Этиҥнээх былыттар Нерюнгри, Алдан, Өлүөхүмэ оройуоннарыгар баһаар ахсаанын элбэттилэр

Бөлөххө киир:
Ил Дархан  Айсен Николаев бэҕэһээ, бэс ыйын  11 күнүгэр, Нерюнгрига оробуочай сырыытын кэмигэр ВКС бэрээдэгинэн Нерюнгри, Алдан, Өлүөхүмэ оройуоннарыгар ойуур баһаардарынан сүбэ мунньах ыытта.
Вице-премьер  Дмитрий Садовников баһаардарынан бүгүҥҥү балаһыанньаны кэпсээтэ.  Ойуур баһаардара (ландшафтнай) тахсыыларын утары туох миэрэ ылылларын туһунан иһитиннэрдэ.
Айсен Николаев  Нерюнгрига, Алдаҥҥа уонна  Өлүөхүмэҕэ  этиҥнээх былыттар (грозовой фронт)  элбээннэр  балаһыанньа кытааппытын бэлиэтээн эттэ. Бу күннэргэ ардахтаах күннэр туралларынан, баһаардары умуруорууга бары күүһү уурарга эттэ.
Күн-дьыл туругун билгэтин көрдөххө, чугастааҕы биир-икки сууккаҕа киин уонна соҕуруу улуустарыгар ардахтаах күннэр туруохтара.
Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ 60-тан тахса  термоточка бэлиэтэннэ.

 Дмитрий Садовников иһитиннэрбитинэн, күн бүгүн  26 баһаар баарыттан, уон баһаары умуруорууга  220 киһи,  10 тиэхиньикэ үлэлиир. Маны таһынан 17 оройуоҥҥа 14 көтөр аалынан  авиапатрулирование ыытыллар.  Ан-30М зондировщик-сөмөлүөт бэҕэһээ Алдан оройуонугар үлэлээтэ.  Бүгүн Өлүөхүмэҕэ үлэлиэхтээх. Оттон Ан-26 зондировщик-сөмөлүөт  Алдан уонна  Уус Маайа оройуоннарыгар үлэлиир.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0