Бэҕэһээ киэһэ Бэрдьигэстээххэ киин түөлбэ хочуолунайа умайан, бу үлүгэр тымныыга тоҥор кутталга киирбит эбийиэктэр кэмигэр сөптөөх дьаһал ылыллан, улаханнык эмсэҕэлээбэтилэр.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин бу сарсыарда Бэрдьигэстээххэ ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын мунньаҕын ыытта, түргэн тэтиминэн хочуолунай үлэтин чөлүгэр түһэрэр соругу туруорда. Мунньах кэнниттэн Евгений Чекин бастакы солбуйааччыта Алексей Колодезниковы кытары умайбыт хочуолунайга сырыттылар, олохтоохтору уонна чөлүгэр түһэрэр биригээдэлэр үлэһиттэрин кытары көрүстүлэр.
— Дьоннор өрөспүүбүлүкэ бары муннуктарыттан төлөпүөннээннэр, көмөлөһөргө бэлэмнэрин туһунан этэллэр, – диэтэ Евгений Чекин. – ОДьКХ ГУТ олохтоох салаатын үлэһиттэригэр көмөлөһө Мэҥэ-Хаҥалас, Хаҥалас улуустарын исписэлиистэрэ кэллилэр, аны Үөһээ Бүлүүттэн уонна ыаллыы Бүлүүттэн биригээдэлэр кэлиэхтэрэ. Улуус олохтоохторо түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр, ол түмүгэр саахал кэнниттэн тута дьаһал ылыллан, түүннэри дьоннор дьиэлэртэн көһөрүлүннүлэр, эбийиэктэринэн дьуһуурустубалар ананан, сылытар ситимтэн уу сүөкэнэн, батарыайа уонна турба хайа тоҥуута таһаарыллыбата, оттон таксистар дьону тиэрдиигэ, көһөрүүгэ, маҕаһыыннар аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга өҥөлөрү босхо оҥордулар. Маннык кэмҥэ ити суолтата улахан. Билигин Дьокуускайтан аҕалыллыбыт көһө сылдьар модульнай хочуолунайга улуус дьаһалтатын дьиэтэ холбонор, киэһээҥҥэ диэри таҥыллан бүтүөҕэ. Оттон олорор дьиэлэр орто оскуола хочуолунайыгар холбоноллор, сарсыҥҥа диэри сылаас бэриллиэҕэ.
Раиса СИБИРЯКОВА, Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru