Эркин Алексеев: “Саха сирэ — аан дойду хомуһун киинэ!”

Бөлөххө киир:

Үгүс саха киһитэ хомус туһунан олус судургу өйдөбүллээх — төрүөҕүттэн истэ үөрэммит, куруутун харах далыгар баар үнүстүрүмүөнэ буоллаҕа дии. Биирдэ эмэ тииһигэр даҕайан охсон көрбөтөх киһи бу диэн ахсааннаах буолуохтаах.

Ол эрэн, хайдах үөскээбит тэрилий, ханнык дойдуларга ханыылааҕый, ханнык көрүҥнэргэ арахсарый, диэн ыйытыыларга сөптөөх харда биэрэр киһи наһаа элбэҕэ суох. Ону көннөрүөх тустаахпыт — аан дойдуга Саха сирэ варган диэн ааттанар үнүстүрүмүөннэр сүрүн кииннэринэн биллэр. Онон ыраата-тэйэ сырыттахха, токкоолоспут дьоҥҥо сөптөөх быһаарыылары биэрэр, санааҕа да астык буолуо этэ буоллаҕа.

Ити курдук толкуйдаах, хомуһу өр кэмтэн чинчийэ сылдьар, Хомус мусуойун үлэһитигэр, биллэр хомусчукка Эркин Алексеевка ыйытыылары бэлэмнээн тиийэ сырыттым.

Хомус мусуойа олохтоммута 30 сыла

— Хомус мусуойун ким, хаһан тэрийбитэй?

— Хомус мусуойун төрүттэбит киһинэн Иван Егорович Алексеев-Хомус Уйбаан буолар. Кини өссө ааспыт үйэ 60-с сылларыгар Сергей Черемкин диэн суруналыыс киһилиин СГУ иһинэн “Алгыс” диэн ааттаах ансаамбыл тэрийэн, хомус муусукатын тилиннэрэн, сайыннаран барбыт. Бу бөлөхтөн элбэх– биллиилээх хомусчуттар тахсыбыттара, олор истэригэр Петр Оготоев, Альбина Дегтярева, Спиридон Шишигин.

1988 сыллаахха Бүтүн Сойуустааҕы научнай кэмпириэнсийэ ыҥырыллан, хомус сайдыытын туһунан ырытыы буолбута. Онно Хомус Уйбаан хомус мусуойун тэрийии туһунан өр сыллар устата илдьэ сылдьыбыт барылын дьоҥҥо билиһиннэрбит. Түмүгэр мусуой тэриллиитэ наадалааҕын туһунан резолюция Саха АССР бырабыыталыстыбатын аатыгар түһэриллибит. Оччотооҕу кэмҥэ үрдүкү былааска олорор дьон сөпсөһөн, үп көрөн, мусуой аһыллыытыгар аналлаах үлэлэр барбыттар.

Мусуой маҥнайгы экспонаттарынан Хомус Уйбаан бэйэтин кэллиэксийэтэ буолбут. Элбэх дойдуларга гостуруоллуу сылдьан аҕалбыт 30-тан тахса араас омук варганын, былыргы уонна аныга саха хомустарын мусуойга бэлэхтээбит. Экспонат киириитин кинигэтиттэн көрдөххө, маҥнайгылар истэригэр Иван Захаров-Кылыадьы Уус бэйэтин оҥоһуктарын туттарбыт. Кини удьуор хомус ууһа, 1975 сыллаахтан уһаммыт, икки тыллаах саха хомуһун сөргүппүт, хомус тыаһын өр сылларга чинчийбит улахан киһи. Ити курдук, 1990 сыл сэтинньи 30 күнүттэн Хомус мусуойа арыллыбытынан ааҕыллар.

Хомус диэни билбэт норуот аҕыйах

— Хомус мусуойун түмэлигэр төһө экспонат билигин баарый?

— Билигин биһиги түмэлбитигэр 1 700-тэн тахса араас омук хомустара бааллар. Оттон экспонаттар уопсай ахсааннара 10 000-ча диэки. Аҥаардас Саха сирин хомуһа 600-тэн тахса баар. Бу — араас уустар хомустара, былыргы хомустар, аатырбыт дьон хомустара. ХХ үйэҕэ хомус уустара бу үнүстүрүмүөнү чинчийэн, тыаһын көрдөөн, элбэхтэ эспэримиэннээн, араас дьикти быһыылаах, тыастаах хомустары оҥорон таһаарбыттар. Билигин хомус дьиҥ быһыытыттан ыраатар тургутуулар аҕыйаатылар эрээри, хас биирдии уус бэйэтин хатыламмат дорҕоонун көрдөөн, чинчийиилэрин уураппат. Онон хас биир хомус ураты тыастаах, икки үүт-үкчү хомуһу булбаккын.

— Хас омук хомуска майгынныыр муусука тэриллээҕий? Төһө былыргы тэрилий?

— Бу туһунан олус дириҥник хасыһан, АХШ учуонайа Фредерик Крейн үөрэппитэ. 1955 сыллаахтан варган устуоруйатын интэриэһиргээн үөрэппит киһи, Азия, Америка, Европа варганнарын чинчийэн, бу үнүстүрүмүөн былыргытын дуостал быһаарыыга кэлбит. Кини эппитинэн, билигин олорор 200-чэ омукка хомус ханыыта үнүстүрүмүөн эбэтэр баар, эбэтэр аҕыйах кэм анараа өттүгэр баар эбит. Саамай былыргы хомус Монголия сиригэр булуллубут.

Хунну диэн ааттанар омук олорбут сиригэр биһиги кэммит иннинээҕи IV-III үйэлэргэ уҥуохтан оҥоһуллубут тэрил. Ол эрэн, эрдэтээҥҥи хомус тыһыынчанан сыллар анараа өттүлэригэр айыллыбыта сабаҕаланар. Маҥнайгы хомус Соҕуруу-Илиҥҥи Азияҕа айыллыбыт буолуон сөп, бамбук тырыыҥкатыттан оҥоһуллубут олус судургу үнүстүрүмүөн. Билигин даҕаны оннук моһуоннаах хомустар араас норуоттарга бааллар. Оттон эрдэтээҥҥилэр, мас мас курдук, симэлийдэхтэрэ.

— Оттон саха хомустарыттан муҥутуур былыргыта хаһыс үйэттэн баарый?

— Хомойуох иһин, түҥ былыргы саха хомуһун булар олус уустук эбит. Археологтар булбут чахчы бигэргэммит былыргы икки хомус баар, XVIII–XIX үйэнэн ааҕыллар үнүстүрүмүөннэр. Биирдэрэ Мангазея остуруогуттан көстүбүтэ. Онтон сылтаан сорох чинчийээччилэр “Хомуһу сахалар нууччалартан ылбыт буолуохтарын сөп” диэн сабаҕалыыллар. Урукку кэм этнографтара, холобур, Ричард Маак эмиэ ити курдук санаалаах суруктары хаалларбыт. Ол эрэн, ити толкуй оннута суоҕун дакаастыыр туоһулар элбэхтэр. Аҥаардас сахалыы аата түүр омуктарга дьүөрэлэһэрэ, “варган” буолбакка, “хомус” диэн ааттанара, хомус сахалар дьиҥ былыргы тэриллэрэ буоларын дакаастыыр.

Аныгы хомус былыргыттан ордук тыастаах

— Былыргы хомус төһө чуор тыастааҕа буолуой?

— Урукку саха хомуһун билиҥҥи киһи иһиттэҕинэ, тыаһын мыынара буолуо дии саныыбын. Былыргы хомус бүтэй, чуумпу дорҕоонноох тэрил этэ. Дьиҥэр, хомуһу тардааччы бэйэтигэр эрэ анаан оонньуур этэ, кэнсиэрдиир сааланы тыаһынан толорор сыала суоҕа. Били ахтан ааспыт Маак биир дьиктиргээбит суолун суруйбута баар. Сороҕор саха киһитэ хомуһу күнү быһа тохтообокко тардарын туһунан суруйбут. Бэйэтин үйэтин киһитэ буоларын быһыытынан, маны “дьиикэй омук солуута суох дьарыга” курдук ахтан аһарбыт эрээри, билигин өйдөөтөххө, күнү быһа хомуһунан оонньооһун дириҥ медитация биир көрүҥэ буолара көстөр.

Былыр “хомус ууһа” диэн туспа идэ суоҕа, тимир ууһа, быһаҕы, батаһы, үүнү тэҥэ, хомуһу кытта таптайан таһаарара. XX үйэҕэ эрэ анаан-минээн хомуһунан дьарыктанар дьон баар буолбуттара. Уонна баччааҥҥа диэри сайыннаран, үтүө дорҕоону көрдөөн, билигин саха хомуһа аан дойду үнүстүрүмүөннэриттэн ураты мааны тыастаахтара, ордуктара буолар.

— Атын омуктар эмиэ бэйэлэрин варганнарыгар кэнники кэмҥэ улахан болҕомтолорун ууран эрэллэр дуу?

— Ити кырдьык, баар суол. Арассыыйаҕа бастаан 80-с сылларга, “варган Уһук Хоту норуоттар үнүстүрүмүөннэрэ” диэн стереотип үөскээбитэ, ону кытта уопсай сэргээһин баар буолбута. “Ансамбль Покровского” диэн бөлөх нуучча варганын сөргүтүүнэн дьарыктаммыта. Кинилэр артыыстара манна кэлэн хомуска оонньуурга үөрэнэн барбыттара. Иван Егорович кинилэргэ саха хомуһун бэлэхтээбит этэ, “бу саха хомуһа” диэн биллэрэр буолуҥ диэн. Ол эппитин тутуспаттарыттан хомойор этэ.

Оттон киэҥ маассаҕа варган тарҕаныытыгар Алтай норуотун хомуһа улахан оруоллаах. Ити хомус тарҕаныытыгар эмиэ сахалар улахан өҥөлөөхпүт диэххэ наада. Кинилэр төрүт хомустарын сүтэрэ сылдьыбыттара. Ону Алтай композитора Владимир Кончев кэлэн, саха аатырбыт ууһугар Пантелеймон Борисовка алдьаммыт комус диэн ааттыыр тэриллэрин аҕалан сөргүтэргэ көмөлөһөрүгэр көрдөспүт. Оннук, саха ууһун кытта үлэлэһэн, алтайдар комустара саҥа тыыннаммыта.

Кэнники Поткиннар диэн ини-бии уустар ити тэрили чэпчэкитик уонна түргэнник оҥорор ньыманы буланнар, олус элбэх алтайскай комус оҥорбуттара, онон хомус тыаһын кэрэхсиир дьон маҥнайгы тыаһатар үнүстүрүмүөннэрэ буолбута.

Элбэх чинчийэр, түмэр үлэ биһигини күүтэр

— Билигин Хомус мусуойа хайа диэки сайдарый?

— Хомус туһунан чинчийии, билии хаҥаан иһэр, маны барытын сааһылыыр, түмэр научнай үлэни ыытыахха наада. Билигин даҕаны хомуска сыһыаннаах анал научнай үлэ сурулла илик. Биһиги мусуойбут аан дойду үрдүнэн соҕотох судаарыстыбаннай статустаах, ону таһынан, саамай улахан хомус түмэлэ буолар, оттон биһиги дойдубут хомус сайдыытын киинэ буолар. Онон бу таһымы ыһыктыбакка, өссө сайда туруохтаахпыт.

Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0