Европаҕа тымныыттан үлүйэн 10 киһи өлбүт

Бөлөххө киир:

Олунньуга Европа дойдуларыгар өтөрүнэн буолбатах тымныылар тураллар. Халыҥ хаар түһэн үллүктүүр. Онтон сылтаан 10 киһи суорума суолламмыт.

edersaas.ru

Сүүһүнэн поезд айана, сөмөлүөт көтүүтэ тохтотуллубут. Сороҕор кэтит суоллар сабыллан хаалаллар эбит.

Францияҕа дьиэтэ-уота суох, ускул-тэскил сылдьар 5 тыһыынча киһиэхэ быстах хонор сир булан биэрбиттэр. Ол да үрдүнэн 3 киһи өлбүт. Лазурнай биэрэккэ халыҥ хаар түспүт.

Испанияҕа Вик университекка үөрэх тохтотуллубут. Римҥэ, Неапольга оскуолалар, оҕо саадтара быстах кэмҥэ сабыллыбыттар. Пассажирдар айаҥҥа элбэх кыһалҕаны көрсүбүттэр. Оннооҕор мороженайы атыылыыр маҕаһыыннар сабыллан эрэллэр эбит.

Европаҕа билигин 20 кыраадыс тымныы турар, сорох хайалаах сиргэ 35 кыраадыска тиийэр эбит. Ол эрээри “баара-суоҕа 20 кыраадыс тымныы дуо?” диэн этэргэ төрүөт суох. Тоҕо диэтэххэ, салгына сииктээх, тыаллаах буолан, киһи олус тоҥор, дьагдайар. Ону тэҥэ, олохтоохтор улахан тымныыга үөрүйэҕэ суох буолан, чараастык таҥналлар. Дьахталлар чараас сонунан, куурканан, хоппуруон колгуокканан кыстыырга үөрэнэн хаалбыттар. Аны туран, Европа дойдуларын дьиэлэрэ кыһыҥҥы өттүгэр бэрт тымныы буолаллар. Ол курдук, оттугу кэмчилээн, хаһан да биһиэхэ курдук итии буоларыныы оттубаттар. Ону тэҥэ, биллэн турар, ордук дьиэтэ-уота суох, таһырдьа хоно сылдьар дьон иэдэйэллэр.

Урут баччаларга, кинилэргэ саас саҕаланан, от-мас тыллан эрэр буолуохтаах этэ.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0