Евгений Чекин ууну ыраастыыр комплекс тутуутугар сырытта

Ааптар: 
21.08.2017
Бөлөххө киир:

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин Дьокуускайга тутуллар ууну хачайдаан ыраастыыр комплекска ыытыллар үлэни-хамнаһы билистэ.

edersaas.ru


Тутар-таҥар үлэни Tahal Consulting Engineers Ltd диэн Израиль хампаанньата ыытар. Бырайыак кылаабынай инженерэ Сергей Терещатов этэринэн, ууну хачайдаан ылар улахан «куопсук» тутуута бүппүт, носуос уонна ууну ыраастыыр ыстаансыйалар, реагент хаһаайыстыбатын дьиэлэрин акылаатын билиитэлэрэ ууруллубуттар. Билигин металл конструкциятынан дьиэлэр эркиннэрэ таҥыллар итиэннэ ууну хачайдыыр уонна ыраастыыр тутуулар технологическай оборудованиеларын туруорар былаһааккалар бэлэмнэнэллэр. Быйылгы сыл бүтүөр диэри ууну ылар «куопсук» уунан толоруллуохтаах, ууну сүүрдэр ханаал оҥоһуллуохтаах, ууну ыраастыыр уонна реагент хаһаайыстыбатын дьиэлэрин силигэ ситэриллиэхтээх, технологическай тэриллэр, инженернэй ситимнэр, турбалар таҥыллыахтаахтар. Атырдьах ыйын 18 күнүнээҕи туругунан, хантараахтаах үлэ 31 бырыһыана толоруллубут. Балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри үлэ 55 бырыһыана оҥоһуллуохтаах, үлэ барыта 2018 сыл ыам ыйыгар бүтэриллиэхтээх.

Бүгүҥҥү күҥҥэ быһаарыыны эрэйэр боппуруоһунан үбүлээһиҥҥэ көннөрүү киллэриллэрэ буолбут. 2009 с. оҥоһуллубут бырайыакка олоҕуран, 2012 с. тутуу 3,9 млрд солк. бигэргэммитэ. Ол эрээри сыана уларыйыытын уо.д.а. тэбиитигэр, барыллаан ааҕыынан, бырайыак уопсай суумата 5,1 млрд. солк. тэбэн тахсыбыт. Санатан эттэххэ, бу комплекс тутуутугар Европа бааныттан 2,1 млрд. солк. кирэдьиит ылыллыбыта, онтон күн бүгүн 277 мөл. солк. хаалбыт, эбии 2,7 млрд. солк. наада эбит.

Миэстэҕэ балаһыанньаны көрөн-истэн, «Водоканал» АУо генеральнай дириэктэрин э.т. Николай Жестков итиэннэ бырабыыталыстыба чилиэннэрин тылларын-өстөрүн истэн баран, Евгений Чекин ирдэнэр докумуоннары барытын чөкөтөн, балаҕан ыйын 22 күнүгэр Дьокуускайга ыытыллар ууну ыраастыыр комплекс тутуутугар анаммыт сүбэ мунньахха киллэрэргэ сорудахтаата.

Раиса СИБИРЯКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0