Америка Манхеттеныгар баар синагогаҕа (еврейскэй итэҕэл дьиэтэ) сахалыы “көҕүөр” оһуор ойууламмыт. Биһиги билэрбитинэн, сахалыы. Иһиппит, таҥаспыт-саппыт, туттар тээбириммит итинник оһуордаах.
Бу хаартыска социальнай ситимҥэ элбэх мөккүөрү таһаарда. “Саха оһуора аан дойдуга тарҕаммыт”, “Атын норуоттар бары сахаттан төрөөн-үөскээн тэнийбиттэр”, “Сахалар урут аан дойду бары муннугар олохсуйа сылдьыбыт омук эбиппит” диэн араас санаа баар.
учуонайдартан бу оһуор туһунан ыйыталастыбыт. Еврей итэҕэлигэр саха оһуора туох сыһыаннааҕый?
Людмила Ефимова, Норуот тылынан уус-уран айымньытын кафедратын профессора:
— Көҕүөр ойууга майгынныыр орнамент аан дойду үгүс норуотугар баар. Былыргы Грецияттан саҕалаан силистэнэр-мутуктанар, биһиэхэ эмиэ баар. Көҕүөр булгуччу сахалыы диэн буолбатах. Архитип орнамент буолар.
Людмила Кузьмина, Культурология кафедратын сэбиэдиссэйэ:
— Көҕүөр ойуу (лира) диэн аан дойдуга баар оһуор. Дэгиттэр көстүү буолар.
Вера Матвеева, Норуот тылынан уус-уран айымньытын кафедратын уһуйааччыта:
— Ити скифо-сибирскай саҕаттан үөскээбит, киэҥник тарҕаммыт орнамент. Бастакы версията Кыыл истиилигэр киирсэр. Саха норуотугар сылгы төбөтө, онтон Казах норуотугар бараан төбөтө суолтатынан биллэр. Кэнники көҕүөр ойуу үүнээйи (мировое древо) курдук быһыыланан ойууланар.
Амыдай бэйэтин блогар манныгы бэлиэтээбит.
Көҕүөр, туох да мөккүөрэ суох, саха омук биир сүрүн национальнай оһуорун элеменэ буолар. Ол да буоллар, маннык быһыылаах ойуулар аан дойду элбэх омуктарыгар бааллар. Наукаҕа үчүгэйдик үөрэтиллибит Былыргы Египеккэ маннык ойуу эмиэ баар.
Кинилэргэ лилия уонна лотос сибэккилэр ытык үүнээйилэрэ буолалларын, билигин ордубут фрескаларга, араас архитектурнай киэргэллэригэр, ити сибэккилэргэ майгынныыр оҥоһуктар киэҥник туттулларын көрөн итэҕэйиэххэ сөп. Кинилэр лиралыы көрүҥнээх оһуордар ити сибэккилэр тас көстүүлэрин үтүгүннэрэртэн үөскээн тахсыбыта.
Манна таарыйа санаттахха, сахаларга сардаана биир маанылаах сибэккинэн ааҕыллар. Тас көрүҥэ даҕаны, эмиэ көҕүөр ойууну санатар.
Былыргы Греция дойдутугар, маннык ойуу киэҥник тарҕана сылдьыбыт. Кинилэргэ оһуор маннык композицията Египеттэн киирбит дииллэр. Биллэрин курдук, бу икки дойдулар Средиземнай муоранан арахсан ыаллыы олороллор этэ. Биир кэмҥэ Греция улаханнык сайдан олорбута. Онон Европа дойдуларыгар кини сайдыытын дьайыыта элбэх. Ити дойдуларга, орнаменнарыгар маннык матыып баар буоллаҕына, ону грек омук сабыдыалынан ааҕыахха сөп.
Сахалары түүр тыллаах омук ахсааныгар киллэрэллэр. Онон биһиэнигэр майгынныыр култууралаах омук элбэх. Маннык ойуулар киргизтэргэ, казахтарга, нанаецтарга уо.д.а. омуктарга бааллар.
Казахтарга «тэбиэн тиҥилэҕэ» диэн ааттанар ойуулара биһиги көҕүөрбүтүгэр атылыы.
Көҕүөр ойуу, инньэ гынан, түҥ былыргыттан кэлбит, айылҕаны, норуот духуобунаһын, олоҕун укулаатын кытта ыкса сибээстээх эбит диэн быһаарыахха сөп.