Ньурба улууһун Өҥөлдьө дэриэбинэтигэр күнүс пионердар киинэ көрө олорбуппут. Ол олордохпутуна кулууп аана тэлэллэ түспүтэ, ону кытта Валя Павлова:
– Оҕолоор, сэбиэскэй киһи куосумаска көппүт! – диэн үөрэн-көтөн чаҕылыйан хаһыытыы турара субу баар курдук. Биһиги бары үөрэн көтүөккэлэһэ түспүппүт. Оччолооҕу истэн баран киинэ көрөр баар буолуо дуо, тута дьиэбэр тэбиммитим. Үөрүүлээх сонуммун үллэстээри, түргэнник тиийэн кэпсии охсоору олус ыксаабыппын уонна сүрэхпин үөрүү толорбутун өйдүүбүн. Тоҕо эрэ ол күн бэйэбин наһаа дьоллоох киһинэн санаммытым, – диэн Ньурба улууһун Өҥөлдьө бөһүөлэгин олохтооҕо, урукку артековец, кырдьаҕас учуутал Евдокия Григорьевна Николаева кэпсээнин саҕалаата.
– Оччотооҕу пионердар дойду үрдүнэн буолар сонуннары барытын ааҕан, истэн билэрбит уонна кытаанахтык долоҕойбутугар хатыырбыт. Ити сыл муус устар 12 күнүгэр Юрий Гагарин көппүтүн кэнниттэн аны бэс ыйыгар Герман Титов куосумаска көппүтэ. Биһиги космонавтар тустарынан сырса сылдьан хаһыакка, сурунаалга ааҕарбыт. Ханнык эрэ аймахпыт курдук санаан ис сүрэхпититтэн үөрэрбит, тэҥҥэ долгуйарбыт.
Ити сыл, 1961 сыллаахха оччолорго алтыс кылааска үөрэнэр пионер кыысчаан «Артек» лааҕырга сынньанар дьолломмутум. Саха сириттэн биһигини, 17 оҕону, Хаандыгаттан сылдьар Иван Иванович Гагунскай диэн киһи илдьибитэ. Биһиги кинини саастаах, түс-бас курдук саныырбыт, кэлин хаартыскалары көрдөххө, эдэркээн уолчаан эбит. Кини биһигини көрөн-истэн Дьокуускайтан Симферополь куоракка илдьэн туттарбыта. Москва куорат кэрэ миэстэлэригэр сырытыннарбыта. Билигин санаатахха, саха дьонуттан Сталины Мавзолейга сытарын бүтэһик көрбүттэртэн биирдэстэрэ буоларбыт буолуо. Ити балаҕан ыйын 13 күнүгэр этэ. Оҕотук санаабар, арай Сталин утуйа сытар киһи курдуга. Лаампа уотугар чанчыгын диэкинэн баттахтара кытарымтыйан, килбэчийэн көстөллөрө. Оттон Ленини буоскаттан оҥоһуллубут курдук эбит диэн өйдөөн хаалбыппын. Артекка сырыттахпытына, баартыйа устуоруйаҕа киирбит ХХII сийиэһэ буолбута. Онно Сталины Мавзолейтан таһаарар туһунан уураах ылыммыттар этэ.
Дьоллоох пионердар
“Артек” лааҕырга сылдьыбыт чаҕылхай, умнуллубат түгэмминэн космонавт Юрий Гагарины уонна Герман Титову көрсүү буолар. Биһиги лааҕырбытыттан чугас Ялтаҕа сынньана сылдьар сурахтара иһиллибитэ. Онтон кинилэр оҕолору көрсөр буолбуттар үһү диэн буолбута. Ити кэмтэн үтүмэн сыл ааста, ол эрээри 1961 сыллааҕы үгүс үөрүүлээх кэмнэри киһи умнубат.
Балаҕан ыйын 23 күнүгэр саамай улахан «Костровой” болуоссакка «Артек” лааҕырдара бары мустубуттара. Мин “Горнай” диэн лааҕырга сылдьыбытым. Лааҕыр оҕолорун барыларын стадиоҥҥа сааһылаан олордубуттара. Арай, муусука тыаһыгар доҕуһуоллатан Юрий Гагарин уонна Герман Титов пионердары кытта болуоссат ортотугар хааман кэллилэр. Онно үөрэн, аһары долгуйан олорбуппун умнубаппын. Юрий Алексеевич кылгастык, ол эрээри киһи өйүгэр хатанар гына «куосумаска көтүөххүт иннинэ үчүгэйдик үөрэниҥ, эккитин-хааҥҥытын сайыннарыҥ!» диэбитэ. Ону биһиги, ким баҕарар куосумаска көтүөн сөптөөх сайдыылаах, сырдык олоҕо кэлэн иһэр эбит диэн өйдөөбүппүт. Бэйэбитин саамай дьоллоох пионердарынан ааҕынар этибит. Бастыҥтан бастыҥ пионердар буоламмыт, Сэбиэскэй Сойуус космонавтарын көрүстүбүт диэн сүрэхпитигэр үөрүү саҕыллыбыта.
Саха сириттэн ол сыл бииргэ барбыт оҕолорум испииһэктэрэ баар, космонавтары көрсүбүт оччотооҕу пионердар баар буоллаххытына, сөбүлээн ааҕар «Саха сирэ» хаһыатым нөҥүө биллиҥ:
Андреева Дуня – Ньурба
Степанов Ваня – Ньурба
Степанова Рита – Сунтаар
Корнилов Рудя – Сунтаар
Четвертакова Зоя – Нам
Шелковников Коля – Нам
Ланцова Галя – Алдан
Худоложкин Коля – Алдан
Добросмыслов Вася – Мииринэй
Платонов Коля – Өлүөхүмэ
Горбунова Нина – Өлүөхүмэ
Ким Таня – Үөһээ Бүлүү
Семенова Дуся – Орджоникидзевскай
Прохоров Ваня – Орджоникидзевскай
Андросова Марта – Булуҥ
Васильев Виссарион – Орджоникидзевскай
Владимиров Гоша – Дьокуускай
Салайааччыбыт Иван Иванович Гогунский, Хаандыга.
Хаартыскалар Евдокия Николаева тус архыыбыттан туһанылыннылар.
Ульяна Захарова.