Евгений Григорьев: «Куорат олохтоохторун интэриэстэрин инники күөҥҥэ тутан үлэлиэм»

Бөлөххө киир:

Үс күннээх Дьокуускай баһылыгын быыбарыгар Евгений Григорьев кыайыылаах таҕыста. Кини куорат олохтоохторун интэриэстэрин инники күөҥҥэ тутан үлэлиэм диэн СИА-ҕа иһитиннэрдэ.

«Миэхэ куоластаабыт Дьокуускай олохтоохторугар махтанабын. Үс күннээх быыбар кэнниттэн кыайдыбыт. Бу — барыбытын кыайыыбыт. Мин суобастаахтык уонна куорат олохтоохторун интэриэстэрин инники күөҥҥэ тутан үлэлиэм», — диэн Евгений Григорьев бэлиэтээн эттэ.

Куоластары барыллаан ааҕыы түмүгүнэн, Евгений Григорьев 44% куолаһы ылбыта биллэр. «Быыбардыыр хампаанньа кэмигэр итэҕэстэри ыйбыт куорат олохтоохторугар махтанабын, бу маны үлэбэр учуоттуом,» — диэн кыайыылаах эттэ.

СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0