Бу сарсыарда ньиэмэс туристара өйүмүгэ сөтүөлээтилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу сарсыарда Өймөкөөн нэһилиэгэр -52 кыраадыс бэлиэтэннэ.

edersaas.ru

Баччаларга маннык кыраадыһынан Өймөкөөҥҥө кими да соһуппаккын. Оттон бу сарсыарда Германияттан сылдьар туристарга олохторугар умнуллубат түгэн тосхойдо. Айаннаары туран, ньиэмэс туристара өйүмүгэ киирэн сөтүөлээн ыллылар.

Предприниматель Тамара Васильева этэринэн, омук туристара күн аайы кэлэр буолан, олохтоохтор бу маннык түгэннэргэ үөрэнэн хааллылар.

Туристар иккилии хоно-хоно бэйэлэрин солбуһан иһэллэр. Шри-Ланкаттан уонна Германияттан 7 турист икки хонон барда. Бу түүн араас омук дойдутуттан хомуллан 11 турист кэлэрин күүтэ олоробун. Туристар тыа сирин олохтоохторун күннээҕи түбүктэрин, култуурунай бырагырааманы кытта билсэн, муус аннынан балыктаан баран икки хоноот, төннөн иһэллэр. Кинилэр оннуларыгар атыттар кэлэллэр. Ити курдук, кулун тутар бүтэһигэр ыытыллар кыһыҥҥы туризм бэстибээлигэр диэри тиэстиэхтэрэ, — диэн кэпсиир Тамара Васильева.

https://www.instagram.com/p/BuH4EMaB7oD/?utm_source=ig_web_copy_link

Туристарга саха ыалын күннээҕи олоҕун, култуурунай бырагырааманы көрдөрүүнү таһынан, өйүмүгэ сөтүөлүөн   баҕалаах элбэҕинэн сибээстээн, олохтоох дьаһалта анал балаакка бэлэмнээн туруорда.

Бүгүн сарсыарда Германия туристара айаннаары туран Тымныы полюһун тымныытын бэйэлэринэн эттэринэн-хааннарынан билэн хаалаары өйүмүгэ киирэн сөтүөлээн ыллылар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

Павел Васильев видеоҕа устуута.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0