ЭС-НОСТАЛЬЖИ: 90-с vs 2000-с сыллар кыргыттара

05.11.2018
Бөлөххө киир:

1990-2000 сс. кыыһа

Таҥаһа: Үгүс таҥаһын «Burda» сурунаал киэптэринэн бэйэтэ тиктэр, «варенка» джинсы ыстааннаах, тирии кууркалаах. Кытай табаарын дэриэбинэлэри кэрийэ сылдьан атыылыыр коммерсаннартан атыылаһар. «Adidas», «Nike» фирмалар Россияҕа саҥа кэлэн эрэллэр, биир эмэ кыыс фирма куопталаах, ыстааннаах.

Аһа-үөлэ: «Snickers», «Mars» уо.д.а. Америка сакалааттарын күндүлээн сиир, саҥа үөдүйбүт ыастары ыстыыр. Сарсыарда күөрчэх сиир, утуйаары сытан суорат иһэр.

Тыла-өһө: Сыыс тылы туттубакка сахалыы ыраастык саҥарар. Сахалыы уонна нууччалыы быһаарсар.

Истэр музыката: Айыы Уолугар сүгүрүйэр, Байбал, Аскалон Павлов, Николай Донской, Сахая, «Бабочкалаах уолаттар» ырыаларын эндэппэккэ билэр. Күүскэ сайдыбыт нуучча поп-бөлөхтөрүн «Руки вверх», «Иванушки», «Краски» уо.д.а. аудиокассетанан истэр.

Көрөр киинэтэ: Бразилия уонна Аргентина сериалларын киэһэ аайы көтүппэккэ көрөр. «Санта Барбара», «Друзья» артыыстарын ааттарынан билэр, «фанаттыыр». Джеки Чан оонньуур кэмиэдьийэлэрин уонна Арнольд Шварценеггер, Жан-Клод Ван Дамм уһуллубут боевиктар видеокассеталарын ыалларыттан уларсан көрөр.

Ааҕар кинигэтэ: «Эдэр саас» хаһыаты көтүппэккэ ааҕар, араас сурунаалларга сурутар, саха классик суруйааччыларыгар сүгүрүйэр. Саҥа сайдыбыт дьахтар поэзиятын интэриэһиргиир.

Тиэхиньикэтэ: Видео уонна аудиомагнитолалаах, тамагочи, тетрис оонньуурдаах, «Kodak» фотоаппараттаах, баҕар, пейджердаах да буолуон сөп.

Сынньалаҥа: Доҕотторун кытта матасыыкылынан хатааһылыыр, гитаранан ыллыыр, «Dandy» приставкаҕа оонньуур. Өрөбүл аайы дэриэбинэ ыччата буолан, кулуупка «таансылыыллар». Сайынын лапталыыр, «былаах былдьаһа» оонньуур.

Спорт: Бу эйгэҕэ сыһыаннаах кыргыттар хайыһардыыллар, теннистииллэр, мээчиктииллэр, саахыматтыыллар, сарсыарда сэрээккэ оҥороллор.

Бэйэни көрүнүүтэ: «Ruby Rose» косметика дьэрэкээн өҥнөөх кырааскатынан халтаһатын, кыһыл помаданан уоһун соттор, «химкаламмыт» баттахтаах, тыҥыраҕа кыһыл, халлаан күөҕэ лаахтаах. Кытай духуутунан ыстарынар.

Идэтэ: Учуутал, быраас буолуон ыраланар. Буҕаалтыр уонна атыыһыт идэлээх дьүөгэлэрдээх.

Таптала: Хаһыакка тахсыбыт биллэриинэн билсиһиэн, атын улуус уолаттарын кытта суруйсуон сөп. Сэмэй тапталлаах, үксүгэр бастакы тапталыгар кэргэн тахсар.

Олоҕу көрүүтэ: Үөрэхтэнэн, ыал буолан, оҕолонон, тыа сиригэр олохсуйуон баҕарар. Бэйэ хаһаайыстыбатын тэринэргэ дьулуһар.

2000-2015 сс. кыыһа

Таҥаһа: Таҥаһын үксүн дьиэтигэр олорон эрэ Интернет-маҕаһыынтан сакаастыыр. Таҥас төһөнөн сыаналаах даҕаны соччонон «курутуой» дии саныыр. Фирмаҕа, брендкэ болҕомтотун уурар. Киэһээҥҥи былааччыйатын ааттаах-суоллаах саха модельердарыгар тиктэрэр. Сахалыы киэргэллэри, оһуордаах таҥастары ордорор.

Аһа-үөлэ: Аһылыгын көрүнэр, сөптөөхтүк аһыыр, эбии аһылыгы, битэмиини сиир, ас калорийын ааҕар. Азиатскай куукунаны ордорор. Интернеттэн көрөн ас эгэлгэтин астыыр.

Тыла-өһө: Хас даҕаны омук тылын тэҥҥэ үөрэтэр. Сахалыы саҥаран иһэн нууччалаан барар, ол быыһыгар «selfie», “fake”, “show”, “trash” уо.д.а. омук тылын кыбытан ылар.

Истэр музыката: Рэп-хайысханы, тыыннаах доҕуһуолу сөбүлээн истэр. Saas Ustarынан «фанаттыыр». Рустам Хон, Ponsash, Дьулустаан Чуручанов, Алексей Потапов ырыаларын истэр. Омук ырыаһыттарын саҥа альбомнарын Интернеттэн «хачайдыыр».

Көрөр киинэтэ: «Ходячие мертвецы», «Игры престолов», «Доктор Хаус» уо.д.а. сериаллары көрөр. Киинэ театрыгар ыйга иккитэ-үстэ сылдьар. Сөбүлээбит киинэтин эмиэ Интернеттэн «хачайдаан» көрөр.

Ааҕар кинигэтэ: Электроннай кинигэтин ааҕар. Сессилия Ахерн, Харуки Мураками, Пауло Коэльо, Рэй Брэдбери курдук суруйааччылар айымньыларын ордорор. «Glamour», «Cosmopolitаn» сурунааллары көтүппэккэ атыылаһар.

Тиэхиньикэтэ: «Samsung» уонна «Apple» хампаанньалары ордорор. Планшеттаах, ноутбуктаах. Экзаменын микронаушник кэтэн баран туттарыан сөп. Аһын мультиваркаҕа буһарар.

Сынньалаҥа: Өрөбүллэригэр түүҥҥү кулууптары, рестораннары, кафелары кэрийэр. Интернеккэ социальнай ситимнэргэ олорон, доҕотторун кытта суруйсар, уолаттардыын билсэр. X-box, Sony Playstation приставкаларга уолтан итэҕэһэ суохтук оонньуур, быһаарсар. Омук дойдуларыгар сынньана барар.

Спорт: Спорт кулууптарга сылдьан дьарыктанар, фитнестиир, тайболуур. Аны, мас тардыһыан, муай-тайдыан даҕаны сөп. Тус тренердаах дьарыктанарын ордорор. Протеин иһэн, былчыҥ үүннэрэр.

Бэйэни көрүнүүтэ: Корея косметикатын ордорор. Салоннары кэрийэр. Массажка сылдьар. Олордуу тыҥырах, кыламан кэтэр. Уруһуй хаастаах, хараҕар өҥнөөх линзалаах буолуон сөп. Уоһун, түөһүн улаатыннарыан, бии оҥотторуон эмиэ сөп.

Идэтэ: Юрист, экономист идэтин баһылыыр. Бэйэ дьыалатын тэринэн, тутулуга суох буоларга дьулуһар, судаарыстыбаннай үлэһит дуоһунаһыгар тардыһар.

Таптала: Сокуонунан холбоһон, ыал буоларга ыксаабат. Хас даҕаны уолу кытта тэҥинэн сылдьыан, кэргэн тахсыбакка эрэ оҕолонуон сөп.

Олоҕу көрүүтэ: Киин сиргэ талаһар, хас даҕаны үрдүк үөрэххэ үөрэниэн баҕарар. Үөрэммэккэ эрэ кэргэн тахсыан, оҕолонуон сөп.

Айтана АММОСОВА, Надежда САМСОНОВА

+1
2
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0