-быт мусуойдарга, АРТ галереяларга хартыыналарым туруох- тарын, кыттыахтарын баҕарабын. Мин саныахпар, ити ханнык баҕарар худуоһунньук баҕа санаата.

Ульяна Захарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар — дьоруой архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0