Эстрада тыйаатырын саҥа дьиэтэ кыһыл лиэнтэнэн арылынна

Ааптар: 
05.10.2019
Бөлөххө киир:

Бүгүн  Эстрада судаарыстыбаннай  тыйаатырын саҥа дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.

edersaas.ru

Өр сылларга саха талааннаах ыччаттара — эстрада сулустара бас билэр дьиэтэ, тыйаатыра суох олус эрэйдэммиттэрэ. Онон Тыйаатыр сылыгар бүгүн саха култууратын сайдыытыгар олус улахан суолталаах күн.

Бүгүн манна ыалдьыттыы кэлбит дьон үөрүүлээх быһыыга-майгыга кыһыл лиэнтэни быһан, саха Эстрадатын судаарыстыбаннай тыйаатырын айар үлэтигэр саҥа суолу тэлэр бэлиэ түгэҥҥэ муһуннубут.  Тыйаатиыр 20  сыл үлэлээбитин тухары артыыстар аан бастаан  айар-тутар дьиэлэрин аанын аһар киирэр кыахтаннылар, — диэн эҕэрдэ тылыгар СӨ бырабыытылыстыбатын бэрэссэдэтээлин солбуйааччы Ольга Балабкина анаан бэлиэтээтэ.

Оо, тыйаатыр артыыстара бу долгутуулаах түгэни төһөлөөх өр кэтэспиттэрэ буолуой?

Артыыстар эрэ буолуо дуо, бастатан туран, биһиги, көрөөччүлэр, саха эстрадатын сулустарын сүгүрүйээччилэрэ кэтэстэхпит дии! Ол дьоллоох түгэн дьэ үүннэ…

Саха эстрадатын сулуһа, СӨ үтүөлээх артыыһа Тамара Попова-Хадаана үөрүүтэ муҥура суох. Ол — кини дьолунан туолбут хараҕар!

Оттон Никалаах Эрчимҥэ бу күн — олохторун сулустаах чааһа.

Эрхаан уонна Анатолий Горохов бу дьиэ аанын төһөлөөх үгүстүк толору дьоллонон аһыахтарай!

Тыйаатыр артыыстара саҥа дьиэлэригэр киирдэ киирээт, сонун сүүрээни киллэрдилэр. Ол курдук, хас суолталаах түгэн аайы Саха эстрадатын судаарыстыбыннай тыйаатыра туруорбут музыкальнай испэктээкиллэрин  артыыстар мусуой реквизиттэрин быһыытынан Айар мастарыскыай түмэлин быһыытынан билиһиннэрэллэр. Бүгүн суолталаах күҥҥэ «дьуһуурунай» экскурсоводунан Алексей Григорьев-Эрчим ананан, үрдүк сололоох бочуоттаах ыалдьыттарга бэрт интэриэһинэй экскурсияны ыытта.

Тыйаатыр айар үлэтэ диэх курдук, кырдьык да киһини соһутар, көрөөччү интэриэһин уһугуннарар эспэнээттэр.

Тыйаатыр түмэлигэр Айгылаан реквизитэ олох бэйэтэ-бэйэтинэн турар!

Эстрада «сулуһа» Алексей Григорьев-Эрчим тыйаатырга 2007 c. үлэлии киирбит. Онтон үс сыл тохтуу түһэн баран, айар үлэтин бу тыйаатырга салҕаабыта икки сылтан ордубут.

Артыыстар да, салалта  өр сыллар тухары кэтэспит баҕа санаабыт туолла. Туспа дьиэлээх-уоттаах үчүгэйэ сүрдээх. 50-ча артыыс, 30-ча  тэрээһин үлэҕэ үлэлиир салалта — 100-һү кыайбат дьон олох бэйэбит дьиэбитигэр кэлэр курдук ааммытын үөрэ-көтө аһабыт. Улахан аҥарбыт ааттаах-суоллаах, норуот билиммит үтүөлээх артыыстара, култуура туйгуннара. Саҥа саҕалаан эрэр ыччат да үгүс. Быйыл, холобура, эстрада эйгэтигэр суолларын саҥа тэлэн эрэр ыччаттар кэллилэр. Арктическай институкка эстрада салаатыгар үөрэнэр оҕолор быраактыкаларын биһиги тыйаарбытыгар барыахтара. Онтон силистэрин-мутуктарын тардан иһиэхтэрэ буоллаҕа, — диэн санаатын  үллэстэр Эрчим.

Эстрада сулуһа 2007 сыллаахха Надежда Бабкина салайар «Арассыыйа ырыата» диэн бэстибээлгэ кыттан, 14 эригийиэни барытын кэрийсибит.

Ол сылдьан эстрада тыйаатырын бөҕөнү кэрийдэҕиҥ аҕай дии. Билигин саҥа дьиэҕэ киирэн туран тэҥнээтэххинэ хайдаҕый?» — диэн ыйытыыбар Эрчим маннык хоруйдаата:

Оо, биһиги  тыйаатырбыт бу дьиэтигэр тэҥнээтэххэ, быдан кыараҕастар эбит. Оннооҕор Москваҕа Аркадий Райкин аатынан эстрада тыйаатырын дьиэтэ биһиэнинээҕэр кыра дьиэҕэ олохсуйан олорор. Санкт-Петербурга Надежда Кадышева арыычча улахан дьиэҕэ тыйаардаах эрээри, фойета олох кыра этэ.  Онно холоотоххо биһиги тыйаатырбыт дьиэтэ-уота килэйэн-халайан, дьэ, дьиэ да дьиэ! 

Ити курдук, эстрадабыт 33  чаҕылхай сулуһа уонна ааттарын-суолларын саҥа оҥостон эрэр ыччаттар бэйэлэрэ тус айар дьиэлэнэн-уоттанан көрөөччүлэригэр үгүс үөрүүнү бэлэхтиэхтэрэ турдаҕа. Дэлэҕэ да кинилэри кытта биһиги эмиэ талааннаах артыыстарбыт хаһан дьиэ-уот тэринэллэрин өр да күүттүбүт. Онон барыбытын: артыыстары уонна көрөөччүлэри Эстрада судаарыстыбаннай тыйаатырын саҥа дьиэтин аана тэлэччи аһыллыбытынан эҕэрдэлиибит, доҕоттор!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа уонна видеоҕа ааптар түһэриитэ уонна устуута.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0