Бүгүн, муус устар маҥнайгы күнүгэр тапталлаах бэйиэппит Евгений Александрович Евтушенко күн сириттэн барбыта үс сылын туолла. Поэт кэриэһинэн кини төрөөбүт дойдутугар, Переделкино бөһүөлэк кылабыыһатыгар көмүллүбүтэ.
«Төлөөннөх бэйиэти кытта айымньылаах көрсүһүүлэри Саха сирин дьоно учугэйдик өйдүүбүт. Киин куораппытыгар, Дьокуускайга Евтушенко үстэ сылдьан умнуллубат чаҕылхай уус-уран көрсүһүүлэри оҥорбута. Кини Саха сирин устуоруйатыгар, литэрэтиирэтигэр үтүөкэн кылааты киллэрбитэ. Ол курдук Өлүөнэ, Витим (1969 сыллаахха), Бүлүү (1973), Алдан (1975), Халыма (1980) өрүстэрбит кытылларыгар суруйбут биэс уон олус кэрэхсэбиллээх хоһоонноро аан дойду чулуу айымньыларын ахсааннарыгар киирбиттэрэ.
Кэм-кэрдии ааһан истэҕин аайы, Евтушенко уһулуччу талаанын бэлиэ өрүтэ поэзияҕа да, Арассыыйа устуоруйатыгар да биллэр-көстөр буолан иһэр. Кини дириҥ ис хоһоонноох хоһоонноро билигин уонна кэлэр кэмҥэ өссө да аҕылла, элбэххэ үөрэтэ туруохтара. «Хотугу сулус» уордьан кавалера Евгений Евтушенко сырдык мөссүөнүн, саргылаах доҕордуу санаатын үйэ-саас тухары өйдүү-саныы сылдьыаҕыҥ».
Георгий Балакшин, Саха АССР үтүөлээх геолога.
Сир баайын чинчийии туйгуна, геолого-минералогическай наука хандьытаата, Саха сирин кырдьаҕастарын Сүбэтин чилиэнэ, “Якутскгеология” сүрүн физигэ, Ньурба улууһун бочуоттаах олохтооҕо Георгий Дмитриевич Балакшин Евгений Евтушенконы кытта алтыһыытын туһунан «Саха сирэ» хаhыакка Нюргуяна Иванова суруйан турар.
Саха сирин өрүстэриннэн
Оҕо сылдьан романтическай айаҥҥа барыан баҕарар баҕата туолан, Григорий Дмитриевич “Известия” хаһыат уонна “Искатель” спортивнай-техническэй кулууп тэрийиилэринэн Саха сирин өрүстэринэн биэс эсрэдииссийэҕэ сылдьыспыт. 1973 сыллаахха алтыа буолан Бүлүү өрүһүнэн бастакы ыарахан устууну ааһан, уу мотуорунан успуорка бастакы разрядын толорбуттар, онтон түөрт сылынан Алдан, Халыма өрүстэринэн устан маастарга хандьыдаат буолбуттар.
Бу сылдьан Георгий Дмитриевич Арассыыйа суруналыыстыкатын номоҕо буолбут Леонид Шинкаревы, биллиилээх бэйиэт Евгений Евтушенканы кытта доҕордоспут. Бүлүү өрүһүнэн устууга Леонид Шинкарев – эспэдииссийэ салайааччыта, хапытаана, Евгений Евтушенко – мотуруос, Георгий Балакшин – тиэхиньикэҕэ эппиэттинэстээх эбиттэр. Евтушенко бу устууга сылдьан суруйбут «Бүлүү устун тыал үрэр» диэн хоһооно ырыа буолан, Ботуобуйа эспэдииссийэтин үлэһиттэрэ уостарыттан түһэрбэккэ ыллыыр ырыалара буолбута.
— Евгений Евтушенко ийэлээх аҕата мин Москубаҕа үөрэммит геолого-разведочнай үнүстүтүүппүн бүтэрбиттэр этэ. Онон, биһиги хайдах эрэ бэйэ-бэйэбитигэр чугас буолбуппут. Иккиэн хоһоону, ырыаны сөбүлүүр романтиктар этибит.
Бэһис, саамай ыарахан уонна интэриэһинэй устуулара Халыма өрүһүнэн Магадан Синегорье бөһүөлэгиттэн Черскэйгэ тиийбиттэрэ. Онно Магаданы иккис дойду оҥостубут нуучча биллэр ырыаһытын Вадим Козины кытта көрсүһүүлэрин Григорий Дмитриевич маннык ахтар: “Вадим Козин төһө да саастаах буоллар, сэниэлээх, эрчимнээх этэ. Хаста да рояльга оонньоон ыллаабыта, лааҕырга олорбут сылларын туһунан холкутук кэпсиирэ”.
Халыма өрүһүнэн уста сылдьан Евгений Евтушенко Москубаҕа үлэлиир англичанка кыыһы кытта билсэ сылдьар кэмэ эбит. Онон, экспедиция биир тыытын “Джан Батлер” диэн ити англичанка кыыс аатынан ааттаабыт. Георгий Дмитриевич ол тыыга түһэн турар хаартыската баар.
Григорий Дмитриевич Евгений Евтушенконы кытта хас биирдии көрсүһүүтүн истиҥник санаан кэпсиир. Ыарахан ыарыыга да ыалдьа сылдьан Евгений Евтушенко олоҕун бүтэһик сылларыгар Саха сиригэр иккитэ кэлэ сылдьыбыт. «Евгений Евтушенко өлбүтүгэр панихидаҕа миигин бэйээт чугас дьонун кытта биир остуолга олордубуттара. Онно өссө төгүл хайдах курдук чугастыы эбиппитин өйдөөбүтүм», — диэн Григорий Дмитриевич ахтыбыта.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru