Евдокия Николаева: «Дьүкээбили манаһыы – тулуурдаахтар дьарыктара»

Ааптар: 
12.11.2021
Бөлөххө киир:

Ааспыт нэдиэлэҕэ инстаграм уонна батсаап Саха сирин араас муннуктарыгар хаартыскаҕа түһэриллибит айылҕа сэдэх көстүүтүнэн – дьүкээбил уоттарынан туолбуттара. Сэтинньи 4 күнүгэр, дьон үлэлэриттэн төннөр кэмнэригэр, киэһээ алтаны ааһыыта, халлаан күөҕүнэн умайыктаммыта – үгүс дьон маҥнайгыларын дьүкээбили уу харахтарынан көрбүттэрэ. Бу көстүүнү өр сыллар устата анаан кэтээһининэн дьарыктанар Ньурба куорат олохтооҕо Евдокия Николаева этэринэн, сэтинньи 4 күнүгэр хас даҕаны аҕыйахта дьүөрэлэһэр түгэннэр сөп түбэспиттэр.

Тоҕо дьүкээбили аҕыйах киһи көрөрүй?

Дьиҥэр, дьүкээбил төһө даҕаны сэдэх көстүү буолбутун иһин, Саха сиригэр син элбэхтэ буолар. Ол эрэн, сорук оҥостон манаспат киһи олоҕун тухары биирдэ даҕаны көрүмүөн сөп. Бастатан туран, дьүкээбил үксүн түүн 2 чаас кэнниттэн саҕаланааччы, дьон үксэ утуйа сыттаҕына. Иккиһинэн, күн активноһа (дьүкээбил Күҥҥэ долгуйуу түмүгэр үөскүүр “күн тыала” Сир үрдүкү араҥаларыгар сытар ионосфераҕа кэтиллэн гаас атомнарын хамсатарыттан үөскүүр) үксүн күһүн уонна саас буолар. Ол иһин үгүс дьүкээбиллэр былытынан сабыллыбыт халлаан үрдүгэр буолаллар. Сайын дьүкээбил эмиэ буолуон сөп, ол эрэн, үрүҥ түүн сырдыгар бэрт күүстээх даҕаны уоттар көстүбэттэр.

Дьүкээбили хотугу улуустарга чаастатык көрүөххэ сөп. Мин олорор Ньурбабар дьүкээбили көрөр уустук, мантан соҕуруу сытар сирдэргэ өссө уустук. Дьүкээбил күүһүн күн магнитнай активноһынан мээрэйдииллэр, K-index диэн ааттанар 1-тэн 9-ка диэри бааллары иҥэриллэр шкала баар. Ааспыт нэдиэлэҕэ Күҥҥэ магнитнай долгуйуу 8 баалга тиийэн, бэрт киэҥ сиргэ дьүкээбил уоттарын кэтиэххэ сөп буолбута. Дьиҥэр, 4 бааллаах долгу­йууга дьүкээбили Дьокуускайга тиийэ көрүөххэ сөп эрээри, итинник K-index дьүкээбилэ харахха көстөр-көстүбэт буолааччы. Ол оннугар фотоаппаратынан үрдүк ISO-ну (матрица билимтиэтин үрдэтии) туһанан түһэриэххэ сөп.

Онон сэтинньигэ үс фактор сөп түбэспит: дьүкээбил эрдэ саҕаламмыт, сэдэхтэ буолар күүһүн көрдөрбүт уонна былыта суох ыраас халлаан туран биэрбит.

Дьүкээбили 2012 сылтан кэтиибин

2012 сыллаахха хаартысканан үлүһүйэ сылдьар кэмим этэ. Муус устарга түүн ыппын күүлэйдэтэ сылдьан олус кэрэ дьүкээбили кэтээн көрбүтүм. Оруобуна уһун выдержкалаах хаартыскаҕа түһэриини үөрэтэ сылдьар буоламмын, “бу көстүүнү түһэрэн ылыыһыкпын!” диэн санаа элэс гыммыта. Ити кэмҥэ штативым суох этэ, илиибэр тутан туран икки сөкүүндэ усталаах каадырдары оҥорон көрбүтүм. Киһи күлүөх, дьүкээбил омооно көстөр хаартыскалар сатаммыттара! Итинтэн санаам көтөҕүллэн, дьүкээбили анаан-минээн манаһар буолбутум.

Ол кэмҥэ хайдах дьүкээбил үөскүүрүн билбэт этим, хата биир Ямалга олорор дьүөгэм ити тиэмэҕэ бэрт чугас эбит этэ, “Aurora hunters” диэн ааттаах саайты ыйан биэрбитэ. Аан дойду үрдүнэн дьүкээбили манаһыынан үлүһүйэр дьон бэрт элбэхтэр эбит, онон анал пуорумнар, саайтар бааллар. Арассыыйаҕа РНА Сир магнетизмын, ионосфераны уонна радио долгуннарын чинчи­йэр институтун саайтыгар, https://www.izmiran.ru K-index билиҥҥи туругун билиэххэ сөп. Билигин үксүн ый иннинээҕэ билгэлэри tesis.lebedev.ru саайтка тахсар сонуннарынан кэтиибин, онно куосумас сонуннара, күнү кэтээһин дааннайдара тахсаллар, элбэх “дьүкээбил манааччылар” түмсэр сирдэрэ. Оттон чугас­тааҕы үс чаас иннинээҕи сабаҕалары solarham.net нөҥүө манаһабын. Ону таһынан, төлөпүөммэр “Аврора” диэн ааттаах анал сыһыарыы турар. Ол да буоллар, дьүкээбил билгэтэ олус саарбах, ситэ үөрэтиллэ илик көстүү, онон баарт улахан аҥаара бэйэҥ таайар кыаххыттан туруктаах. Холобур, ити ааспыкка буолбут күүстээх дьүкээбил чинчийээччи учуонайдарга соһуччу көстүү ­буолбута.

Дьүкээбил хаартыскаҕа ордук үчүгэйдик көстөр

Билигин Күн кытаанахтык “утуйа” сытар кэмэ. Кэнники түөрт сылга ахсааннаах дьүкээбил көстүбүтэ, холобур, 2020 сылга биири даҕаны хаартыскаҕа түһэрбэтэҕим. Ити Күн хас да сыллаах эргим­тэлэриттэн (циклларыттан) тутулуктаах. Ордук үчүгэйдик чинчиллибит 11 сыллаах эргимтэ түмүктэнэн, сотору Күн уһуктарын, долгуйуута элбиирин күүтэбит. Дьиҥэр, Күн миллиардынан сыллар тухары умайар буоллаҕа, оттон наука өттүттэн кэтээн чинчийии икки үйэ эрэ анараа өттүгэр саҕаламмыта, онон мунньуллубут билии бэрт тутах. Ол иһин дьүкээбили таба тутуу бэрт уустук дьыала.

Киһи хараҕар көстүбэт дьүкээбили фотоаппарат көмөтүнэн түһэриэххэ сөп. Уһун уста­лаах түһэрии, матрица билимтэтин күүһүрдүү көмөлөһөр. Биллэн турар, төлөпүөн камератынан көстүбэт дьүкээбили туппаккын, аныгы, улахан матрицалаах аппараатынан, үчүгэй ­объективынан, штативка туруоран түһэриэххэ сөп. Хаартыскаларга күөх эрэ уотунан муҥурдаммат, кыһыл, фиолетовай өҥнөрдөөх дьэрэкээн дьүкээбиллэри көрүөххэ сөп. Ити ордук күүстээх дьүкээбиллэр. Ол эрэн, ити кытаран көстөр саҕахтары үксүн фотоаппарат эрэ нөҥүө устуохха сөп, харахха көстөр дьэрэкээн дьүкээбили Саха сиригэр баттаһан көрөр уустук (ол эрэн, мин хаһы даҕаны көрбүтүм).

Уопсайынан, Арассыыйа үрдүнэн үксүн дьүкээбил түмүктүүр уоттарын эрэ баттаһабыт. Ити хотугу магнитнай полюс арҕаа полушарияҕа баарыттан быһыылаах. Онон Аляскаҕа, Гренландияҕа, Исландияҕа ордук чаҕылхай уоттары кэтиэххэ сөп. Сэрэйдэххэ, онно өссө түүн үөһэ ааһа илигинэ кэтиэххэ сөбө буолуо. Арассыыйаҕа Мурманскай уобаласка анаан-минээн дьүкээбили уста атын дойдулартан туристар тиийэллэр. Ити Москваттан арыый чугас, айан суола баар, билиэт төлөбүрэ удамыр буолан, саҥа сайдан эрэр туризм көрүҥэ. Кытайтан, Таиландтан тиийэ кэ­­лэллэр. Дьэ уонна баартара билэр – дьүкээбили туталлара, туппаттара.

Сэдэх үлүһүйүү

Эппитим курдук, дьүкээбили кэтээһин — сэдэх үлүһүйүү. Түүн, кыһыҥҥы тымныыга уустук аппаратуралаах, буолара-буолбата биллибэт көстүүнү манаһыы тулуурдаах эрэ киһи талар дьарыга. Аны куорат уотуттан тэ­­йиччи хаамыах тустааххын, уһун каадыры оҥордоххо, кыра да уот күнүскү күн курдук сардаҥырар, дьүкээбил уотун сабардыыр. Ол иһин мин өрүскэ киирэбин, эбэтэр дириҥ сиргэ, Хоруу төрдүгэр киирэбин. Дьүкээбил тохтоло суох умайбат, чыпчылыҥнаан баран уостан хаалыан сөп. Ол эрэн, сотору буолан баран төттөрү умайан тахсыан сөп. Ол иһин, уота умуллубутун кэннэ, хабыс-хараҥаҕа, хатыланар буолаарай диэн халлааны кыҥастаһан тураҕын – туораттан көрдөххө дьикти көстүү буолуо, соҕотох киһи өрүс ортотугар өрө хантайан турара.

Уонна, биллэн турар, сатабыл наада, уонча сыл устата дьарыгыран син сатыыр буоллум быһыылаах. Билиҥҥи үйэҕэ дьүкээбили түһэрии ньыматыгар үөрэтэр дьарыктар Ютубка, анал фотографтар саайтарыгар элбэх, баҕалаах киһи үөрэниэн сөп.

Егор Карпов, edersaas.ru

Евдокия Николаева хаартыската.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0