Евразия регионнарын кытта бииргэ үлэлээһини сайыннарыыга

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Кулун тутар 13 күнүгэр РФ тас дойдулар дьыалаларыгар миниистирэ Сергей Лавров дойду кэккэ субъектарын баһылыктарын кытта көрсөн, Евразияҕа гуманитарнай бииргэ үлэлээһин боппуруостарын дьүүллэстэ.

Роман ПОПОВ, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru


Мунньахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Евразия регионнарын икки ардыларыгар быһа сибээһи олохтооһуну сүрүннээһиҥҥэ, сайыннарыыга хас да этиилээҕин билиһиннэрдэ.

— Күн бүгүн Арассыыйа регионнара бэйэлэрин боломуочуйаларын иитинэн уонна ис кыахтарынан Евразияҕа норуоттар икки ардыларынааҕы сүүһүнэн бырайыагы олоххо киллэрэллэр. Ол эрэн, дойду таһымыгар ити бырайыактар ситэ-хото сыаналамматтар, онон итиннэ федеральнай киинтэн тиһиктээх сыһыан олохтоноро ирдэниллэр, — диэтэ Егор Борисов.

Кини эппитинэн, Евразия регионнарын бииргэ үлэлээһиннэрэ глобализация содулугар туруулаһыыны хааччыйыаҕа, национальнай култуура ураты майгытын араҥаччылааһыҥҥа, норуот айымньытын түөлбэлэрин, норуот тылын харыстааһыҥҥа, үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиигэ, искусство маастардарын өйөөһүҥҥэ, хас биирдии киһи айымньылаахтык үлэлииригэр усулуобуйаны тэрийиигэ төһүү буолуоҕа.

Саха сирин баһылыга Евразия эйгэтин чэрчитинэн култуура, духуобунас сыаннастарын, бырайыактары, идиэйэлэри тарҕатыыга норуоттар икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһиҥҥэ усулуобуйаны тэрийии наадатын эттэ. Ону Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бииргэ үлэлэһэр “Хотугу форум” тэрилтэтин үлэтинэн-хамнаһынан холобурдаата. Бүгүн “Хотугу форум” Арктикаҕа бииргэ үлэлээһин дьоһун былаһааккатыгар кубулуйда.

Биэс сыл анараа өттүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ «Единое культурное пространство Евразии» норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэ ыытыллыбыта. Онно дойду регионнарын сэргэ Казахстан, Япония, Турция, о.д.а. судаарыстыбалар кыттыыны ылбыттара. 2015 сыл бэс ыйыгар Дьокуускайга Евразия регионнарын форума буолбута.

Онон Саха сирэ аан дойдуга Арассыыйа аптарытыатын үрдэтиигэ, чуолаан Азия-Тиихэй акыйаан регионун дойдуларыгар норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаны бөҕөргөтүүгэ биллэр-көстөр үлэни ыытар.

Өрөспүүбүлүкэ Кытай, Япония хотугу провинцияларын кытта бигэ экономическай сибээһи тутуһар. Былырыын буолбут Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Япония премьер-миниистирэ Синдзо Абэни, Кытай бэрэссэдээтэлэ Си Цзиньпины кытта кэпсэтиилэригэр Егор Борисов дойду делегациятын састаабыгар киирэн сылдьыһыыта, ону тэҥэ инвестицияҕа бииргэ үлэлээһиҥҥэ Арассыыйа—Кытай бырабыыталыстыбаларын икки ардыларынааҕы хамыыһыйатын үлэтигэр кыттыыта бу икки дойдуну кытта бииргэ үлэлээһин ис көҕүн күүһүрдүбүтэ.

Гуманитарнай эйгэҕэ өрөспүүбүлүкэ көҕүлээһиннэрэ киэҥ сэҥээриини ылаллар. Егор Борисов саха национальнай эпоһын аан дойдуга билэллэрин, 2005 сыллаахха Олоҥхо киһи-аймах култууратын шедевринэн билиниллибитин ыйан туран, өрөспүүбүлүкэҕэ “«Встреча шедевров ЮНЕСКО на Земле Олонхо» бэстибээл тиһигин быспакка ыытылларын эттэ. Уонна, онтон сэдиптээн, Дьокуускайга Евразия норуоттарын эпостарын аан дойдутааҕы киинин тутар туһунан санаатын үллэһиннэ. Ону сэргэ, Саха сирин баһылыга Москваҕа Евразия култууратын киинин аһарга этии киллэрдэ. Бу икки киини ЮНЕСКО былааҕынан тэрийэр ордугун ыйда. Манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ бу тэрилтэни кытта ураты сыһыаннаах. Дойду регионнарыттан бастакынан Саха сирэ 1991 сыллаахха ЮНЕСКО дьыалаларыгар национальнай кэмитиэти тэрийбитэ, онтон ыла өрөспүүбүлүкэ аан дойдутааҕы үлэтэ-хамнаһа саҕаламмыта.

Быйыл сайын, от ыйыгар, ЮНЕСКО генеральнай дириэктэрэ Ирина Бокова Саха сиригэр сырыыта былааннанар. Онно сөп түбэһиннэрэн Дьокуускайга Евразия норуоттарын эпостарын аан дойдутааҕы киинэ тутуллуохтаах сиригэр бэлиэ тааһы ууруу сиэрин-туомун ыытар тоҕоостооҕун Егор Борисов бэлиэтээтэ.

Сергей Лавров Саха сирин баһылыгар киллэрбит этиилэрин иһин махтанна, олор олоххо киириэхтэригэр эрэлин биллэрдэ. Көрсүһүүгэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сүбэһитэ Андрей Борисов кыттыыны ылла.

Роман ПОПОВ, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0