Сомоҕолоһуу сылынан сибээстээн, Эркээни хочотун баһылыктара уонна дьокутааттара сонун тэрээһиҥҥэ түмсэн, бэйэни салайыныы историятыгар сонун сүүрээни киллэрдилэр.
edersaas.ru
Ол курдук, нэһилиэктэр бибилэтиэкэрдэрин көҕүлээһиннэринэн Михаил Николаев архыып-бибилэтиэкэтигэр «Кэм төрөппүт символлара» диэн ааттаах брейнг-ринг бэрт үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.
Тэрээһин 2019 сыл Хаҥалас улууһугар сахалартан бастакы Дьаһааҕы тэрийэр хамыыһыйа дьокутаата, судаарыстыбаннай диэйэтэл, Хаҥалас улууһун бастакы аҕа баһылыга Софрон Сыранов төрөөбүтэ 300 сылын бэлиэтиир уонна улуус ытык сирдэрин харыстыыр, араҥаччылыыр дьаһалларын ылыныы сылынан биллэриллиитигэр ананна.
Күрэскэ Төхтүр, Өктөм, Уулаах Аан, Нөмүгү нэһилиэктэрин дьокутааттара уонна баһылыктара кыттыыны ыллылар. Күрэстэһээччилэр биэс хамаандаҕа арахсан күөн көрүстүлэр. Баһылыктар туспа биир хамаанда буолбуттара оонньууну ордук тыҥааһыннаах, өрө көтөҕүллүүлээх оҥордо.
Күрэһи «Күбэйэ» дьахталлар түмсүүлэрин салайааччыта С.Р. Харлампьева ыытта. Дьүүллүүр сүбэҕэ Р. Р. Платонова, С. В. Громова, Н. П. Капитонова үлэлээтилэр. Кыайыылааҕынан баһылыктар хамаандалара таҕыста.
Уулаах Аан нэһилиэгин олохтооҕо, сцена бэтэрээнэ, Т.П. Слепцова кэрэ куолаһынан тэрээһини киэргэттэ. “Хаҥалас улууһа” муниципальнай тэриллии култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын салайааччыта С. В. Громова тэрээһини тэрийбит бибилэтиэкэрдэргэ —М.Е. Павловаҕа (Өктөм), С.Е. Никитинаҕа (Чапаев), Е.М. Герасимоваҕа (Төхтүр), нэһилиэктэр баһылыктарыгар махталын тиэртэ уонна кэлэр өттүгэр бу бырайыагы кэҥэтэн, улуус таһымыгар таһаарарга баҕа санаатын эттэ. Өктөм нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, бэтэрээн бибилэтиэкэр З.В. Иванова баһылыктарга уонна дьокутааттарга үлэлэригэр үрдүк ситиһиилэри баҕарда, инникитин да маннык сомоҕолоһуулаах буолалларыгар ыҥырда.
Тэрийэр бөлөх аатыттан күрэс үрдүк таһымҥа ыытылларыгар күүс-көмө буолбут баһылыктарга, бириистэри туруорбут Улуустааҕы киин бибилэтиэкэҕэ, “Хаҥалас улууһа” муниципальнай оройуон культураҕа уонна духуобунай сайдыыга управление салайааччытыгар С.В. Громоваҕа, Михаил Николаев архыып-бибилэтиэкэтин бибилэтиэкэрдэригэр уонна исписэлиистэригэр, Уулаах Аан, Нөмүгү нэһилиэктэрин бибилэтиэкэрдэригэр, Өктөм нэһилиэгин уопсастыбанньыктарыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Матрена ПАВЛОВА,
Хаҥалас улууһа, Өктөм нэһилиэгэ.
«Cаха сирэ» хаһыат, edersaas.ru