Эстрада тыйаатырыгар — «Көмүс ааттар»

05.11.2019
Бөлөххө киир:

Саха эстрадатын тыйаатыра саҥа сезонун “Көмүс ааттар” диэн өссө биир сонун бырайыагынан саҕалаата. Мусукаалынай бырайыак сыана бэтэрээннэригэр, саха норуотугар уостан түспэт ырыалары толорон хаалларбыт уһулуччулаах артыыстарга ананар.

Бырайыак ааптара уонна ­ыытааччыта – Саха Өрөспүү­бүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Александр Бурнашов. Алтынньы 24 күнүгэр “Көмүс ааттар” бырайыак чаҕылхай сулус буолан күлүмнээн ааспыт Саха сирин үтүөлээх артыыската, Эстрада тыйаатырын бэтэрээнэ Наталья Трапезниковаҕа аналлаах ахтыы-киэһэтинэн саҕаланна.


Уруккута “Европа” дьиэтин биир саалата дьоҕус сыанаҕа кубулуйбут. Бу саалаҕа киирэн, күннээҕи түбүктэри умнан, ааспыт кэм ахтылҕаныгар сылаанньыйа түһэргэ, сылаас тыыннаах эйгэҕэ киирэн ыларга табыгастаахтык оҥоһуллубут. Сыанаҕа Саха эстрадатын примата араас кэмнэргэ кэппит чаҕылхай былаачыйалара туруоруллубуттар. Үгүс көрөөччү Наталья Трапезникова ырыаларын истибит, сэргээбит кэмнэрин ахтан-санаан аастаҕа, бэйэтин олоҕун ханнык эрэ өйдөбүнньүгүн кытта ситимнээн ыллаҕа…
Дьэ, онтон ыытааччы Александр Бурнашов Наталья Трапезникованы биир идэлээҕэ буоларын сэргэ, олус чугастык алтыспыт артыыһа буоларынан, ханна да суруллубатах, кэпсэммэтэх кэрэкэ кэп­сээннэрин аа-дьуо олорон сэһэргээн барда. Биир бэйэм, “Саха” Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа Елена Миронова кимиэхэ да маарыннаабат биэриилэрин уонна СӨ норуодунай артыыската Анна Кузьмина Саха тыйаатырын бастакы артыыстарыгар анаабыт “Умнуллубат сулуһун” санаан, сүтэрбиппин булбут курдук буоллум. Ыытааччы кэпсиирин быыһыгар, ыллыы тахсыахтаах хас биирдии артыыс туһунан бэйэтин көрүүтүн билиһиннэрбитэ, кини бу ырыаны тоҕо чопчу талбытын бэлиэтээһинэ артыыстары уонна көрөөччүлэри биир ситимнээтэ, өссө иһирэх тыыннаата. Артыыстар эмиэ Наталья Трапезникованы кытары алтыспыттарыттан кылгастык кэпсээн, бэйэлэрэ да сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ, таптыыр артыыскалара тыйаатыр саҥа дьиэтигэр кинилэри араҥаччылыы, алгыы сылдьар курдугуттан астыналларын эттилэр.
Ахтыы-киэһэҕэ Эстрада тыйаатырын артыыстара: Сахая, Анастасия Готовцева, Варя Аманатова, Тамара Попова, Андреана, Надина Эльпис, Эрчим, Константин Степанов, Анатолий Горохов, Айгылаан, Люция Грязнухина кытыннылар. Ыытааччы бэлиэтээн эппитинии, ханнык да ырыаһыт Наталья Трапезникова ырыатын үүт-үкчү толорор кыаҕа суох — кини куолаһа хатыламмат. Ол да иһин, ырыаһыттарбыт Наталья Трапезникова репертуарыттан куоластарыгар, артыыс быһыытынан уратыларыгар, маастарыстыбаларыгар сөп түбэһэр ырыалары талбыттар. Маныаха, Александр Бурнашов, хас биирдии ырыаны толорооччу ханнык уобараһы көрөөччүгэ санатарын ымпык­таан-чымпыктаан толкуйдаабыттарын, олус интэриэһинэй үлэ барбытын туһунан эттэ.

АЛЕКСАНДР БУРНАШОВ
АХТАН-САНААН ААСПЫТ ТҮГЭННЭРИТТЭН

Наталья Спиридоновна Дьокуускай куоракка ырыаҕа, искусствоҕа ханан да чугаһа суох дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Ол эрэн, кыыс хара маҥнайгыттан хайаан да ырыаһыт буоларга ыраланан, дьылҕатын бэйэтэ быһаарбыта. “Мелодия” фирмаҕа тахсар быластыыҥкалары атыылаһан үөрэтэн, кэлбит ыалдьыттарга ол ырыаларын ыллыыра.
Берлиҥҥэ ыытыллыбыт Ыччаттар уонна устудьуоннар аан дойдутааҕы Х бэстибээллэрин, Москваҕа норуот ырыатын толорооччулар Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустарын лауреата нууччалыы ырыалары толорорун ордук сөбүлүүрэ. Нуучча норуодунай ырыаларын бүтүн аан дойдуга уонна Сэбиэскэй Сойуус элбэх куораттарыгар ыллаан, Саха сирэ баарын биллэрбитэ. Москваҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы Эстрада мастарыскыайыгар сахалартан биир бастакынан үөрэммитигэр, Юрий Платоновтыын Саха эстрадатын “бастакы хараҥаччылара” ­буолбуттарыгар дьылҕатыгар махтанара. Кырдьыга да, кини толоруутун “Сарсыардааҥҥы почта”, “Музыкальнай киоск”, “Күөх уот”, “Тыйаатырга көрсүһүүлэр” уо.д.а. Киин тэлэбиидэнньэ биэриилэригэр истибит көрөөччүлэр биһиги ортобутугар аҕыйаҕа суохтар. “Саха АССР үтүөлээх артыыһа” диэн үрдүк аатыгар күн сириттэн күрэниэр диэри олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан үлэлээн ааспыта.

КҮННЭЭХ ПРИМАДОННА

Наталья Трапезникова саха искусствотыгар киллэрбит кылаатын иһин үрдүк аакка-суолга, наҕараадаларга тиксибитэ. Ол гынан баран, бэйэтэ билиммитинэн, саамай үрдүк наҕараадатынан дьонун-сэргэтин таптала буолбута. Олоҕун сыанаҕа анаабыт ырыаһыт айар үлэтэ, тус олоҕо көрөөччүлэрин харахтарын далыгар сылдьыбыта.
Мэлдьи эдэрдии эрчимнээх, олоҕу кытары тэҥҥэ хардыылыыр примадонна артыыс буолуон баҕалаах эдэр ырыаһыттарга истиҥ сыһыаннааҕа, кинилэри бэйэтин “сылаас хоонньугар бигээн”, элбэхтик гостуруолларга айанныыра, элбэххэ үөрэтэрэ. Хас да сыл Үҥкүү национальнай ансаамбылыгар эмиэ сити­һиилээхтик үлэлээн, айан ыарахаттарын тэҥҥэ сүкпүтэ. Хаһан да “эһигитттэн үрдүк таһымҥа сылдьар улахан ырыаһыппын” дэм­мэккэ, наһаа аһаҕас, оҕолуу дууһа­лааҕа. Кини хатан күлүүтүнэн, сырдык эйгэтинэн элбэх киһини бэйэтигэр тардар уратылааҕа. Дэлэҕэ даҕаны кинини “Күннээх примадонна” диэн ааттыахтара дуо?

МУСУОЙГА БЭЛЭХ

“Саха сирэ” хаһыат Эстрада тыйаатырын кытары ыкса си­­бээстээхтик үлэлэһэр. Ону сэргэ, “Көмүс ааттар” бырайыак күн сиригэр тахсарыгар өйөбүл буоларга баҕа санаатын тириэрдибитэ. Бу күн дьоро киэһэ кыттыылаахтарын уонна артыыстары эҕэр­дэлии, “Саха сирэ” хаһыат кы­­лаабынай эрэдээктэрэ Родион Кривогорницын кэллэ.
“Бары билэрбит курдук, быйыл Арассыыйаҕа Тыйаатыр сыла биллэриллэн, биһиги өрөспүүбүлүкэ тыйаатырдарын кытары үлэлиибит, кинилэр үлэлэрин-хамнастарын, ситиһиилэрин “Алампа” сыһыарыыга тиһигин быспакка сырдатабыт. Александр Валерьевич Эстрада тыйаатырыгар мусуой тэрийэрин истэммит, бэйэбит сэмэй кылааппытын киллэрэбит”, — диэн биир сэдэх хаартысканы бэлэх уунна. Бу – Москватааҕы авиация институтун бэрэпиэссэрэ, тиэхиньиичэскэй наука дуоктара, Ньурбаттан төрүттээх Василий Семенов ырыаһыт Наталья Трапезникованы Москваҕа Сойуустар Дьиэлэрин Колоннай саалатыгар түһэрбит үйэлээх хаартыската. Манна сыһыаран эттэххэ, кини — саха артыыстарыттан Киин тэлэбиидэнньэҕэ сольнай кэнсиэрин туруорбут соҕотох артыыска.
Родион Юрьевич иһитиннэрбитинэн, Василий Васильевич  1980-с сылларга спорт, култуура, литература уо.д.а. эйгэ биллэр-көстөр дьонун дойду тэбэр сүрэҕэр сылдьан түһэрэн, бэйэтин кэмигэр сүдү кылаатын киллэрбитэ. Онон, бу хаартыскаҕа түһэрээччи биир үлэтэ мусуой бастакы экспонаттарыттан биирдэстэринэн буолла.

КӨРДӨӨХ ТҮГЭННЭРТЭН

Наталья Спиридоновна нуучча суруйааччыта Антон Чехов “Киһиэхэ барыта кэрэ буолуох­таах” этиитин олоҕун тухары тутуһан кэлбит кэрэ аҥаар буоларын бары да билэбит. Кини сыанаҕа эрэ буолбакка, уопсастыба ортотугар, дьиэтигэр-уотугар мэлдьи бэйэтин көрүнэ, тупсарына сылдьара. Ону туоһулуур көрдөөх түгэннэри Александр Бурнашов кэпсээн, көрөөччүлэри “быара суох ыытта”.
Элбэх көрдөөх түгэнтэн быһа тардан билиһиннэрдэххэ, Александр Бурнашов биирдэ ­эдьиий кэриэтэ саныыр киһитигэр парик уларса тиийбит. Кини төһө да болдьохтоох кэмигэр кэлбитин иһин, дьиэ хаһаайката аанын аанын аһан биэрбэккэ, уонтан тахса мүнүүтэ кэтэһиннэрбит. Ол быыһыгар хаһаайка сотору-сотору сүүрэн бытыгырыйан кэлэн: “Сашенька, подожди-подожди” эбэтэр “Саша, еще не ушел?” – дии-дии баран хаалар эбит. Кэмниэ-кэнэҕэс аанын аһан ыалдьытын киллэрбитэ, бэйэтэ дьэ, кэнсиэртиир былаачыйатын кэтэн, киэргэнэн олорор эбит уонна дьэ куукунаҕа ыҥыран, ыалдьытыгар чэй куппут. Саҥа диискэтэ тахсыбытын туһунан кэпсээн баран, Сашата кэлбит соругун олох да умнан, уон ырыаны субуруччу ыллаабыт, ол аайы Александр соҕотоҕун ытыһын таһына-таһына истэн дьолломмут. Оннук аһаҕас дууһалаах, кэрэни кэрэхсиир, кэрэ аҥаардарга холобур буолар киһи этэ – Наталья Трапезникова.

ГИННЕС РЕКОРДУН ОЛОХТООБУТА

Наталья Трапезникова репертуарыгар аан дойду элбэх тылынан ырыа баара. 2009 сыллаахха Москваҕа 25 омук тылынан ырыалары толорон, Гиннес (Арассыыйа) рекордун кинигэтигэр киллэриллибитэ.
“Көмүс ааттар” бырайыакка кини ырыаларыттан “Табаһыт олоҕо” (Эрчим), “Билинии” (Андреана), “Валенки” (Варя Аманатова), “Ардах” (Анастасия Готовцева), “Табалар” (Анатолий Горохов), “Отговорила роща золотая” (Тамара Попова-Хадаана), “Туундара” (Сахая уонна Герман Степанов) уо.д.а. толоруулара Наталья Трапезникова саха эстрадатыгар ыллаан, айан-тутан ааспыт кэмнэрин санаттылар.
“Көмүс бырайыак” өссө да салҕаныа. Александр Бурнашов инникитин маннык киэһэлэри Петр Пестряков, Валерий Ноев, Марина Попова-Эдьиий Марыына, Марфа Колесова-Расторгуева, о.д.а. курдук көмүс ааттарга аныыр былааннаах.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaаs.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0