Евразия суруйааччыларын сойууһа Саха сиригэр эҕэрдэтин ыытар

Бөлөххө киир:

“Саха Өрөспүүбүлүкэтэ автономиятын ылыммыта 100 сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Былатыан Ойуунускай курдук чулуу дьон төрөөн-үөскээн ааспыта историческай суолталаах. Литературалар, култууралар доҕордоһуулара норуоттар доҕордоһууларын үтүө холобура буолар”, – диэн бэлиэтээн этэр бэйэтин эҕэрдэтигэр Евразия суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Йакуп Омероглу.

Йакуп Омероглу Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьеваны, суруйааччылары эҕэрдэлээн туран, Саха сирин дьонугар бэйэтин эҕэрдэтин ыытар.

Күндү Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторо, эһигини барыгытын Саха сирэ автономияны ылыммыта 100 сыллаах үбүлүөйүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Биир үйэ устата Саха сирэ сайдан кэлбит историятыгар бэйэтин тылын-өһүн, култууратын, үгэһин өрө тутан кэлбититтэн үөрэбин. Ону сэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев тас дойдулары кытары сыһыаннаһыыга олохтообут бары үтүөлэрин олус истиҥник ахтабын. Өксөкүлээх Өлөксөй, Былатыан Ойуунускай саҕаттан култуураны, үөрэҕи, тылы уонна литератураны өрө тутуу – бу дойду сайдыытыгар боччумнаах үлэ. Үбүлүөйдээх күҥҥүтүнэн өссө биирдэ эҕэрдэлиибин, доруобай, чэгиэн буолуҥ, – диэн иһитиннэрэр Анкара куораттан Евразия суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, литературовед, прозаик Йакуп Омероглу.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0