Эти сиикэйдии сиир төһө туһалааҕый?

19.11.2016
Бөлөххө киир:

Убаһа, сылгы тоҥ этинэн бырахсар күүтүүлээх идэһэ кэмэ тиийэн кэллэ. Эти сиикэйдии сиир төһө туһалааҕын дуу, алдьатыылааҕын дуу быһааран биэрэригэр тыа хаһаайыстыбатын наукатын доктора, Доруобуйа институтун научнай үлэһитэ Константин Степановтан көрдөстүбүт.

Киһи этигэр-хааныгар туһалаах белогу сүрүннээн эт аһылыктан ылар, – диир Константин Максимович. – Диетологтар уонна технологтар эти ханнык ньыманан астыыр ордугун туһунан мөккүһэллэр. Эти буһардахха, сорох веществота уонна белога үрэллэр. Ол иһин туһалаахтык аһааһыны өйөөччүлэр ортолоругар эти сиикэйдии сиири сэҥээрээччилэр элбэхтэр. Эти сиикэйдии сиэһин үгэһэ элбэх норуокка баар. Ордук чуолаан, хотугу омуктарга.

Учуонайдар эти сиикэйдии сиэһин кистэлэҥин өрдөөҕүттэн үөрэтэ-быһаара сатыыллар. Элбэх чинчийии көрдөрбүтүнэн, сиикэй эт киһиэхэ күүстээх адаптоген курдук дьайар. Ол эбэтэр эти сиикэйдии сиэбит киһи өргө диэри сэниэлээх сылдьар, хас эмит бүк тулуурдаах буолар. Онон, сиикэй эт киһиэхэ белогу, тимири уонна В12 битэмиини эрэ «бэрсэр» буолбакка, эти-сиини эрчимирдэр, олоххо тардыһыыны күүһүрдэр диэн өйдүөхтээхпит.Сиикэй эти сиэтэххэ туох буоларый? Бастатан, киһи эти буһарар-иҥэринэр дьайыыта уустугурар. Тоҕо диэтэххэ, сиикэй эти үксүгэр тоҥнуу сиибит. Оттон аһы буһарыы температура үрдүк эрэ буоллаҕына ситиһиллэр. Онон киһи этэ-хаана куртахха киирбит тоҥ эти сылытан, сөптөөх турукка тириэрдиэр диэри элбэх энергияны уонна бириэмэни барыырга күһэллэр. Аһы буһарыы бытаарыыта түмүккэ охсон тахсар. Киһи этэ-сиинэ тимиргэ наадыйыытын буһарыллыбыт эттээҕэр икки төгүл аҕыйах эти сиикэйдии сиэтэҕинэ ылар. Ол гынан баран, тэҥнээн көрдөххө, буһарыллыбыт эккэ белок ахсаана 20-тэн 30 бырыһыаҥҥа диэри элбэх буоларын болҕомтоҕо ылыах тустаахпыт.

Сиикэй эт туох буортулааҕый? Үөһэ ыйыллыбытын курдук, барыта эҥкилэ суох эбитэ буоллар, дьон эти буһара-хайыы сатаабакка, барытын сиикэйдии сиэхтэр этэ. Паразит киһи этигэр-хааныгар киирдэҕинэ олус үчүгэйдик «олохсуйар». Киһи хараҕар көстүбэт бу харамайдар кыра даҕаны буһарыыны тулуйбаттар. Ол иһин буһарыллыбыт, ыыһаммыт уонна ыһаарыламмыт эттэн киһи сутуллубат. Дөйө тоҥоруу эмиэ кинилэри өлөрөр.

Сиикэйдии сииргэ убаһа, сылгы этэ эрэ тоҥоруллубутунан уонна ынах сүөһү этэ сүүрүҥүйдүү буһарыллыбытынан барсаллар. Бараан, коза, куурусса, куруолук сиикэйдии сииргэ сөбө суохтар. Оттон сиикэй эттэн бэлэмнэниллэр бүлүүдэҕэ сибиинньэ этин туттуу бэйэҕэ тиийиниигэ тэҥнээх. Ынах сүөһү этинээҕэр сибиинньэ этиттэн элбэхтик сутуллуохха сөп. Бултаммыт кыыл-сүөл этин эмиэ төрүт сиикэйдии сиир сатаммат.Араас сутуйар ыарыыларга хаптарбат туһуттан тугу гыныахха? Ветеринария исписэлииһэ ыарыылаах сүөһү этин маҕаһыын, ырыынак долбуурдарыгар аһарыа суоҕа. Онон эти түбэһиэх сиртэн, илииттэн атыылаһымаҥ, атыылаһаргытыгар ветеринария хонтуруолун ааспыт докумуонун ирдииргитин умнумаҥ. Эбэтэр билэр, эрэнэр дьоҥҥутуттан эрэ ылыҥ. Сиикэйдии астаныллар бүлүүдэлэргэ эт хайаатар даҕаны сибиэһэй буолара ордук. Фаршы эмиэ бэйэ эрийэн астыыра эрэбил буолуо.

Диетолог-быраастар, үгэс курдук, Уһук Хоту дойду олохтоохторугар чэгиэн-чэбдик убаһаттан, сылгыттан уонна табаттан ылыллыбыт эти сииргэ сүбэлииллэр. Хоту дойду олохтоохторугар химическэй састаабынан уонна иҥэмтиэлээҕинэн убаһа, сылгы этиттэн ордук дьүөрэлээх суох. Маннык күндү, туһалаах аһылык биһиги бырааһынньыктааҕы сандалыбыт киэргэлэ эрэ буолбакка, күн аайы туттар-туһанар бородууксуйабытыгар кубулуйуохтаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0