-
Хас биирдии киһиэхэ ааспыт сайын умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтэҕэ буолуо. Кылгас, ол эрээри элбэх мүччүргэннээх, үөрүүлээх-көтүүлээх, ардыгар хомолтолоох да түгэн үс ый устата элбэҕэ. Олортон өйдөөн хаалбыппытын санаан ааһыах.
Виктор Лебедев Олимпиадаҕа кытынна. Ыам ыйын бүтүүтэ Дьокуускайга буолбут көҥүл тустууга Арассыыйа чөмпүйэнээтин кэнниттэн тустуук Виктор Лебедев Олимпиадаҕа кыттартан аккаастаммыта. Уһун сайыны быһа тустуукпут туһунан «Олимпиадаҕа барар үһү, барбат үһү» диэн ой дуораанын курдук истэ сылдьыбыппыт. Хата, күрэхтэһии саҕаланыа кылгас кэм иһигэр барыта быһаарылла охсон, Виктор олимпиец үрдүк атын сүкпүтэ. Мэтээл ылбатар даҕаны, кининэн син биир киэн туттабыт. Витя, кытаат!
Кэбээйигэ хаар түстэ. От ыйын 13 күнүгэр Кэбээйи улууһун Сэбээн Күөл нэһилиэгэр хаар түспүтэ. Учуонайдар айылҕа маннык дьаһаныытын итии уонна тымныы салгын харсыһыытын түмүгэр хаар түстэ диэн быһаарбыттара. «Сайын ортото хаар түстэ», – диэн соһуйбакка, хата, олохтоохтор хаар киһи оҥорон, хаартыскаҕа түһэн, ватсаабы толорбуттара.
Уйбаан Белолюбскай улахан спортан туораата. «Дыгын оонньууларын» сэттэ төгүллээх чөмпүйүөнэ Уйбаан Белолюбскай өр кэмнээх толкуйдааһын кэнниттэн быйылгы оонньууларга кыттарын туһунан биллэрбитэ. Уйбааны кытта 11 боотур икки күн устата илин-кэлин түһүспүттэрэ. Сэрэйдэххэ, Уйбаан кыттар буолан буолуо, «Туймаада ыһыаҕар» хаһан даҕаны тоҕуоруспатах элбэх киһи мустубута. Элбэх киһи Уйбааны син биир кыайыа диэн эрэнэр этэ, ол эрээри, саас ылар, утарылаһааччы даҕаны уолаттар күүстээхтэрэ, кыахтаахтара сүрдээх этэ. Кыайыылааҕынан Хаҥалас быһыйа Егор Филиппов тахсыбыта. Бу күрэхтэһиинэн Уйбаан улахан спортан туораата.
«Азия оҕолоро» VI спортивнай оонньуу буолла. Спортивнай оонньууга анаан Дьокуускай куораты билэ тупсарбыттара. Куорат олохтоохторугар саамай өйдөнөн хаалбыт тупсарыынан Кыыдаана уруһуйдара буолаллар. «MyTona» хампаанньа үлэһитэ Кыыдаана Игнатьева куорат дьиэлэрин сэргэхситэр былааннаах, уруһуйдары бэлоэмнээбитэ. Тэрийээччилэр ону бэлиэтии көрөн, ылынан, тута дьиэлэри уруһуйдаан барбыттара. Көрүөхтэн эриэккэс уруһуйдар элбэх ыалдьыт хараҕын сымнаттахтара буолуо. «Азия оҕолорун» кэмигэр өссө L‘One табыллыбатах кэнсиэрин уонна арыллыы кэмигэр полиция үҥкүүлээбитин өргө диэри саныы сылдьарбыт буолуо.
Бульдозерист Джек Лондоны «сахатытта». «Анаабыр алмаастара» хампаанньа бульдозериһа Павел Неустроев Джек Лондон айымньыларын сахалыы тылбаастаабыта. Павел Америка суруйааччытын айымньыларын оҕо сааһыттан сөбүлээн ааҕара эбит. Бульдозерист 12 чаастаах үлэтин быыһыгар соло булан, тылбааһынан дьарыктаммыт. Сайын Павел тылбаастаабыт кинигэтэ 2000 экземплярынан тарҕаммыта.
«Сайсары күөлгэ…» иккис тыынын ылла Бэс ыйын бүтүүтэ «Сайсары күөлгэ…» киинэ режиссера Костас Марсан, продюсер Марианна Скрыбыкина, композитор Николай Михеев уонна сүрүн оруоллартан биирдэрин оонньообут Галина Тихонова 38-с Москватааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ фестивалыгар кыттыбыттара. Фестиваль түмүгүнэн «Сайсары күөлгэ…» киинэ балаҕан ыйын 8 күнүттэн Арассыыйа киинэтин прокатыгар көстөр буолбута, бу аата саха киинэтин ол күнтэн ыла бүтүн Арассыыйа олохтоохторо бары киинэ тыйаатырдарыгар көрүөхтэрэ. Саха киинэтигэр улахан уонна дьоһуннаах ситиһии!
Саха сиригэр вайнердар түмүстүлэр. «Туймаада ыһыаҕын» кэмигэр Дьокуускайга норуоттар икки ардыларынааҕы вайнердар фестиваллара буолбута. Ол курдук, Дьокуускайга биллиилээх вайнердар Нурлан Батыров, Эльдана Сатыбалдиева уонна Queex хамаанда уолаттара буолан ыалдьыттаан барбыттара. Сураҕа, саха сүгүрүйээччилэрэ кинилэри кытта «селфилаары» Дьокуускайы биир гына сырсыбыттар үһү. Оттон вайнердар бэйэлэрэ билиниилэринэн, Саха сиригэр кэлэн барбыттарын кэнниттэн Инстаграмҥа сурутааччылара 10-нуу тыһ. киһинэн элбээбит.
14 мөлүйүөннээх Аал Луук Мас. Дьааҥыга Олоҥхо ыһыаҕа буолла. Манна анаан 13,9 мөл. солк. бүддьүөттээх Аал Луук Мас туттулар. Тымныы чыпчаала, Георафическай киин Дьааҥыны кытта ыкса сибээстээҕин быһыытынан, сир шарыттан (глобус) саха мындыр ойуулаах Аал Луук маһа үүнэн тахсыбытын мастан кыһан көрдөрдүлэр. Аны түүҥҥү өттүгэр тыһыынчанан лаампа сырдатар, киһи сүргэтин көтөҕөр эриэккэс көстүүнү Таатта мындыр маастардара оҥордулар.
Айтана АММОСОВА