Бүгүҥҥү ыалдьыппыт Евгений Павлов режиссер, артыыс, продюсер быһыытынан биллибитэ ыраатта. Кини киэҥ экраҥҥа тахсыбыт уонтан тахса киинэлээх. Евгений чааһынай киинэ, киинэҕэ оруол, оҕо киинэтин, бэйэтин былааннарын туһунан санааларын үллэстэр.
— Евгений, үгүс көрөөччү эйигин «Бөрө суола», «Остров. Тоҥуй кытыл», «Иччи» киинэлэргэ сүрүн оруолу толорбуккунунан билэр. Ону таһынан эн бу киинэлэр режиссердара буолаҕын. Киинэ эйгэтигэр үлэлэһиигин хаһааҥҥыттан саҕалаабыккыный?
— Устудьуоннуохпуттан камера туппутунан экспедицияларга кытта барар этим. 2006 сыллаахха Саха Государственнай университетын бүтэрэн бараммын, «Саха» НКИК үлэлии сылдьыбытым. Онно бэйэм биэриилээх этим. Ол саҕана киинэ устуута, киинэҕэ уһуллуу муода кэриэтэ буолбута. Киинэ устуутугар элбэх саҥа саҕалааччы ыччат кэлбитэ. Бэйэм курдук саҥаны айыан-тутуон, үлэлэһиэн баҕарар дьону түмэммин, документальнай киинэлэр сценарийдарын толкуйдуур буолбуппут. Ойууннар, булт туһунан хас даҕаны документальнай киинэни устубутум. Ол кэнниттэн бастакы киинэбин «Наахараны» оҥорбутум. Константин Барашков-Толлуманы кыттан ыкса үлэлээбитим. Үп-харчы көрүллүбэт кэмигэр, туораттан өйөбүлэ суох, бэйэбит кыанарбытынан барытын уйунан, артыыстары булан, «Бөрө суола», «Иччи», «Наахара-2» киинэлэри оҥорон киэҥ экрааҥҥа таһаарбыппыт.
— Үгүс дьон интэриэһиргиирэ буолуо, «Бөрө суола», «Иччи», «Остров. Тоҥуй кытыл» киинэлэргэ бэйэҥ режиссердаан устубутун таһынан, сүрүн оруолу эмиэ бэйэҥ толороҕун: бу бэйэҕин артыыс быһыытынан арыйаары дуу, сөптөөхтүк оонньуур артыыһы булбаккаҕын дуу?
— Мин киинэни толкуйдуурбар, сценарий суруйарбар куруук бэйэм нөҥүө аһарабын. Киинэм сүрүн дьоруойа маннык буолуохтаах, маннык гыныахтаах диэн бэйэбин ол оруолга туруоран көрөр идэлээхпин. Киинэлэрбэр үксүн эриирдээх-мускуурдаах, түһүүлээх-тахсыылаах олохтоох дьону көрдөрбүтүм. Онно бэйэбиттэн «арай мин маннык түбэлтэҕэ түбэстэхпинэ хайыам этэй?» диэн ыйытааччыбын. Холобурдаан эттэххэ, «Остров. Тоҥуй кытыл» киинэбэр самолет саахалыгар түбэһэн, киһи олорбот арыытыгар тиийбит уолу оонньообутум. Кистээбэккэ эттэххэ, биллибэт арыыга олорон көрүү мин оҕо эрдэхпиттэн баҕа санаам буолар. Онон ол оруолу бэйэм толорбутум. Бу сайын бэс ыйыгар биллибэт арыыбар биир нэдиэлэ камерабын туппутунан олорон көрүөм, Таиланд, Вьетнам, Малайзия диэки барыам.
— «Бөрө суола» киинэҕэр «Урааҥхай» спортивнай кулууп салайааччыта Тургун Попов олоҕо көстөр дииллэр. Ол кырдьык дуо?
— 90-с сыллар саҕанааҕы ыччат хомуур уобараһын көрдөрбүтүм. Тургун Попов уобараһа буолбатах. Ол эрээри, үксүн биир билэр киһим олоҕуттан ылбытым. Кини эмиэ спортсмен, хаайыыга олоро сылдьыбыт киһи. Онтон онно көстөр таптал, кэлии-барыы, иэстэһии айыллыбыт түгэннэр, олоххо буолбатахтара.
— Билигин киинэ устар былаан баар дуо? Туох бырайыагынан дьарыктана сылдьаҕын?
— Былырыын «Судаарыстыба оҕолоро» киинэҕэ продюсердаабытым. Онтон сиэттэрэн оҕолору киинэҕэ сыһыарар туһуттан, «Алгысфильм» иһинэн оҕо киинэтин устуудьуйатын үлэлэтэн эрэбин. Бастаан биһиги саҥа устан холонорбут саҕана, уонча сыллааҕыта, тарбахха баттанар киһи киинэ устуутунан дьарыктанара. Бу кэлин киинэ устуута «бум» буолла. Ханнык баҕар сенсация, сонун ааһарын курдук, бу «кинобум» эмиэ ааһыа буоллаҕа. Онтон оҕо устуудьуйатыгар дьарыктаныан баҕалаах оҕо олус элбэх. Дьокуускай куорат оскуолаларыгар үөрэнэр 70 оҕону таламмыт, кинилэри киинэни хайдах устарга, сценарий суруйарга, артыыстыырга үөрэтэбит. Куруһуок курдук үөрэхтэрин кэнниттэн кэлэн дьарыктаналлар. Устуудьуйа сүрүн соругунан оҕону киһи быһыытынан иитэн таһаарыы буолар. Биһиги онуоха, бастатан туран, оҕо талааныгар уонна оҥорон көрөр дьоҕуругар улахан болҕомтобутун уурабыт. Оҕолор билигин бэйэлэрэ киинэ уста сылдьаллар, ол уон чаастаах сериал буолан тахсыаҕа. Сайын оҕолорго лааҕыр тэрийээри сылдьабыт. Онон мин билигин киинэ режиссураттыттан тэйдим, оҕолору кытта үлэлиибин.
Олоҕун олуктара:
1983 сыллаахха Дьокуускайга төрөөбүтэ.
2001 сыллаахха Дьокуускай куорат 33-с №-дээх оскуолатын бүтэрбитэ.
2006 сыллаахха СГУ суруналыыстыкаҕа салаатын бүтэрбитэ.
2007 сыллаахха «Наахара» диэн бастакы киинэтин устубута.
2014 сылтан оҕо киинэтин устуудьуйатын салайааччыта.
Сэмсэ тыл
Алексей Уваров, «Мохсоҕол» спортивнай кулууп салайааччыта:
— Евгений Павлов биһиги кулууппутугар оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан 96-97 сылларга буоксанан дьарыктана сылдьыбыта. Онно кинини түргэн туттунуулаах, улахан спортка сыстыан сөп диэн бэлиэтии көрбүтүм. Кэлин киинэҕэ көрөн бараммын, соһуйбутум аҕай. Спортка тахсыахтаах талаанын искусствоҕа таһаарда дии саныыбын. Инникилээх уол диэн хайҕыыбын. Үөрэппит оҕобор, киинэ устуутугар, «постановка» туруоран көмөлөһүөхпүн сөп. Евгенийгэ ситиһиилэри баҕарабын!
Айтана АММОСОВА.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.