Оҕо сылдьаммын эбэм остуоруйатын, кэпсээнин истэрбин олус сөбүлүүрүм. Бэһис кылааска үөрэнэ сылдьан, түргэн үлүгэрдик дьиэм ис-тас үлэтин үмүрүтэ охсоот, эбэм иистэнэ олордоҕуна, тугу эмит кэпсииригэр көрдөстүм. Эбэм хайдах эрэ салгыбыт курдук көрбөхтүү түһэн баран, син биир кэпсэттэрэн арахсарбын билэр буолан буолуо, тугу эрэ толкуйдуур, өйдүүр курдук ырааҕы көрбөхтөөн ылла уонна иистэнэрин тохтоппокко, мин диэки сылаанньыйбыт харахтарынан имэрийэ көрөр-көрө, аа-дьуо кэпсээн барда.
Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
Кини ырааҕынан аймаҕа Түмээ диэн эсэһит киһи олорбут. Чахчы айылҕаттан айдарыылаах булчут эбитэ үһү диэн эбэм кэпсээнин саҕалаабыта.
Сайын саха дьоно улаханнык бултаабакка кыһыҥҥыга бэлэмнэнэр кэмнэрэ. Түмээлэр биэс ыанар ынахтарыгар уонна аҕыйах сылгыларыгар сыл тахсар отторун үмүрүтэр туһугар умса-төннө түһэ аҕай сылдьаллара. Хата, атырдьах ыйын ортотугар курааннаан син балачча оттоотулар.
Атырдьах ыйын бүтүүтэ түүн лаппа хараҥарар буолбута, от-мас хагдарыйбыта, күн сырылаччы тыгара мөлтөөбүтэ, хотугулуу-арҕааттан сөрүүн хахсаат тыалы кытта дөрүн-дөрүн, күн аайы да буолбатар, силбиктээх тымныы ардахтар түһэллэрэ элбээбитэ.
Дьон үксэ оттоон бүппүтэ эрээри, аны кыстыкка бэлэмнэнии түбүгэ субу тирээн кэлбитэ.
Түмээ быйыл күһүн 60-нун томточчу туолла. Кини күөгэйэр күннэригэр элбэх сиринэн-уотунан сылдьан бултаабыта-алтаабыта. Били, аатырар-сураҕырар Хондокууттарынан, Муостааҕынан… Билигин санаан көрдөҕүнэ, аны ол улуу түбэлэринэн сылдьар кыаҕа суох. Ол да буоллар чугас баар үүтээнигэр, Кэнэлийэ үрэх төрдүгэр, син биир тахса сылдьарга сананна.
Үүтээнэ кинини кэтэспит курдук аана тоҕо эрэ аһаҕас турара, оҕонньор дьиктиргии санаабыта. Арааһа, дьон кэлэ сылдьыбыт буолуон сөп, эмиэ да оннук сибики биллибэккэ дылы. Чэйин өрүнэн киирэ-тахса сырытта. Баар суох атаһа Моойторуга барахсан иччитэ тугу гынарын, хас хамсаныытын батыһа көрө сытар. Ол сырыттаҕына, эмискэ суор саҥарбыта. Бултуйарбын этэр буоллаҕа диэн оҕонньор үөрэ санаабыта. Сарсын хайаан да эһэ сохсолорун иитиэхтээх.
Сарсыарда тыҥ хатыыта чэйин өрүнэ олордоҕуна, эмиэ били көтөрбүт саҥарда. Кини улахан булчут. Бачча сааһыгар диэри тоҕуһуон тоҕус эһэни бултаан баран сылдьар. Сахаларга сүүһүс эһэни кытта көрсөр олус сэрэхтээх, кутталлаах суох, иккиэннэриттэн биирдэстэрэ…
Түмээ билигин да сааһыгар холоотоххо бэрт тэтиэнэх көрүҥнээх. Хойуу хаастарын түрдэһиннэрэн, күөхтүҥү харахтарынан сытыытык көрөн, тугу эрэ толкуйдуурдуу итии чэйин сыпсырыйан иһэ олордо. Бу өрүү сири-уоту кэрийэ барарыгар олохсуйан хаалбыт үгэһэ. Дьэ уонна сып-сап тэринэн, атын миинэн бултуур сирдэрин диэки айаннаата. Кэнэлийэ мырааныттан бу дойду барыта, ытыска ууран олорор курдук нэлэһийэн сытара. Оол ыраах тыалар быыстарынан от үрэхтэр киирэллэрэ ала-чуо хара дьирбии буолан көстөллөр. Кинилэр улаҕаа уҥуордарынан улуу түбэлэр салҕанан бара тураллар. Булчут атын үрдүттэн бу кэрэни, үтүөнү, киэҥ нэлэмэни көрө истэ.
Дьэ ити курдук айаннаан, бастакы сохсотугар кэлэн, дьаһайан-бөхсүйэн ииттэ. Ити сырыттаҕына, эмиэ били көтөрө кыланна. Оҕонньор соччо сөбүлээбэтэ, туох ааттаах ир суолбун ирдиир курдук батыһа сылдьар көтөрө буулаата диэн.
Киэһэриитэ соҕус бүтэһик сохсотун иитэн баран, тэйиччи чэйдии олордо. Моойторуга туга эрэ билбит курдук, кулгаахтарын чөрөҥнөтө-чөрөҥнөтө, туран кэллэ. Ата кистээтэ. Бааллан турар эрээри, туохтан эрэ куттанан өрүтэ ыстаҥалаата. Ыта үрэр сирин диэки көрбүтэ, арай туох эрэ хара барыаран көстөр. Ону өссө чарапчыланан көрбүтэ, кырдьаҕас эбит. Түмээ атыттан батыйатын ылан, ыҥырыллыбатах ыалдьыты көрсөргө бэлэм турда. Эһэ харса суох хардыылаан, бу тиийэн кэлэн, икки атаҕар турда уонна киһи диэки сытын ылар курдук тутунна. Булчут көрдөҕүнэ, бу түбэни икки сылтан бэттэх дойду оҥостубут түөһүгэр сулардыы моойторуктаах, хара тыа маһын төргүү мутугунан үрдүктээх суостаах адьырҕа кыыл эбит. Булчут ураты суостаах кыылтан дьулайа санаата. Кырдьык, эппиэттээх түгэн кэлбитин өйдөөбэ. Ыта, кыылы тула көтө сылдьан, үүйэ-хаайа тутар курдук үрэ сырытта. Дьэ, кырдьык, хорсун ыт. Мэнээк ыт итинник адьырҕаны утары барбат. Эһэ ыты абааһы көрөн, киҥэ-наара өссө холлорго дылы буолла, кэтит баппаҕайдарынан сыыһа-халты дайбаамахтаан, охсуталаан кэбиһэр. Булчут ити кэмҥэ батыйатын угун сиргэ үчүгэйдик тирээтэ уонна сытыы биитин көрдөрүмээри хоннугар анныгар сыһыары тутан бэлэм турда. Эһэ субу түһүөхчэ айылаах ыкса кэллэ. Сүр үлүгэрдик, киһи куйахата күүрүөх часкыйа, кылана түһээт, киһи үрдүгэр саба түһэрдии ыстанна.
Булчут, үөрүйэҕин курдук, кэннин диэки чинэрийэ биэрэн, хонноҕуттан батыйатын күөрэс гыннарда. Онуоха эһэ, сэрэйбит курдук, баппаҕайынан батыйаны туора садьыйан кэбистэ. Түмээ арыый да эрдэлээбит этэ. Эһэ ити кэмҥэ аһыытын килэтэн, киһи төбөтүн кэтэҕиттэн ылан, куйахатын сыҥааҕар тиийэ саралыы тардан кэбистэ. Бу чыпчалыйыах түгэҥҥэ Моойторук иччитин көмүскэһэн, эһэ арҕаһыгар хатааста түстэ да көмүллээбитинэн барбыта. Эһэ онуоха ыкка аралдьыйбыта. Булчут куйахатын оннугар саба быраҕынаат, атын үрдүгэр түһэн өтөҕүн быһар аакка түспүтэ.
Ыта кэлбэтэҕэ. Түмээ икки уола аҕаларын анныгар баттыы сыспыт адьырҕаны ир суолун ирдээн, бултаан киллэрбиттэрэ. Оттон Моойторук биллибэтэҕэ, эһэ баппаҕайыгар киирэн биэрээхтээтэҕэ. Булчут ытын олус аһыйбыта. Кини мөлтөөн биэрбитэ буоллар, Түмээ эһэ анныгар баттатыахтаах этэ диэн эбэм кэпсээнин түмүктээбитэ.
— Эбээ, Түмээ хаһан өлбүтэй, эн кинини көрбүтүҥ дуо?
— Ээ, тукаам, Сэбиэскэй былаас кэлэрин саҕана быһыылааҕа. Өлүөн икки сыл иннинэ, Быыраҕа олордохпутуна, тиһэх сырыытын ыалдьыттаан, хас да хонон ааспыта.