Дойдуга ханнык да ыарахан кэмнэргэ норуоту биир сомоҕо оҥорорго дьоһуннаах оруолу ускуустуба, айар эйгэ дьоно ылан кэлбиттэрэ. Ким хоһоон суруйан, ким ырыа, муусука айан дьоннорун-сэргэлэрин уһугуннараллара, үтүөҕэ-сырдыкка эрэли саҕаллара.
edersaas.ru
Ол да курдук, Саха сирин хоһоонньуттара, бэйиэттэрэ дууһаларын ыарыытын, сүрэхтэрин этиитин хомоҕой хоһоонноругар тиһэллэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдэллэр.
Олортон сороҕун билистэххэ:
КОРОНАВИРУС, КОРОНАВИРУС…
Коронавирус аан дойдуну аймаата,
Арассыыйаҕа киирэн куттал суоһаата…
Сурах-садьык ситим нөҥүө үөгүлээтэ,
Күүркэтэрдии көҥүл көтөн көрүлээтэ,
Суоһурҕанан ситэн сиэри сирилээтэ,
Кыдьыгыран кылыс тыллаах «сэриилээтэ…».
Сорох итэҕэйэр, сорох итэҕэйбэт,
Ким эрэ тиэтэйэр, ким эрэ тиэтэйбэт…
Көмүскэнэр суолу хайдах тобулабыт,
Ханна баран, тугу булан быыһанабыт?
Булан-талан аста-үөллэ хаһааныахха,
Бүтэй сиргэ бүөлэнэммит хорҕойуохха?
«Саха өһөс, оҕото өссө өһөс» дуу,
Эбэтэр «Тыын тыыҥҥа, хаан хааҥҥа»- диибит дуу?
Ол эрэн, былыр да, быйыл да дьаҥ баара,
Саха баара, баар, баар да буола туруоҕа!
Алыс уолуйбакка, алыс аймаммакка,
Өйү-санааны, туругу көрүнүөххэ…
Хара дьай сыдьаана, коронавирус,
Бар! Араҕыс, дьүгэлий коронавирус!
(Алексей ТАТАРИНОВ-УДЬУРҔАЙ)
ХАРА ДЬАЙЫ ХАПТАТЫАХ
Аламай күн уоттаах
Арылы халлааннаах
Араҕас далбардаах
Аан ийэ дойдубутун
Атыйахтаах уулуу
Аймаан, муҥнуу,
Абааһылыы куттуу
Алдьархай дьайыҥнаах
Адьарай ыарыыта
Аад айаҕыттан
Адаҕыйан таҕыста!
Үллэр үйэбитигэр
Үтүгэн түгэҕиттэн
Үтүмэн дьону сии
Үлүгэрдээх өлүү
Үксээн үтүрүйдэ!
Сир ийэбит ньээкэлээн
Сириэдитэ иитиэхтээн
Ситэри биэбэйдээбит
Сэгэртэйин — Киһитин
Сиэхсит хара дьай
Сир үрдүттэн симэлитэ
Силбиэтэнэ иирдэ!
Харахха көстүбэккэ сылдьан
Хаарыан салгыммытын сутуйан,
Хороҥнос үөннүү сыылаҥхайдаан,
Хара дьаҥ ыарыыта
Хамсык өлүү буолан,
Хотуурданан илэ-бодо тарҕаан
Ходуу курдук ходуйтаан
Харах уутун халытта,
Хаан бөлөххө чачатта!
Хабараан дьай ыарыыта
Хаптайарын туһугар
Ханна да хаампакка,
Харыстанан,
Хаххаланыах!
Хайыҥ охсунан,
Хаппахтаныах!
Хорҕойон сытыах!
Хара дьайы харгыстаан,
Хаптатан халбарытыах,
Ханна да суох гыныах!!!
(Татьяна ВИНОКУРОВА-САБЫЙА)
ЧУҤКУК СААС
Мин чаҕыл сааскы күнүм,
Ханна сүттүҥ, туохтан хомойдуҥ,
Саҥа үүнэр күнүм тоҕо эрэ —
Үөрдэрдии сандаарыйбаккын?!
Айылҕа барахсан эн, эмиэ
Ыалдьаҕыан киһи курдук?
Быйылгы сааспыт ыарыыттан
Баттаппыттыы үдүк-бадык, чуҥкук!
Билими чинчийэр анал хосторго
Ыарыы дьайын эттиктэрэ үөрэтиллэн,
Ардыгар куотан тахсан хатаналлар
Тыынар-тыыннаахха, малга-салга.
Дьон бөҕүн ыраастаммакка,
Бөх быыһыттан быгыалыыр,
Ыарыы саһар киргэ-хахха
Кэтэһэн, биир түгэҥҥэ – өрө турар.
Хара дьай ыарыы бэлэмҥэ бэрт
Чөл туруга суох, мөлтөх эттиккэ
Утуйбут атын дьайдары уһугуннаран
Сүһүрдүү үлэтин күүһүрдэр.
Ыарыы ырааска сыстыбат,
Талан ылар дьикти дьоҕурдаах
Ис кутун чөл, толкуйуҥ сырдык —
Хара дьай тумнар, Эйигин!
Эрэй-муҥ ыарыытын тумнарга
Айылҕаҕа сыһыаны чугастык ылынан,
Улуу Айылҕаны өрө тутуохха
Умнумуохха өйдөһүүнү, сүгүрүйүүнү!
Айылҕа чуҥкук сааһа ааһа оҕус!
Сыдьаайар уоккун тырымнат,
Кутуллар сардаҥаларгын күөртээ,
Ыллыыр-туойар күннэри бэлэхтээ.
(Изабелла МАТВЕЕВА-Алаас Хотуна)
КЫАЙЫАХПЫТ
… (тус санаа)
Аан Дайды сүһүрбүт
Айдаана ааҥнаата
Ырыа-тойук ылламмат,
Үҥкүү-битии уурайан,
Түһээн түүлгэ да суох,
Дьон аймах истэ билэ илигэ.
Оннук этэ,
Оннук этэ,
Оннук этэ.
Аата суох алдьархай
Ааҥнаата.
Ама Үрдүк айыыларбыт
Иэстэһэллэр?
Киэҥ Куйаар тобуктуур
Күнэ дьыла буолла?
Суох…
Суох…
Суох!
Өй иҥсэ иэдэттэ,
Икки атахтаах
Иннинэн сирэйдээх
Аана суох алдьархайы айда.
Сир иҥнэйэр иэдээнин төлө ыытта.
Киһи…
Киһи…
Киһи!
Өйү өй кыайар,
Күүһү күүс хотор,
Түмсэн, түмүллэн
Сүргэ сүрэх сүбэтинэн,
Кыайыаҕын
Дьэбир дьайы!
Киһи муҥура суох
Өлбөт өргөстөн
Үҥэр сүктэр,
Үрүҥ Айыы тойоммут,
Абыраар,
Сир Ийэ барыбыт Ил дьиэбит.
Дьэ, кэллэ эбээт
Ити тыл ис дьиҥэ!
Ис дьиҥэ…
Ис дьиҥэ…
Ис дьиҥэ!
Айбыт күүс,
Арчылаа!
Арчылаа!
Арчылаа!
(Надежда АРЖАКОВА-ИВАНОВА)
.
КИҺИ КЫАЙЫА ӨЙҮНЭН
Киһи аймах айманна,
Аан алдьархай ааҥнаата —
Хоруоналаах дьаҥ дьайа
Аан дойдуну сутуйда,
Өлүү-сүтүү үксээтэ,
Харах уута халыйда…
Сурах-садьык тарҕаата,
Үрүҥ күммүт өлбөөрдө,
Огдолуйда олохпут…
Туох таҥнары кыраата,
Ханнык ыар аньыы иэһин
Биһигиттэн ирдээтэ?
Айылҕабыт айгырыыр
Содула эбитэ дуу?
Сиэри, туому тэпсиибит
Иэстэбилэ кэллэ дуу?
Эбэтэр, икки атах
Бэйэтинэн айда дуу?
Харах көрбөт өстөөҕүн
Киһи кыайыа Өйүнэн,
Сиэмэх ыарыы хотторон
Хоруоната туллуоҕа.
Үрдүк мэҥэ аналбыт
Бу да дьаҥы кыйдыаҕа!
Оччоҕуна сир Ийэ
Өссө ордук чэлгийиэ,
Атааннаһыы умнуллуо,
Сэрии уота умуллуо,
Кэрэ кэммит кэлиэҕэ,
Ырыа-тойук дьиэрэйиэ.
(Михаил ИВАНОВ-Чуона Мэхээлэ)
КӨҤҮЛЛҮК
Туох ааттаах ыарыытын
Ырытан хааллыбыт?..
Олохпут ыйааҕын
Халлааннаан аахтыбыт?!..
Оннооҕор буолуоҕу
Үйэ-саас уйбута,
Уоспалаах солуоҕу
Мин Сахам ааспыта!
Олохпут ааннарын
Тэлэччи аһыахха!
Күн Айыы аартыгын
Суолунан барыахха!..
Ол Үрдэл үөһүттэн
Үрдүктэн көрүөххэ,
Уонна дьэ, үөрүүнэн
Муунтуйан бүтүөххэ!
Бу сааскы салгыммыт
Чэлгиэннээх тыалламмыт,
Ол онно тахсыахха
Көҥүллүк тыыныахха!
(Мария МОХНАЧЕВСКАЯ-Марта- Мария)
ххх
Күннүүн көҥүл куустуһан
Күүлэйдиэххэ бэрт да күн!
Харантыыны тутуһан
Хаайтардыбыт күһэллэн.
Дьарык элбэх да буоллар,
Дьону суохтаан бөҕөбүн,
Көрсөн илии тутуһар
Күндү эбит, сөҕөбүн.
Урут ону аахайан
Ундаардаабат буоллаҕым,
Кэлии-барыы, суол-айан —
Күн түбүгэр муннаҕым.
Адаҕыйбыт хара дьай
Ааһа эрэ оҕустар,
Тахсыам дьоҥҥо, аан-маҥнай
Тохтоон, илии тутуһа!
(Саргылаана СПИРИДОНОВА-Кэрэмэс Кийиитэ)
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru