«Звездные войны» сага сахалыы саҥарыа
«Звездные войны» элбэх сиэрийэлээх киинэ «Эпизод IV. Новая надежда» (1977 с.) диэн чааһын сахалыы тылбаастыыллар. Маны кэнэҕэски информатик, ХИФУ устудьуона Георгий Антипин толкуйдаабыт. Сахалыы тыллаах 470 тыһ.тахса киһиэхэ анаан аан дойдуга аатырбыт киинэни төрөөбүт тылынан “саҥардар” баҕалаах. Тылбааһынан ХИФУ ХИНТуоКИ устудьуона Александр Гурьев дьарыктанар. Ахсынньыга тылбааһын бүтэрэр санаалаахтар, ол кэннэ киинэ нууччалыытыгар сахалыы хос саҥатын устуохтара.
2016 сылга 6 киинэ театра арыллар
Өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар сыл бүтүөр диэри алта киинэ театра арыллыаҕа. Итиниэхэ үбү-харчыны федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бюджеттарыгар көрөллөр. Билигин киинэ театрдара Үөһээ Бүлүүгэ, Аммаҕа, Намҥа үлэлээн эрэллэр. Үлэһиттэр Саха сирин үбүттэн-харчытыттан хамнастаныахтара. Быйыл киинэ фондата 100 тыһыынчаҕа диэри киһилээх нэһилиэнньэлээх пууннарга национальнай киинэни көрдөрүүгэ усулуобуйаны тэрийэргэ анаммыт куонкуруһу биллэрбитэ. Үөһээ Бүлүү, Амма, Уус Алдан оройуоннара куонкурус кыайыылаахтарынан буолбуттар.
Америкалары соһуттулар
Продюсер Марианна Скрыбыкина, режиссер Костас Марсан, оператор Искандер Иванов Лос-Анджелес куоракка Азия киинэлэрин фестивалыгар «Мой убийца» (дьиҥнээх аата “Сайсары күөлгэ”) киинэни сүрэхтээтилэр. Киинэ Asian World Film Festival куонкурус сүрүн бырагырааматыгар киирдэ. Көрөөччүлэр киинэни биһирээтилэр.
«АХШ дьоно-сэргэтэ Федор Достоевскай «Преступление и наказание» айымньытыгар холоотулар, Костаһы — Япония режиссеругар Акира Курасаваҕа тэҥнээтилэр, артыыстары, киинэ муусукатын уонна оператордар үлэлэрин хайҕаатылар. Ону таһынан киинэ бюджета улахана суоҕун сөхтүлэр», – диэтэ Марианна Скрыбыкина.
«Азия Оскарыгар» эрэнэбит
Режиссер Дмитрий Давыдов «Костер на ветру» сахалыы киинэтэ Азиатско-Тихоокеанскай киинэ академиятын анал бирииһигэр тиксиэн сөптөөх 5 киинэ иһигэр киирдэ. Кыайыылаахтары сэтинньи 24 күнүгэр Австралия Брисбен куоратыгар биллэриэхтэрэ. Бу бириэмийэни “Азия Оскара” диэн ааттыыллар. Бу иннинэ Канадаҕа «ImagineNative» норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ фестивалыгар бастыҥ драманан ааттаммыта. Кэриэйэҕэ Пусанскайдааҕы фестивалга эмиэ кыттыбыта. Киинэҕэ Саха сирин биир сэлиэнньэтигэр буолар быһыы-майгы көстөр. Сүрүн дьоруой Игнат соҕотох уолун кытта олорор, бытархай идэтинэн дьарыктанар. Биирдэ уола алҕас доҕорун өлөрөн кэбиһэр. Ол кэнниттэн икки аҕа иирсиитэ саҕаланар.
«Детсат» 10 сыла
“Гектар” киинэнэн “Детсат” (Дети Саха театра) айар холбоһук 10 сылын бэлиэтээтэ. Кэмиэдьиэйэ жанрдаах саҥа киинэ режиссерунан Игорь Говоров буолла. Игорь режиссер быһыытынан бастакы уопута. 10 сыл тухары “Детсат киинэтэ” диэн туспа бренд үөскээтэ. Уолаттар үлэлээбиттэрин тухары биир да сыл сынньанан көрбөккө, сылга биир-икки киинэни оҥорон таһаараллар. Барыта холбоон 16 киинэни устубуттар эбит. Дьон кутун туппут “Кэскил”, “Кыһын тымныы эрээри, дьоллоох дьоҥҥо ичигэс”, “Таптал”, “Көҥүл боотурдар” о.д.а киинэлэр элбэх көрөөччү тапталын ыллылар. “Махтал киһигин дии, эн”, “кэллибит, көрдүбүт, ыллыбыт, бардыбыт”, “айабыан”, “ваще не страдаю” тыллар аныгы саха күүннээҕи кэпсээнигэр киирдилэр.
Москва устудьуоннара сериал уһуллулар
«Мэлдьи эдэрбин» диэн ааттаах сериалы Москва куоракка үөрэнэр саха устудьуоннара уһуллулар. «Уот» диэн айар бөлөх тэринэн үлэлииллэр. Интернет ситиминэн сериал режиссерынаан Туйаара Копыловалыын кэпсэттибит: «Сериалбытыгар алта сүрүн оруол баар. Москваҕа үөрэнэ кэлбит саха устудьуоннарын олохторун, үөрэхтэрин, бэйэ-бэйэлэрин сыһыаннарын туһунан сериал. Үөрэхпит быыһыгар мустан устабыт, урут киммит даҕаны киинэ эйгэтигэр үлэлээбэтэх дьон буоламмыт, ыарахаттар бааллар», – диэн суруйар.