Биир сылга хас сахалыы киинэ тахсарын, арааһа, ким да ааҕан көрбөтөҕө буолуо. Ааспыт 2015 сылга официальнай ааҕыынан уон киинэ баар диэн буолбута. Ол эрээри, ол судаарыстыба бүддьүөтүттэн үбүлэммит, киэҥ экраҥҥа көстүбүт «улахан» киинэлэри эрэ аахтахха оччо. Оттон бүддьүөттэммэтэх, бэйэ устубут киинэтэ? Араас сылларга тыа сирин даҕаны, киин куорат даҕаны олохтоохторо бэйэлэрин кыахтарын киинэ устан Интернеккэ угалларын сэргии көрөөччүбүн. Мин саныахпар, ааттаах-суоллаах режиссердартан уратыта суох киинэлэри усталлар. Онон аҕыс киэҥ эйгэҕэ көстүбэккэ-биллибэккэ хаалбыт киинэлэр тустарынан сырдатарга сананныбыт.
«Таптал бэлэҕэ» Бу киинэни 2010 сыллаахха Уус Алдан улууһун Курбуһах нэһилиэгэр устубуттара. Режиссерунан култуура колледжын бастакы кууруһун устудьуона Александр Винокуров буолбута. Александр оскуола сааһыттан кыра кээмэйдээх киинэлэри устан, нэһилиэгэр тарҕатара. Биэс доҕордуулар түмсэн, «Курбуһах фильм» диэн бөлөх тэрийбиттэрэ. Доҕордуулар «Таптал бэлэҕиттэн» ураты “Истиҥ доҕор”, “Эдэр сүрэхтэр”, “Күн киириэн иннинэ» диэн киинэлэри утуу-субуу устубуттара. Киинэлэр бары диискэнэн уонна Интернетинэн тарҕаммыттара.
«Кэрэчээнэ»
Маннык ааттаах киинэни Ньурба куоратыгар уонча сыллааҕыта устубуттара. Сүрүн оруолларга оскуола оҕолоро оонньообуттара. Режиссерунан уонна сүрүн оруолу толорооччунан Хаарчаана Угапьева диэн кыыс үлэлээбитэ. Кэлин истибиппинэн Хаарчаана Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтугар режиссер идэтигэр үөрэммитэ. Оччотооҕу оскуола оҕотун холугар «истээх-тастаах» киинэ. «Кэрэчээнэни» сотору-сотору «Саха» НКИХ ханаалыгар көрөдөрөөччүлэр. Бэйэтин кэмигэр элбэх сиилээһини ааспыта эрээри, дьон билиҥҥээҥҥэ диэри ыйыталаһар, Интернеккэ хаһан угалларын күүтэр.
«Туллугум, дьоллоох буол»
Түөрт-биэс сыллааҕыта Сунтаар улууһун «Һунтаар һассыҥҥыта» диэн ыччатын түмсүүтэ устубут киинэлэрэ. Суруналыыс Мария Кобельянова сүрүн оруол уонна режиссер быһыытынан бастакы холонуута. Сураҕа, киинэни 2009 сыллаахха Элгээйигэ устан саҕааабыттар, онтон тохтобул кэнниттэн киинэлэрэ сүтэн хаалбыт. Онон саҥаттаан устаннар, тиһэҕэр бэртээхэй киинэни оҥорбуттар. Уустук дьылҕалаах дьахтар уонна оҕо туһунан социальнай тиэмэлээх интэриэһинэй, киһини уйадытар киинэ. «Туллугум, дьоллоох буол» Интернет саайтарга баар, булан көрүөххэ сөп.
«Дьылҕа икки суолугар»
2009 сыллаахха өрөспүүбүлүкэбитигэр ыччат сыла биллэриллибитигэр Бүлүүгэ уһуллубут киинэ буолар. «Панорама» телеустуудьуйа диэн дьоҕус устуудьуйа үлэлээн, бэрт кылгас кэм иһигэр устубут киинэлэрэ. Ыччат сылыгар анаммыт буолан, манна таптал, чөл олох, дойду, ийэ-аҕа уонна доҕордоһуу тиэмэтигэр уһуллубут. Сүрүн оруолларга Калистрат Григорьев, Варвара Гоголева, Гаврил Николаев оонньообуттара. Сэрэйдэххэ, Бүлүүтээҕи педагогическай колледжка устудьуоннаабыт оҕолор устубуттар быһыылаах. Интернет ситимигэр баар.
«Убай»
Россия киин куораттарыгар үөрэнэр саха устдуьонарын икки ардыгар «SakhaOscar 2013» диэн киинэ фестивала сылын ахсын ыытыллар. 2013 сыллаах фестивалга анаан Сибиирдээҕи судаарыстыбаннай геодезическэй академия төрдүс кууруһун устудьуона Антон Никиофров режиссердаан устубута. Киинэ ини-бии уолаттар тустарынан. Сүрүн оруолу Василий Винокуров оонньообута. Киинэни Интенернеттэн булан көрүөххэ сөп.
«Кыыс доҕор»
Хомойуох иһин, киинэни кимнээх, хас сыллаахха устубуттара биллибэт. Оскуолаҕа саҥа кыыс үөрэнэ кэлбитин туһунан оскуола үөрэнээччилэрэ устубут киинэлэрэ. Оскуола оҕолоро диэтэххэ, интэриэһинэй сюжеттаах, түргэн-тарҕан хаамыылаах, киһини умсугутар киинэ. Киинэни Интернет саайтартан булан көрүөххэ сөп.
«Кыыс М.Э.Т.»
Бу киинэни 2000 сыллар бүтүүлэригэр Намнааҕы педагогическай колледж устудьуоннара устубуттара. Устудьуон сырдык олоҕун көрдөрөр бэһиэлэй, эмиэ даҕаны киһини уйадытар киинэ. Сүрүн оруоллары Александра Говорова, Валентин Абрамов, Егор Неустроев толороллор. Үөрэх, уопсай олоҕо, таптал – устудьуон буолаары сылдьар оҕолорго саамай сөптөөх киинэ. «Вконтакте» саайтан булан көрүөххэ сөп.
«Тот, кого я никогда не знал» Бу киинэни «Gone rogue» диэн киинэ хампаанньата биэс-алта сыллааҕыта устубута. Режиссерунан Прокопий Бурцев үлэлээбитэ, сүрүн оруолларга Алексей Лукин уонна артыыс Герасим Васильев оонньообуттара. Киинэ былаһын тухары бу икки киһи олох араас кыһалҕаларын кэпсэтэллэр, ырыталлар, дириҥ, философскай ис хоһоонноох киинэ. Киэҥ экраҥҥа сүрэхтэниитэ буолбутун, буолбатаҕын билбэппин. Бу киинэн Клермон-Фераҥҥа буолбут киинэ фестивалыгар үрдүктүк сыаналаммыта. Киинэни Интернеттэн булуохха сөп.
Айтана АММОСОВА