Оҕо эрдэхпинэ эбээбэр остуоруйа, үһүйээн, номох кэпсэттэрэн истээччибин.
Бэһис кылааска үөрэнэ сылдьаммын, биир киэһэ түргэн үлүгэрдик уруокпун ааҕан, дьиэ ис-тас үлэтин үмүрүтэ охсоот, эбэм иистэнэ олордоҕуна, үгэспинэн, былыргы олохтон туох эбит кэрэхсэбиллээҕи кэпсииригэр көрдөспүтүм. Эбээм өрө тыынан баран, кэпсэттэрэн тэйэрбин билэр буолан, тугу эрэ өйдүү-саныы сатыырдыы чочумча саҥата суох олорон баран, ииһин тохтоппокко эрэ, сыыйа кэпсээбитэ.
– Ырааҕынан аймахпыт Түмээ диэн айылҕаттан этитиилээх булчут, эсэһит киһи олорон ааспыта. Мин уончалаахпар, Сэбиэт былааһа саҥардыы олохтонон эрдэҕинэ, Быыраҕа дьоммор ыалдьыттаан, хас даҕаны хонон барбыта. Ол кэнниттэн уһаабатаҕа. Тиһэх сырыыта эбит этэ. Онно эҥини элбэҕи сэһэргээбититтэн баччаҕа диэри барт туома иҥнэн кэллэҕэ эбээт. Онон туох хатанан хаалбытын кэпсиим.
Былыргы саха ыала күһүн балаҕан ыйыгар от үлэтин үмүрүтэн, сүөһү хотоҥҥо хорҕойуор диэри тыын ыла түһэр.
Ол кэпсэнэр кэмҥэ Түмээ 70 сааһын аастаҕа буолуо. Кини күөгэйэр күннэригэр аата-ахсаана суох үрэх-үрүйэ, толоон-маар сирдэринэн тэлэһийэ сылдьан бултаабыт-алтаабыт, били аатырар-сураҕырар Хондокууттарынан, Муостааҕынан эмиэ өрө-таҥнары сыыйталаабыт аҕай түбэлэрэ. Билигин ол улуу дойдуларга тиийиэн санаата даҕаны хотуппат. Ол эрээри, күһүн баччаҕа кыылга хаама үөрүйэҕинэн тэһийбэккэ, биир сарсыарда эрдэ туран, чугастыы Кэнэлийэ үрэх төрдүгэр баар үүтээнигэр бара сылдьарга быһаарынна.
Сиригэр тиийиитэ үүтээнин халҕана аһаҕас аҥайан турарын ыраахтан бэлиэтии көрөн, оҕонньор дьиктиргии, ытырыктата санаата. Бука, дьон кэлэ сылдьыбыт буолуон сөп диэҕин, дьиэ иһин-таһын кэрийэ көрбүтэ, оннук сибики суох. Чэй өрүнэн, иһирдьэнэн-таһырдьанан киирэ-тахса сырытта. Баар-суох доҕоро Моойторук иччитэ тугу гынарын, хас хамсаныытын кэтээн, көрө сытар. Эмискэ суор хахаарда. “Бултуйарбын биттэнэр буоллаҕа” диэн оҕонньор күлүгэр имнэнэн, санаата көнньүөрдэ. Сарсын хайаатар даҕаны эһэ сохсолорун сөргүтэн, ииттэҕинэ сатаныыһы.
Тыҥ хатыыта туран, чэй өрүнэ олордоҕуна, били көтөрө эмиэ хаһыытаата. Онтон хайдах эрэ этин сааһа аһылынна, куйахата күүрдэ, дьиксиниэх санаа охсуллан ааста. Кини дьаарханара, кэтэнэрэ оруннаах: тоҕус уон тохсус тыатааҕытын бултаан баран сылдьар, былыр-былыргыттан сүүһүс эһэни кытта көрсөр олус сэрэхтээх диэччилэр. Иккиттэн биирдэстэрэ хаалыахтаах…
Түмээ билигин даҕаны сааһыгар холооно суох тэтиэнэх. Хойуу хаастарын түрдэһиннэрэн, сааһырбытын бэлиэтэ сырдык күөх тиэрбэстээх харахтарынан үүтээн кыараҕас түннүгүнэн суһуктуйан эрэр халлаан омоонун тобулу көрөн, итии чэйин сыпсырыйан иһэ олордо. Бу кини сири-уоту кэрийэ барарыгар олохсуйан хаалбыт үгэһэ. Ити икки ардыгар халлаан лаппа сырдаата. Сып-сап хомунан, атын миинэн, бултуур сиригэр айаннаата.
Уһук өттүттэн саҕалаан бэттэх чугаһаан иһэрдии торумнаабыт буолан, балачча уһуннук айаннаан, бастакы сохсотун бэрийэн-сөхсүйэн ииттэ. Итинник хас даҕаны сохсону туруоран, бүтэһигэр кэлиитигэр күһүҥҥү кылгас күн арҕаалаан, саҕахха саһара чугаһаабыт этэ. Ол сырыттаҕына, эмиэ били суора кыланна. Оҕонньор “туох ааттаах ир суолбун ирдиир курдук батыһа сылдьар көтөрүй” дии санаата. Моойторуга тугу эрэ билэн, кулгаахтарын чөрөҥнөтө-чөрөҥнөтө, туран кэллэ. Баайыыга турар ата кистээн дьырылатта, үргүбүттүү өрүтэ ыстаҥалаата. Ыта үрэр сирин диэки көрбүтэ, арай, туох эрэ хара боруоран көстөр. Ону өссө чарапчыланан көрбүтэ – кырдьаҕас илэ бэйэтинэн кэлбит эбит.
Түмээ батыйатын ылан, ыҥырыллыбатах ыалдьыты көрсөргө бэлэмнэннэ. Тыатааҕы харса суох хааман кэллэ уонна кэлин икки атаҕар турда, сыт ыла сатыырдыы олоотоото. Булчут көрдөҕүнэ, бу түбэни икки сыллааҕыттан буулаабыт, дойду оҥостубут түөһүгэр сулардыы моойтуруктаах, хара тыа маһын төргүү мутугунан үрдүктээх аарыма адьырҕа эбит. Кырдьаҕас булчут суостаах кыылтан дьулайа санаата, быһаарыылаах түгэн тирээбитин өйдөөтө. Ыта кыылы тула көтө сылдьан, үүйэ-хаайа тутан, сэниэлээхтик үрэр. Түбэһиэх ыт тыатааҕыга мордьойбот. Эһэ киҥэ-наара холлон, кэтит баппаҕайдарынан Моойторугу сыыһа-халты дайбыы сырыттаҕына, булчут түгэни туһанан, батыйатын угун сиргэ үчүгэйдик тирээтэ уонна сытыы биитин көрдөрүмээри, хонноҕун анныгар сыһыары тутан, бэлэм турда. Эһэ ыттыын охсуһа-охсуһа субу ыган кэллэ уонна сүр хатаннык кылана түһээт, киһи үрдүгэр ыстанна. Түмээ үөрүйэх баҕайытык кэннин диэки чинэрийээт, хонноҕуттан батыйатын күөрэс гыннарда. Онуоха кыыл, сэрэйбит курдук, баппаҕайынан батыйаны туора хаһыйда. Түмээ арыычча эрдэлээтэ. Тыатааҕы киһини кэтэҕиттэн харбаан, куйахатын тириитин сүүһүгэр тиийэ саралыы тарта. Моойторук эһэ арҕаһыгар хатана түһэн, кулгааҕын хадьырыйда. Адьырҕа онуоха ыкка аралдьыйан, киһини ыһыктан кэбистэ. Булчут саралыы тардыллыбыт тириитин оннугар саба уурунан баран, атын үрдүгэр түһэн, үүтээнинэн үргүлдьү өтөҕүн диэки айаннаата.
Өйүүнүгэр Түмээ уолаттара аҕаларын анныгар баттыы сыспыт кыылы ир суолун ирдээн, бултаан киллэрбиттэрэ. Ол тухары Моойторук биллибэтэҕэ, адьырҕа иччитин оннугар кинини дьаһайдаҕа. Кырдьаҕас булчут эрэллээх доҕорун олус аһыйбыта. Ыта мөлтөөн биэрбитэ буоллар, Түмээ сүүһүс эһэтигэр бэйэтэ баттатыахтаах этэ…